Аммаҕа бурдугу үүннэрии дириҥ устуоруйалаах. Ол курдук, 1652 сыллаахха Иван Акинфов воевода сорудаҕынан, бурдугу үүннэриини сайыннарар сыаллаах, Дьокуускайга үлэлии сылдьар Богданов диэн киһи алта сыылынайы кытта Аммаҕа кэлбитэ. Бу сылтан ыла Амма Солобуодата төрүттэммитинэн ааҕыллар. 1672 сыллаахха Кирилл Яковлев, Матвей Семенов, Яков Касьянов, Петр Афанасьев дьиэ кэргэттэригэр судаарыстыба сириттэн бурдук ыһарга диэн анаан сирдэри биэрбиттэрэ. Онтон ыла Аммаҕа килиэби астааһын саҕаламмыта.
Билиҥҥи кэмҥэ үрдүкү салалтабыт тас дойдулартан киирэр бородууксуйаны бэйэбит оҥоһукпутунан солбуйарга сыал-сорук туруорар. Маныаха, Амма бурдуга өрөспүүбүлүкэ брендэтинэн буолара олус тоҕоостоох уонна наадалаах. Ил Дархан Айсен Николаев «Республика Саха» VK-ханаалга тахсыбыт сэлиэһинэй бурдугун оҥорон таһаарыы сайдыытын туһунан интервьютугар этэринэн, бурдугу өлгөмнүк үүннэрэн, бурдуктан оҥоһуллубут бородууксуйаны батарарга, тас дойдуларга таһаарарга уонна тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир тэрилтэлэр бу бэйэ бородууксуйатын ылалларыгар сөптөөх мэхэньииһим оҥоһуллуохтаах. «Оҥорон таһаарар бородууксуйа, чуолаан, сүөһү уонна сылгы иитиитигэр туттуллар комбикуорумнар, куорма булкааһа ырыынак ирдэбилигэр эппиэттэһэр буолуохтаахтар. Оччоҕуна, дьэ, бу Амма, Өлүөхүмэ о.д.а. улуустар бэйэ бородууксуйатын оҥороллоро элбиэ, ону табыгастаахтык батараннар, үп-харчы ыланнар, дьон-сэргэ тахсыылаахтык үлэлиэ», - диир Айсен Сергеевич.
Амма улууһун тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччытын солбуйааччы Алексей Васильевич Шишигин иһитиннэрбитинэн, бурдук ыһыытынан улууска биэс хаһаайыстыба дьарыктанар, ону таһынан сүөһү аһылыгын (сиилэс, сенаж) 11 хаһаайыстыба оҥорор. Быйылгы ыһыы үлэтэ кэмигэр этэҥҥэ түмүктэммит. Уопсайа 11487 га сир оҥоһуллубут, ол иһигэр 3135 га сиргэ паардааһын үлэтэ ыытыллар. 3602 гааҕа туораахтаах бурдук, онтон 4573 гааҕа сүөһү аһылыга ыһыллыбыт. Быйыл 90% бурдук олохтоох сиэмэттэн үүнүөҕэ. Тиийбэтэҕин, о.э. 94 эрэ туонна сиэмэни тастан, соҕурууттан атыыласпыттар. Онон быйылгы ыһыы үлэтэ куһаҕана суох түмүктээх.
«Амма бурдуга» өрөспүүбүлүкэҕэ бренд буоларыгар Майя Майевна уонна Георгий Афанасьевич Олесовтар, эдэр дьиэ кэргэн ылсан үлэлии сылдьаллар. «Амматааҕы» АУо уонна «Абаҕа» ХЭУо бурдуктаах хаһаайыстыбалар бурдук туорааҕын бэрсэннэр, бу эдэр урбаанньыттары өйөөбүттэрэ. Олесовтар мантан тирэхтэнэн үлэлэрин тэтимнээхтик саҕалаатылар уонна 2 туоннаттан тахса сэлиэһинэйтэн 550 киилэни мэлийэн, бурдук оҥордулар. Маныаха, 50 тыһыынча солкуобай көмө ылан, Амматааҕы «Мин урбааным» киин нөҥүө тус хаалаах бородууксуйаны уонна этикиэти оҥорон таһаарыы өҥөнөн туһанан, «Аммабыт бурдуга» диэн суруктаах хааларга бурдуктарын кутан, бородууксуйаларын атыыга таһаардылар. Күн бүгүн 550 киилэ бурдук атыыга таҕыста, онтон сороҕо Олоҥхо ыһыаҕын күндү-мааны ыалдьыттарыгар бэлэх биэриигэ барда. 50 киилэ олохтоох бурдуктан саха лэппиэскэтин, алаадьытын астааммыт ыһыах кыттааччыларыгар амсаттыбыт. Олесовтар бурдуктарын Туймаада ыһыаҕын хорчуоппатыгар уонна уустар түһүлгэлэригэр атыыга туруоруохтара», - диэн кэпсээтэ Алексей Васильевич.
Үрдүк таһымнаахтык ааста
Олоҥхо ыһыаҕын тэриллиитин элбэх киһи хайҕыы аҕынна. Ыһыах тэрээһинигэр Амма -Маайа уокуругуттан СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕар (Ил Түмэҥҥэ) талыллыбыт норуот дьокутааттара Сергей Александрович Ларионов, Александр Иванович Корякин быһаччы кыттыыны ылбыттара. Кинилэр Олоҥхо ыһыаҕын туһунан бэрт үрдүктүк сыаналаан, махталларын тириэрдэллэр: «Алгыстаах Амма сиригэр Олоҥхо Ыһыаҕа үрдүк таһымнаахтык ааста. Өрөспүүбүлүкэбитигэр Олоҥхо Ыһыаҕа 17-с төгүлүн ыытылынна. Хас биирдии ыһыах тус уратылаах. Норуот култууратын, төрүт үгэстэрин, дойду устуоруйатын уонна дьон-сэргэ кэрэ дууһатын хоһуйар национальнай бырааһынньык илгэлээх Амма ыалдьыттарыгар, итиэннэ олохтоохторугар өр кэмҥэ умнуллубакка, уос-номоххо киириэ диэн эрэллээхпит. Ыһыах дириҥ ис хоһоонноох буолла. Ол курдук, уран тарбахтаах, ураты сатабыллаах худуоһунньуктар уонна норуот маастардарын быыстапкалара, Арассыыйа судаарыстыбаннай архыыбыттан булуллубут 1944 сыллаах Ыһыах түгэннэрин көрдөрөр киинэ хроникатын биһирэмэ, Олоҥхо дьоруойдарын ырыатын-тойугун толорооччулар куонкурустара, гражданскай сэрии кэмигэр Саһыл Сыһыыга буолбут «Муустаах тоһуур» диораманы арыйыы, оҕолору төрүт култуураҕа сыһыарар тэрээһиннэр, уһулуччулаах туруоруулар онтон да элбэх дьаһаллар ыытылыннылар. Амма улууһун баһылыгар Степан Николаевич Кузьмиҥҥа, ыһыах арыллыытын үөрүүлээх сиэрин-туомун туруорбут, бары ытыктыыр киһибитигэр Сергей Васильевич Расторгуевка, айар кэллэктииптэргэ уонна ыалдьытымсах Амма дьонугар-сэргэтигэр маннык улахан бырааһынньыгы үрдүк таһымнаахтык тэрийэн ыыппыттарын иһин барҕа махталбытын тиэрдэбит. Барыгытыгар кытаанах доруобуйаны, үтүөнү уонна кылгас, куйаас сайыммыт хас биирдии киһиэхэ дьолу-соргуну тосхойоругар баҕарабыт», - диэн махталларын тиэртилэр.
Кыыс Амма кэрэтэ
Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллар кэмигэр бэрт үчүгэй күн-дьыл туран дьон үөрүүтүн өссө үрдэттэ. Ыһыах айанньыттара Аммаҕа киирээт кини киэҥ-холку эйгэтигэр куустаран, ыксаабыттара уостан, көҕүстэрэ кэҥээн хайдах эрэ ураты турукка киирбиккэ дылы буолбуттарын сөҕө бэлиэтээтилэр. Амма сирэ-дойдута күөх дуол оһуорунан симэнэн, тэтэркэй сардаана сибэккинэн киэркэнэн дьон кутун тутта. Түһүлгэ сайыҥҥы саймаархай салгынын хамсатан, сайаҕас тыал сүүрэкэлии үрэн ыһыах ыалдьыттарын сөрүүкэттэ. Онтон ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуллубут Кыыс Амма барахсан, чахчы олоҥхо дойдутун кэрэ куота унаара-долгуйдьуйа аргыый хааман иһэринии, ханна да ыксаабакка уста сытарын көрбүт эрэ киһи дьикти иэйиигэ ылларда. Ыһыах ыалдьыттара, түгэни мүччү туппакка, Амма өрүс сылаас долгунугар умса оонньоотулар, ыраас уутугар дуоһуйа сөтүөлээтилэр.
Амма өрүс кытылынан киһи сэргии көрөр элбэх сирдэрэ бааллар. Ол курдук, өрүс үөһэ Өнтө очуостарын, Абаҕа таһыгар Харама Хайаларын, Сулҕаччы суугунуур үрүҥ кумахтаах кытылын айгыр-силик айылҕа сынньалаҥҥа анаан-минээн чочуйан оҥорбутун курдуктар. Онтон өрүс кытылыгар, сис хайаларга, үрүйэлэргэ өлгөмнүк үүнэр аатырбыт Амма дьэдьэнэ, отоно, сугуна, хаптаҕаһа, моонньоҕоно сир астааччылары манньыта угуйар.
Маннык кэрэ айылҕалаах дойдуга быйылгы Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллыбыта элбэх дьону түмтэ диэтэхпинэ сыыспаппын. Хас биирдии киһи Олоҥхо ыһыаҕын алгыһыттан, итиэннэ илгэлээх Амма айылҕатын кэрэ көстүүтүттэн сыллааҕы уоҕу, сэниэни иҥэринэн төннүбүтэ буолуо диэн бигэ эрэллээхпин.
Антонина НЕУСТРОЕВА,
Галина Бочкарева, Алексей Матвеев хаартыскалара
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0