Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -39 oC

«Урут наар тура-тура, бары «Дьулуруйар Ньургун Боотуртан» быһа тардан ааҕар эбит буоллахтарына, кэлиҥҥи кэмҥэ репертуардара кэҥээн иһэрэ хайҕаллаах. Ити сылын аайы олоҥхо кинигэлэрин бэчээттэтэн таһаартарарбыт үтүө түмүгэ: үйэтитии үлэтин көдьүүһэ көһүннэ», — диэн этилиннэ кулун тутар 30 күнүгэр Дьокуускай куорат «Арчы дьиэтэ» култуура духуобунай киинигэр ыытыллыбыт «Уруйдан, улуу олоҥхобут!» күрэс-бэстибээлгэ.

«Урут наар тура-тура, бары «Дьулуруйар Ньургун Боотуртан» быһа тардан ааҕар эбит буоллахтарына, кэлиҥҥи кэмҥэ репертуардара кэҥээн иһэрэ хайҕаллаах. Ити сылын аайы олоҥхо кинигэлэрин бэчээттэтэн таһаартарарбыт үтүө түмүгэ: үйэтитии үлэтин көдьүүһэ көһүннэ», — диэн этилиннэ кулун тутар 30 күнүгэр Дьокуускай куорат «Арчы дьиэтэ» култуура духуобунай киинигэр ыытыллыбыт «Уруйдан, улуу олоҥхобут!» күрэс-бэстибээлгэ.

Чахчыта да, быйыл түөлбэ олоҥхотун толоруу элбээбит. Ол эрээри дьүүллүүр сүбэ кыттааччы эр дьон аҕыйаҕын бэлиэтээтэ. «Уол аймаҕы тардыахха наада. Атын омуктарга эпоһы толорууга дьахталлары букатын чугаһаппаттар ээ. Биһиэхэ бухатыыр оруолун кытта дьахтар толорор буолла», - диэн оруннаахтык эттэ бэрэпиэссэр Василий Илларионов.

6_copy_copy_copy_copy_copy.jpg

Ити санааҕа култуура эйгэтин тыыннаах номоҕо Надежда Толбонова сөпсөһөрүн биллэрдэ:

- Бу күрэх ыытыллыбыта ыраатта. Онон эр киһи персонаһын эр киһи толороро уолдьаста.  Эһиил, холобура, Айыы бухатыырын дьахтар толордоҕуна, тута баал көҕүрэтиэхпит. Уонна ким тугу саҥарарын-туойарын үллэстии тэҥ кээмэйдээх буолара ордук. Сорохторго сүрүн дьоруой 1-2 этиилээх, ол оннугар абааһылара күннүүллэр, хаста да төхтөрүйэн «иһиликпин-таһылыкпын» буолаллар.

Мин ким хайдах кыттыбытын барытын сурунан иһэр идэлээхпин. Бэлиэтээһиннэрим маҥнайгы күрэхтэртэн саҕалаан бааллар. Быйылгыга этиэм этэ, ырыаны-тойугу наһаа биир күдьүс тэҥ тэтимнээхтик толороҕут диэн. Куолаһы оонньотуҥ. Олоҥхо 60 бырыһыана – ырыа-тойук, 40%-на – сэһэн-кэпсээн. Эһиэнэ Айыы Умсуургут барыгыт киэнэ олох марш курдук. Дьиҥэр, налыччы ылланыахтаах. Биитэр абааһыларгытын ылан көрүөххэ. Кинилэр да киэнэ сыыйа «дьалкыйан» барыахтаах.

Аны туран, дьоһуннук туттан олоруҥ. Үксүгүт бүк түһэн олорор. Онно туох тойуга тахсыай? Бу чааһыгар дьохсоҕоттору холобур оҥостуҥ. Салайааччылара Афанасий Попов, бэйэтэ вокалист буолан, дьонун тыын ылалларын истэ-көрө олорор. Көнөтүк туттан олорон туойар буоланнар, дорҕоонноро киэҥ, чуолкай, эҥээркэй. Бу этиилэрбин Олоҥхо ыһыаҕар диэри учуоттуургут буоллар, — диэн итэҕэһи-быһаҕаһы ыйда.

Оттон Артем Тарабукин бөлөҕ­үнэн толоруу диэн ансаамбыл буоларын санатта. «Бэйэ икки ардыгар хардарыта сибээс баар буолуохтаах. Тылбын эрэ умнубатах киһи диэн, олох атыны саныы олороргут биллэр. Дьиҥэр, бэйэ-бэйэҕитин истиһэ, сэҥээрэ олоруохтаах этигит», — диэтэ.

7_copy_copy_copy_copy_copy_copy.jpg

Ирдэбил кытаатар – таһым үрдүүр

Биллэн турар, сылтан сыл ахсын таһым үрдүү турар, ол сиэринэн ирдэбил да кытаатар. Онон ити этиилэр, нууччалыы эттэххэ, конструктивнай кириитикэ быһыытынан ылыныллан, кэлэр күрэхтэһиигэ өссө сайдан-тупсан иһиэхтэрэ.

Оттон уопсай саба быраҕан көрдөххө, бары да бэртээхэйдик кытыннылар. Ол эрээри уопуттаах дьүүллүүр сүбэ, күнү быһа болҕойон истэн, бастыҥнары быһаарда.

Бөлөҕүнэн кыттыгас толорууга:

I үрдэл – «Дьолуо» бөлөх (Таатта, сал. Л.К. Цой);

 II үрдэл – «Дьохсоҕон олоҥхоһуттара» (Таатта, сал. А.Н. Попов);

III үрдэл – «Утум» (Сунтаар, сал. М . А. Тараярова).

Быйыл Дьиэ кэргэн сылыгар Амма улууһун Сатаҕайыттан Орловтар дьиэ кэргэн куолаан толорууга холонон көрбүттэрэ хайҕаллаах. Кинилэргэ «Олоҥхоһут дьиэ кэргэн» диэн анал аат иҥэрилиннэ.

Биирдиилээн толорууга:

I үрдэл – Кириллина Анна (Амма);

II үрдэл – Цыпандина Вера (Нам);

II үрдэл – Эконова Наталия (Сунтаар);

III үрдэл – Харлампьева Каролина (Бүлүү);

III үрдэл – Спиридонов Гаврил (Мэҥэ Хаҥалас);

III үрдэл – Толстоухов Петр (Чурапчы).

«Кылаан Чыпчаал» үрдүк ааты Чурапчы Мырылатыттан Христофоров Анатолий Николаевич ылла уонна Олоҥхо ассоциацията туруорбут 40 тыһыынча суумалаах сэртипикээтинэн наҕараадаланна.

 Анал ааттар:

«Олоҥхону бэйэ айыыта» – Макарова Изабелла (Чурапчы);

«Дьүрүскэн куолас» – Яковлева Александра (Сунтаар);

«Көрөөччү биһирэбилэ» – Романова Александра (Дьокуускай);

 «Саҥа аат» – Софронеева Анастасия (Хатас).

«Түөлбэ олоҥхотун толорооччу» – Степанова Аксинья (Мэҥэ Хаҥалас);

«Бастыҥ уһуйааччы» – Алексеева Дария (Горнай);

«Эдэр толорооччу» – Шестаков Альберт (Таатта);

«Ытык олоҥхоһут» – Попов Афанасий (Таатта);

«Түөлбэ олоҥхотун толорооччу»– Кладкин Сергей (Таатта);

«Уран тыллаах толорооччу» –Цой Людмила (Таатта);

«Олоҥхо ырыатын бастыҥ толорооччу» – Егорова Мария ( Таатта);

«Эдэр толорооччулар» – «Ай-тыл» бөлөх (Нам);

«Ыллам ырыалаах толорооччу»– Соколова Валентина (Дьокуускай);

«Кэрэхсэтэр толорооччу» – Борисова Вера (Амма);

«Олоҥхону бастыҥ айыы» – Дьячковскай Николай (Чурапчы).

Бу биһирэммиттэр бары сайын Олоҥхо ыһыаҕар кыттарга ыҥырыылары туттулар.

-- Бэс ыйын 19-21 күннэригэр Аммаҕа ох курдук оҥостон, күүскэ бэлэмнэнэн барыахпыт. Мин 17 сыл Бүлүү Тааһаҕарыгар үлэлээн, элбэх оҕону саха фольклоругар уһуйбутум. Холобура, «Олоҥхо-баттл» кыайыылааҕын, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр оһуохайдьыты, «Дархан этээччини» – Стас Иванову. Дойдутугар Горнай Бэрдьигэстээҕэр көһөн кэлээт, «Алгыс»фольклорнай түмсүүнү тэрийэн, уонча сыл үлэлэттим. Солоҕонтон төрүттээх наһаа үчүгэй дьүөгэлиилэргэ таба тайанаммын, түөлбэ олоҥхоһуттарбыт Сэмэн Алексеев-Уустарабыс уонна Николай Тарасов олоҥхолорун толоробут. Даниловтар ааттарынан Духуобунас киинэ миигин 2023 с. Ил Дархан стипендиятыгар түһэрэн, махталым бэлиэтигэр баҕабынан босхо куруһуок ыытабын. Ону сэргэ оскуолаҕа оһуокайы үөрэтэргэ аҕыйах чаастаахпын, — диир «Бастыҥ уһуйааччы» ааты ылбыт Дария Алексеева.

8_copy_copy_copy_copy.jpg

Олоҥхонон тыынан...

Өскөтүн аммалар билигин Олоҥхо ыһыаҕынан тыынан олорор эбит буоллахтарына, толорооччуларга да тоҕоостоох түгэн бу күннэргэ элбэх. Ол курдук, олоҥхону олоҕурбут төрүт үгэһинэн биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн толорууга туһуламмыт «Уруйдан, улуу олоҥхобут!» бэстибээл иннинээҕи күн өрөспүүбүлүкэ үөрэнээччилэригэр «Олоҥхо дойдутун оҕотобун” күрэх буолла.

Аны туран, Мэҥэ Хаҥалас улууһун I Тыыллыма нэһилиэгэр ХИФУ бэрэпиэссэрэ Галина Попова-Санаайа бырайыагынан сылын аайы ыытыллар «Куйуур олоҥхото» күөн күрэс тэрилиннэ. Манна 18-35 диэри саастаах  ыччат, араас улуустан тоҕуоруһа мустан, икки күн устата күрэхтэстэ. Түмүккэ «Кылаан чыпчаал» үрдүк аатын Олоҥхо тыйаатырын артыыһа Гаврил Мэҥкээрэп ылла. Киниэхэ 80 тыһыынча солкуобай суумалаах сэртипикээт туттарылынна.

Өссө биир үөрүүлээх сонун – кулун тутар 29 күнүгэр Олоҥхону чинчийэр үнүстүүт «НОО!: олоҥхону олоҕурбут ньыманан толоруу холобурдара» диэн мобильнай сыһыарыыны сүрэхтээтэ. Барыта 33 олоҥхоһут 117 олоҥхотун ырыата уонна 56 олоҥхолорун сэһэнэ киирдэ. Ол иһигэр 120 сыл анараа өттүгэр Орто Халымаҕа уһуллубут «Оҕо Тулаайах» (Иван Петров) уонна «Эр Соҕотох» (Федор Винокуров) олоҥхолор кытта бааллар.

Саха улуу олоҥхотун тыыннаах дорҕоонун киэҥ эйгэҕэ таһаарар, тарҕатар, куйаар ситимигэр үйэтитэр, сыыппара көрүҥэр көһөрөр аналлаах оҥоһуллубут мобильнай сыһыарыыны бу https://play.google.com/store/apps/details?id=com.alaas.olonkhosamples сигэнэн киирэн, төлөпүөҥҥүтүгэр туруоран истиэххитин сөп.

       Ити курдук, киһи аймах чулуу айымньытынан ааттаммыт олоҥхобутун аныгы сахалар култуурунай кодпут, тирэнэр итэҕэлбит, олохпут оҥкула оҥостон, өрө тутан, утумнаахтык үлэлии сылдьаллара хайҕаллаах.

Анисия ИЕВЛЕВА,

суруналыыс, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Общество

Как распознать мошенников

«Как только мы начинаем задавать вопросы, мы начинаем думать, поэтому всегда задавайте…
10.12.24 09:34