Тохсунньу 24 күнүгэр күнүс 12 чаастан буолбут бэртээхэй тэрээhин нуучча норуотун баай ис хоhоонноох култууратыгар уонна үгэстэригэр ананна. Ол курдук, «Светлица славянских традиций» тиэмэлээх эйгэ үѳрүүлээх аhыллыыта буолла. Бу ураты славянскай эйгэ идиэйэтэ Саха Сиригэр нуучча дьонун олохторун историческай чахчыларын арыйар. Нуучча дьоно Саха Сиригэр бэйэлэрин кытта тугу илдьэ кэлбиттэрэй, сахалар олохторугар туох саҥаны киллэрбиттэрэй уонна бу күҥҥэ онтон туох хаалбытый диэн ыйытыктарга хоруйдуур. Онуоха Норуоттар доҕордоhууларын дьиэтин үлэhиттэрэ М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай университет историческай факультетын, Саха Сирин кэллиэксийэ мунньааччыларын холбоhуктарын, «Саха Сирин Нуучча общината», «Ыраахтааҕы дьаамсыктарын сыдьааннара» уопсастыбаннай тэрилтэлэри уонна Саха Ѳрѳспүүбүлүкэтин атыы-эргиэн бырамыысыланнай балаататын кытта биир сүбэнэн тэҥҥэ үлэлэспиттэрэ үчүгэй түмүктээх буолбут.
Онон даҕаны бастакы этээскэ туhунан хоско турбут нуучча тупсаҕай кѳстүүлээх мас дьиэтин уонна «Встречь Солнцу» быыстапканы кэлбит дьон сэргии кѳрдүлэр. XVII үйэттэн Саха Сиригэр олоҕурбут нуучча дьоно олоххо-дьаhахха туттар тэриллэрин, малларын, таҥастарын-саптарын, иhиттэрин-хомуостарын кѳрдѳрѳр быыстапка экспозициялара «Казактар», «Нуучча Устьета», «Амма солобуодата», «Дьаамсыктар», «Эргэ итэҕэллээхтэр», «Сыылынайдар», «Аттакылар» диэн тус-туhунан салааларга араарыллыбыттар. Манна ыраахтааҕылаах Арассыыйа харчытын, хаhыаттары, хаартыскалары, тупсаҕай бэйэлээх таас иhиттэри, күлтэгэр истээх сүүнэ салабаардары, сиэдэрэй ойуулаах былааттары, кѳлүүр тэрилин, сир оҥорор тэрили уо.д.а. кѳрүѳххэ сѳп.
Эйэни, баайы-дуолу уонна үтүѳ туругу түстүүр
Саҥа дьиэҕэ кѳhѳн киирии үгэhэ, славянскай итэҕэлинэн, бу күн күнүс 12 чааска саҥа толору ыйы арыйар түгэни баттаhа толорулунна. Кѳhѳн киирии, ол эбэтэр «входины», «влазины», эйэни, баайы-дуолу уонна үтүѳ туругу түстүүр эбит. Онон бу күн «светлица», «светелка» диэххэ сѳп саамай сырдык саала хоhугар нуучча бэрэбинэ дьиэтигэр (уруккунан «истьба», «изба») кѳhѳн киирии буолла. Билигин Саха Сиригэр нуучча бэрэбинэ дьиэтэ ханна да хаалбатах. Арай бу А.Е. Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоhууларын дьиэтигэр оннун булбут. Дьэ чахчы, киhи хараҕын үѳрдэр дьэрэкээн оhуордаах-мандардаах, бэрт тупсаҕай сабыс-саҥа, сып-сырдык тутуу.
Тэрээhини А.Е. Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоhууларын дьиэтин дириэктэрэ, СѲ култууратын үтүѳлээх үлэhитэ Антонида Корякина аста. «Биhиэхэ «Светлица славянских традиций» диэн олус үчүгэй туспа муннук баар буолла. Саха Сирин историята улуу нуучча норуотун кытта үйэлэргэ быстыспат ситимнээх. Ол үтүѳ ѳйдѳбүлүн бѳҕѳргѳтѳр, киэҥ эйгэҕэ таhаарар сыалтан маннык эйгэни оҥорорго быhаарбыппыт. Биhиэхэ РФ уонна СӨ архитектордарын сойууһун чилиэнэ, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, норуот маастара, элбэх историческай суолталаах, ѳйдѳбүнньүк дьиэни-уоту тутан ѳрѳспүүбүлүкэҕэ бэлэхтээбит киhибит Эрнст Александрович Алексеевка, манна үлэлэспит атын уустарбытыгар нуучча мас бэрэбинэ дьиэтин тутан биэрбиттэригэр барҕа махталбытын биллэрэбит», — диэтэ.
Салгыы СѲ тас сибээстэргэ уонна норуоттар дьыалаларыгар министиэристибэтин, «Саха Сирин Нуучча общината» уопсастыбаннай тэрилтэ махтал суруктара Эрнст Алексеевка, аҕалыы-уоллуу Александр уонна Айтал Гуляевтарга. Ону таhынан, община Бочуоттаах бэлиэтин Эрнст Александрович ылла. Эҕэрдэ тылын СѲ Ил Түмэнин вице-спикерэ, Арассыыйа норуоттарын Ассамблеятын эрэгийиэннэҕи отделениетын бэрэссэдээтэлэ Александр Подголов эттэ уонна наҕараадалары туттарда. Ол курдук, Ил Түмэн махтал суруктарын саҥа эйгэ олоххо киирэригэр кѳмѳлѳспүт дьон — «Встречь Солнцу» быыстапка ааптара, Саха Сиригэр нууччалар олохторун-дьаhахтарын кэрэhэлиир уникальнай экспонаттары харайааччы Майя Мордовская, атыы-эргиэн бырамыысыланнай балаататын бэрэсидьиэнэ Марина Богословская, СѲ урбаанньыт волонтердарын холбоhуктарын салайааччыта Вячеслав Решке, кини солбуйааччыта Георгий Глебов туттулар.
Оттон норуот маастара, бэйэтэ Ньурба улууhун Куочайын бааhынайдарыттан тѳрүттээх Эрнст Алексеев нуучча мас дьиэтэ — кыра да буоллар, уустук эбийиэк — нуучча мас зодчествотын бары каноннарын тутуhан, үс ый устата ымпыктаан-чымпыктаан оҥоhуллубутун, оhоҕор тиийэ хайдах-туох оҥоhуулардааҕын, олор туох суолталаахтарын сиhилии билиhиннэрдэ.
Инникитин элбэх тэрээhин күүтэр
Тэрээhин ыалдьыттара ускуустуба историга, СѲ култууратын үтүѳлээх үлэhитэ Галина Софронова, култуура пааматынньыктарын харыстааhыҥҥа Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыба Саха Сиринээҕи отделениетын бэрэссэдээтэлэ Руслан Васильев бүгүҥҥү тэрээhин Саха Сиригэр олохтоох нуучча норуотун култууратын, олоҕун-дьаhаҕын историятын ырылхайдык сырдаппытын бэлиэтээтилэр, кэрэ эйгэни бэлэхтээбит саха мас уустарыгар уонна тэрийээччилэргэ махтаннылар.
Бырыайыак идиэйэтин кѳҕүлээччи, А.Е. Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоhууларын дьиэтин норуоттар икки ардыларынааҕы сыhыаннарга Ресурснай үѳрэтэр-методологическай киинин салайааччыта Екатерина Егорова: «Бу улахан хамсааhын саҕаланыыта эрэ. Иннибитигэр биhигини ѳссѳ да элбэх үлэ күүтэр. Тѳрѳѳбүт дойдубут, ѳрѳспүүбүлүкэбит уонна Сахабыт Сирин историятын саҥаттан-саҥа чахчыларын арыйан, үйэтитэн иhиэхпит. Онно аналлаах элбэх тэрээhиннэр манна элбэхтик ыытыллыахтара», — диэн эттэ, мас дьиэ тутуутугар үлэлэспит ѳссѳ биир ууска Эдуард Адамовка махтанна. Саха Сиригэр нуучча историятыгар сыhыаннаах уопсастыбаннай тэрилтэлэри бииргэ үлэлэhэргэ, тиэмэлээх эйгэни байыта-хаҥата турарга ыҥырда.
Ити чахчы инникигэ сирдиир, «Светлица славянских традиций» эйгэ үлэтин-хамнаhын торумнуур тылларынан тэрээhин түмүктэннэ. Нуучча норуотун ырыатын «Ямские бубенцы» ансаамбыл кыттааччылара толордулар. Эмиэ кинилэр, хартыынаны ситэрэн, нуучча мас дьиэтин реконструкциятыгар киирэн, былыргы нуучча ыалыныы олорунан кэбистилэр. Кэлбит ыалдьыттар култуура киинин үлэhиттэрэ нууччалыы каравайынан, бурдук астарынан, итии чэйинэн күндүлээтилэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0