Пленарнай мунньахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыга Айсен Николаев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин прокурорун э.т. Сергей Губин, сенатор Александр Акимов, Конституционнай Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Петр Гоголев, быыбар Киин хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Евгений Федоров, судаарыстыбаннай сүбэһит, бастакы, иккис уонна үһүс ыҥырыылаах Ил Түмэн дьокутаата, өрөспүүбүлүкэ бочуоттаах гражданина Климент Иванов, «Ытык сүбэ» салайааччыта Люлия Григорьева, о.д.а. ыҥырыылаахтар бааллар.
Бэбиэскэҕэ 14 боппуруос, ыҥырыы бастакы мунньаҕа буоларын быһыытынан, парламент саҥа олуктарын уурар, тутулун чопчулуур уонна кэлэр биэс сыллаах үлэни-хамнаһы торумнуур боппуруостар киллэриллибиттэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0