Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -10 oC

Талыы-талба Таатта өҥ буоруттан силис тардан, саҥа кэм уус-уран тыл баайдаах хоһоонньуттара бииртэн-биир төрүү-үөскүү тураллар. Ытык сир бэйэтинэн үтэн-анньан үөскэтэрэ саарбаҕа суох. Улуу дьону үөскэппит уран тыл биһигэр, Дьохсоҕоҥҥо, биир бэлиэ тэрээһин буолан ааста. Үтүө сир иэйиилээх хоһоонньута Валентина Пинигина-Арылы бэйэтин тула сүгүрүйээччилэрин түмтэ.

Талыы-талба Таатта өҥ буоруттан силис тардан, саҥа кэм уус-уран тыл баайдаах хоһоонньуттара бииртэн-биир төрүү-үөскүү тураллар. Ытык сир бэйэтинэн үтэн-анньан үөскэтэрэ саарбаҕа суох. Улуу дьону үөскэппит уран тыл биһигэр, Дьохсоҕоҥҥо, биир бэлиэ тэрээһин буолан ааста. Үтүө сир иэйиилээх хоһоонньута Валентина Пинигина-Арылы бэйэтин тула сүгүрүйээччилэрин түмтэ.

Валентина кыыс оҕо буолан кустук өҥүнүү дьоллоох сааһа ааспыт, лыах курдук дайа санааларын сырса сүүрбүт-көппүт алааһын дьонун кытта айар-үлэтин биир бэлиэ түгэнин бэлиэтиир дьоро күнүгэр, оҕо сааһын доҕотторо, бииргэ үлэлээбит кэллэктиибэ, оҕолоро уонна айар куттаах, уус тыллаах хоһоонньуттар ыалдьыттаатылар. Өбүгэ аһа дэлэччи тардыллыбыт сандалатын тула Арылы олоҕун лоскуй-лоскуй, саас сааһынан кэпсээнэ саҕаланна. Манна төрөөбүт тыл умсулҕаныгар куустаран, иэйии аргыстаах олоҕун суола суруйааччы буола үрдүккэ дабайыы курдук, дьоһун ситиһии кэпсэннэ.

с_гл.jpeg

Дьоро күн үөрүүтэ арыый намыраабычча, аны мин сэһэргэһиим.
– Валентина Владимировна, хаһааҥҥыттан хоһоон суруйаҕыный?
– Оскуола саастан хоһоон суруйабын. Ол эрээри, бэйэм бэйэбэр, кимиэхэ да аһаҕастык эппэккэ, бүөмнээн диэххэ. Хоһооннорбор оҕо саас мэник-тэник тыына хоһуллара.
– Киһи олоҕу олорон истэҕинэ туох баардааҕа сыыйа киирэн, этэргэ дылы утутар-утуппат, төбөҕөр бэйэтэ киирэн кэлэн уруучука тутуох эрэ кэрэх буолар. Ол турук иэйии диэн ааттанан, үтүмэннээх киһи олоҕун аргыһа буоллаҕа.
– Хоһоон киириитэ киһи настырыанньыйатыттан, тулалыыр эйгэҥ хайдах дьайарыттан тутулуктанар. Үксүгэр таах сылдьан эрэ тугу саныыргыттан, тугу эмит таба көрөн сэргииргиттэн, дьон кэпсээнин истэргиттэн, аахпыт айымньыгыттан сиэттэрэн, айылҕа уларыйыытыттан, хомойууттан, санаа түһүтүттэн, үөрүүттэн.

с_сын.jpeg
– Бастакы хоһооҥҥун 2008 с. суруйбуккун...
– Улаханнык хоһоон диэмиэххэ, өйбөр түөрт строка суруллан тахсыбыта.
Баҕардым кыраман халлааҥҥа
Сулустуу кыырайа көтүөхпүн,
Олохтон сир дьолун буламмын,
Дуоһуйа, астына тыыныахпын.

с_под_о.jpeg
– Олох олоруу үөһэттэн ыйыллар. Ким эрэ ыарахаттары туораан үчүгэйгэ кэлэр, ким эрэ үөһэттэн түҥнэстэр. Эн бу строкаларга өрүһү өксөйөн дьоллоох кытылга үктэммитиҥ этиллибит. Ханнык хоһооҥҥун табыллыбытынан ааҕаҕыный?
– Хоһооннорум бэйэм ис кутум тойуктара буоллаҕа. Хоһоонньут элбэх тиэмэҕэ суруйар, эппитим курдук киһи туругуттан, тулалыыр эйгэҕиттэн. Айбытыҥ барыта үчүгэй буолбат, «Улуйар ис кутум...» диэни арыый чугастык ылынабын, чорботобун...
Улуйар ис кутум ый быыһын арыйан,
Сур бөрө онолун кытыара ытатта,
Уо сүрэх, бу тоҕо тиҥийэ мөҕүстэ,
Тулаайах кэриэтэ, толугур ойуста?
Күрэммит ол сыллар уордара
Күдэрик быыһыттан барыйда,
Киҥ-татыа уораанын илгистэн
Кэрэгэй санаалыын куудьуста.
Мускуйа, моргуйа, оргуйар
Мин өйүм бутулла ытыллар,
Кылбаарар ый тунал сырдыгар
Кыһыытын-абатын суурайар.
Оргуйар бу олох үөһүттэн
Хардыыбын кыаһыылыы кууһаҥҥын,
Хас күммүн аахтара тыыннаран
Оо, дьылҕам тыйыскын даҕаны.
Ыыт миигин, көҥүллүк тыыныахпын,
Ыпсыһар ыырдарбын сэмсиэхпин,
Ытанньах бэйэбин уоскутар
Ыралаах олохпор тиийиэхпин.
-- Эн хоһоонноруҥ өрөспүүбүлүкэ сахалыы саҥалаах киин хаһыаттарыгар барытыгар бэчээттэннилэр, элбэх күрэстэр кыайыылаахтараҕын, хоһоонтон хоһоон айыллан, түмүллэн, кинигэ буолан таҕыстылар...
– Бастакы кинигэм «Уран тыл оһуордаах ыллыгынан» сиэрийэҕэ Ытык Күөл киин библиотекатын көҕүлээһининэн бэчээттэммитэ (2015), иккиһим «Үс кут тойуга» (2017), үсүһүм «Көҥүл көтөр санааларым» «Офсетка», балары таһынан оҕолорго анаммыт «Кыыллар уонна үөннэр-көйүүрдэр», «Көтөрдөр», «Таабырыннар» таҕыстылар.

с_др.jpeg
– Айар киһи сирдээҕи аатыттан уратытык ааттанар. Хос ааккын хайдах ылыммыккыный?
– Хос аат айар үлэҥ суолдьут сулуһа буолар. Киэҥ эйгэҕэ тахсыбыт аатым – Арылы. Улахан уолбунаан аат талыыга түспүппүт. Бу тыл ис хоһоонун үөрэппиппит. Арылы -- сырдык, ыраас. «Арыл гын, арылый» – эмискэ арыллан ыл, сырдаан, сандааран көһүн. Арылы байҕал курдук дириҥ-далай. Арылы ийэ-сырдык ыраас диэн ис хоһооннооҕун ааҕан, кырдьык да барсар диэн ылыммыппыт.
– Валентина Владимировна, эйигин Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ буолбуккунан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит. Хас биирдии хоһоонуҥ сүгүрүйээччитин буллун, иэйии күннэтэ аттыгар сырыттын, тус олоххор, дьиэ кэргэҥҥэр дьолу-соргуну баҕарабыт. Инникитин саҥа хоһоонноргун кэтэһэбит.

  • 7
  • 2
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением