Бу бырагырааманан Дьааҥы улууһугар эрдэ 72 сибиинньэ оҕото уонна 2 массыына комбикуорум илдьиллибитэ. Бу күннэргэ «Полярные авиалинии» авиахампаанньа Ан-26 сөмөлүөтүнэн улуус олохтоохторун сайаапкаларынан, Баатаҕай бөһүөлэгэр 1300 сымыыттыыр куурусса тиэрдилиннэ.
– Үчүгэй бырагыраама баар буолан, Аартыка улуустарын олохтоохторо кууруссаны, сибиинньэни уонна комбикуорманы Дьокуускай сыанатынан атыылаһабыт. Аҕалбыт кууруссаларбыт түөрт ыйдаахтар, ыам ыйыттан сымыыттыахтара. Билигин, кыһыҥҥы суолу өрүсүһэ, нэһилиэктэринэн тарҕата сылдьабыт. Бу кууруссалары «Дьокуускайдааҕы көтөр фабриката» аахсыйалах уопсастыбаттан ылан ыытыы боппуруостарын быһаарыыга «Бадайагро» ХЭТ дириэктэрэ Вадим Горохов, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын бэрэстэбиитэлэ Валентина Быкова сүүрэн-көтөн үлэлээбиттэрин итиэннэ «Полярные авиалинии» авиахампаанньа биһигини кытары мэлдьи үлэлэһэрин махтана бэлиэтиибит, – диир Дьааҥы улууһунааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччы Кэскил Ефимова.
Быйыл Аартыка улуустарыгар түргэнник ситэр салааны уонна комбикуорманы хааччыйыыга 20 мөл солк көрүлүннэ. Сайаапка быһыытынан, сэттэ улууска (Абыйга, Аллараа Халымаҕа, Дьааҥыга, Муомаҕа, Усуйаанаҕа, Эбээн Бытантайга, Эдьигээҥҥэ) 5 163 куурусса, 332 сибиинньэ оҕото уонна 252,5 туонна комбикуорум илдьиллиэхтээх. Санатан эттэххэ, былырыын 3 619 куурусса, 54 сибиинньэ оҕото, 93,3 туонна комбикуорум илдьиллибитэ диэн Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0