Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -4 oC

Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – саха саҥа судаарыстыбаннаһын тутууга уонна Арассыыйа Федерациятын бэлиитикэтин, экэниэмикэтин, быраабын эйгэтигэр ылар миэстэтин бөҕөргөтүүгэ сүҥкэн өҥөлөөх Егор Михайлович Ларионов. Кини Саха Өрөспүүбүлүкэтин XII ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтин Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, РФ Федерациятын Сэбиэтин чилиэнэ, I уонна II ыҥырыылаах Ил Түмэн дьокутаата, бастакы ыҥырыыга Өрөспүүбүлүкэ Балаататын Бэрэссэдээтэлэ, М.К. Аммосов аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Бириэмийэтин лауреата, норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ.

Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – саха саҥа судаарыстыбаннаһын тутууга уонна Арассыыйа Федерациятын бэлиитикэтин, экэниэмикэтин, быраабын эйгэтигэр ылар миэстэтин бөҕөргөтүүгэ сүҥкэн өҥөлөөх Егор Михайлович Ларионов. Кини Саха Өрөспүүбүлүкэтин XII ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтин Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, РФ Федерациятын Сэбиэтин чилиэнэ, I уонна II ыҥырыылаах Ил Түмэн дьокутаата, бастакы ыҥырыыга Өрөспүүбүлүкэ Балаататын Бэрэссэдээтэлэ, М.К. Аммосов аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Бириэмийэтин лауреата, норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ.

Саҕаланар саҕахха

Егор Михайлович, Ил Түмэн бастакы ыҥырыытын быыбара хайдах этэй?

– XII ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэт ыһыллыбытын кэнниттэн, өрөспүүбүлүкэ быыбардааччылара түөрт-биэс ый устатыгар бэрэстэбиитэллээх былааһа суох олорбуттара. 1993 сыл ахсынньы 12 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай былааһын үрдүкү бэрэстэбиитэллээх уонна сокуону таһаарар уоргана Ил Түмэн талыллыбыта. Ол кэмҥэ мин Москубаҕа Арассыыйа Федерациятын Конституциятын оҥорор оробуочай хамыыһыйаҕа үлэлии сылдьарым, иньэ гынан, бастаан кыттар санаам суоҕа. Ол эрээри, дойдум дьоно, намнар, ааспыт өттүгэр икки болдьоххо дьокутаатынан таланнар, миэхэ тэлэгэрээммэ ыыппыттара: «Егор Михайлович, эн кандидатураҕын туруораары гынабыт, сөбүлэҥҥин аҕал», – диэн. Мин сөбүлэспитим. Арассыыйа саҥа Конституциятын бэрээдэктэһэн баран, манна кэлбитим, быыбар хампаанньата тигинэччи ыытылла турара. Мин бырагыраамабын оҥосто охсоммун, онно кыттыспытынан барбытым. Дойдум дьоно мин туспар куоластарын 98 % биэрэннэр, Ил Түмэҥҥэ, Өрөспүүбүлүкэ Балаататыгар дьокутаатынан талыллыбытым. Бу балаатаҕа бары улуустартан уонна киин куораттан талыллан, 35 дьокутаат этибит. Балаһыанньа быһыытынан, балаатаны вице-бэрэсидьиэн салайыахтааҕа. Ону тохсунньу 25 күнүгэр ыытыллыбыт бастакы тэрээһин сиэссийэҕэ дьокутааттар бэрэссэдээтэли бэйэлэрэ таларга туруорсаннар, вице-бэрэсидьиэн Вячеслав Штыров ону өйөөн, толорор былаас киһитэ балаатаны салайара чахчы табыгаһа суох, принцип кэһиллэр эбит диэн аккаастанарын биллэрбитэ. Бэрэсидьиэн Михаил Николаев Өрөспүүбүлүкэ Балаататын Бэрэссэдээтэлин дьокутааттар бэйэлэрин истэриттэн талыныахтаахтарын туһунан саҥа ыйааҕы таһаарбыта. Дьокутааттар Үрдүкү Сэбиэт бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан үлэлээбит уопуппун учуоттааннар, Бэрэссэдээтэлинэн миигин, бастакы солбуйааччынан  Вячеслав Филатовы, солбуйааччынан экэнэмиис Егор Егорову талбыттара. Онон ити уустук кэмҥэ дойдум дьоно уонна дьокутааттар итэҕэллэрин биллэрэннэр, үлэлиир кыаҕы биэрбиттэрин иһин билигин да махтанабын. 

Оччолорго бары барыта ыһыллан, ыйааһыннанан, ким да кими да билиммэт, Сэбиэскэй Сойуус ыһыллан эрэр кэмэ буолан, үлэлииргэ-хамсыырга олус ыарахана. Дьэ ону ол диэбэккэ, биһиги бэйэбит болдьохпутугар сүрдээх үчүгэйдик үлэлээбиппит, норуот дьокутаатын аатын өрө тутан, өрөспүүбүлүкэбит интэриэһин туһугар, сокуонунан салайтаран. Саха Өрөспүүбүлүкэтин XII ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаатынан үлэлии сылдьан, өрөспүүбүлүкэ Сүбэринитиэтин туһунан Декларацияны уонна Төрүт сокуону ылыммыппыт. Ону олоххо киллэриигэ туһааннаах үөрэхтээх дьоннор наадалар диэн өй-санаа оччоттон баара. Мин идэбинэн юрист, бастакы солбуйааччым Вячеслав Антонович бырамыысыланньык, иккис солбуйааччым Егор Егорович экэнэмиис буоламмыт, үлэлиир кыахтаах да, интэриэстээх да хамаанда этибит. Декларациябытын уонна Төрүт сокуоммутун тутуһан, кэккэ балаһыанньаларын олоххо киллэрбитинэн барыахтаахпыт диэн санаанан салайтаран үлэлээбиппит-хамсаабыппыт.

Верховный_Совет.jpeg

Дойду Конституциятын оҥорууга

Оробуочай бөлөх састаабыгар киирэн, Арассыыйа Конституциятын оҥорууга үлэлээбитиҥ туһунан кэпсээ эрэ.

– Саха Өрөспүүбүлүкэтин XII ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтин уурааҕынан, Үрдүкү Сэбиэт Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы быһыытынан мин уонна Төрүт Сокуон суутун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Петраков буоламмыт, Саха Өрөспүүбүлүкэтин аатыттан, Арассыыйа Федерациятын Конституциятын саҥа эрэдээксийэтин ырытан оҥорор оробуочай бөлөххө толору боломуочуйалаах чилиэнинэн уонна эспиэрдинэн бигэргэммиппит.  1993 сыл кыһыныттан үлэлээн, РФ Үрдүкү Сэбиэтэ уонна Бэрэсидьиэнэ киллэрбит барылларыттан биир барылы оҥорон, от ыйыгар бүтэрэн, референдумҥа уонна быыбарга бэлэмнээн баран, дойдубутугар кэлбиппит. Мин, ити эппитим курдук, Ил Түмэн быыбарыгар кыттыбытым.

Алтынньыга Бэрэсидьиэн Борис Ельцин уонна Үрдүкү Сэбиэт Бэрэссэдээтэлэ Руслан Хасбулатов тыл тылга киирсибэккэлэр, Үрүҥ дьиэни тааҥканан ытыалааһын кэнниттэн, Үрдүкү Сэбиэт ыһыллан турар. Судаарыстыбаннай перевороту оҥорон, былааһы былдьаабыт дьон бэйэбит туһабытыгар наадалаах Конституцияны түргэнник ылына охсон, уопсастыбаны уоскутуохха диэн, биһигини суһаллык ыҥыран ылбыттара. Оробуочай хамыыһыйаҕа урут 101 киһи буоллахпытына, бу сырыыга 24 эрэ буолан хаалбыт этибит. Онно икки ый үлэлээбиппит. Саамай өйдөөн хаалбытым диэн, били саас, бэрт сыранан киллэрбит сорох ыстатыйаларбыт төрүт сүппүт, ол иһигэр, «национальнай өрөспүүбүлүкэ (судаарыстыба)» диэн тыл,  сир аннынааҕы баай тустаах субьект (эрэгийиэн, өрөспүүбүлүкэ) бас билиитэ буоларын уонна босхо үөрэхтээһин, доруобуйа харыстабыла итиэннэ тыллар тустарынан этиилэрбит сотуллан хаалбыт этилэр. Борокуратуура туһунан тыл аҥаара да суоҕа, ону Юстиция министиэристибэтин дуу, Үрдүкү Суут дуу билиилэригэр биэрэр былааннаахтара. Аҕыйах, 24 киһини начаас саба тутуохпут диэн  суоттаммыт быһыылаахтара. Биллэн турар, биһиги онно сөбүлэспэппитин биллэрбиппит, икки ыйы быһа улахан этириктэһии кэнниттэн, ол кэмҥэ уопсастыба кэм “уһуктан”, дойдубут ыһыллаары гынна, онон сокуону үчүгэйдик оҥоруохха наада диэн санаа баһыйан, үрдүкү салалта этиилэрбитин ылынарга күһэллибитэ. Ол түмүгэр, билигин өрөспүүбүлүкэбит судаарыстыба быһыытынан билиниллэр, сирбит баайын төһө да кэнники айдаана суох ылбыттарын иннигэр, уонтан тахса сыл устата бэйэбит бас билэ сылдьыбыт, ити салаалары үбүлээһиҥҥэ киин былааһы кытары дуогабар түһэрсэн үлэлии сылдьыбыт кэмнэрдээх этибит. Уопсай орто уонна анал орто үөрэх босхо, доруобуйа харыстыбылын сорох боппуруостара эмиэ босхо. Госдуума субъектары кытары сүбэлэһиитэ суох сокуону ылымматын, оттон субъектар федеральнай интэриэһи көрүөхтээхтэрин туһунан этэр, сүүрбэттэн тахса пууннаах 72-с ыстатыйа тутуһуллар! Бу боппуруостары Саха Өрөспүүбүлүкэтэ бастакынан туруорсубутун федеральнай кииҥҥэ билигин даҕаны умнубаттар, саха парламенын, Ил Түмэни ытыктыыллар.

Е.jpeg

Суолтата сүппэт

Дьокутааттаабыт кэмҥэр ылыллыбыт ханнык сокуоннары ордук суолталыыгыный?

– Мин бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбытым ырааттаҕа дии. Ол эрээри, Үрдүкү Сэбиэт Бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан үлэлиир кэммэр ылыллыбыт икки улахан докумуону чорботобун. Бастакыта, билигин төһө да үлэлээбэтэр, политическай ис хоһооно дьон-норуот өйүгэр-санаатыгар баар – 1990 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр ылыллыбыт Саха Өрөспүүбүлүкэтин Сүбэрэнитиэтин туһунан Декларация! Иккис сүрүн суолталаах докумуон – 1992 сыл муус устар 4 күнүгэр ылыллыбыт Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуона! Биирэ политическай өттүнэн, иккиһэ сокуон, быраап өттүнэн сүҥкэн суолталаахтарын биһиги, ордук саастаах дьон, үчүгэйдик өйдүүбүт. Ыччат даҕаны өйдөөн эрэр.

Бу икки докумуон суохтара буоллар, билигин Арассыыйа Конституциятыгар национальнай өрөспүүбүлүкэлэр судаарыстыба буолалларын туһунан тыл төрүт мэлигир буолуо этэ. Атын субъектар бэйэлэрин кэмнэригэр итини ылымматахтара, ол эрээри, Саха Өрөспүүбүлүкэтин холобурун ылынан, бэйэлэрин Төрүт сокуоннарыгар киллэрэн эрэллэриттэн, биллэн турар, үөрэбит.

Эн санааҕар саха парламена туох ураты хаачыстыбалааҕый?

– Билиҥҥи дьокутааттарга мин ымсыырабын. Бастакы ыҥырыы дьокутааттара Сүбэрэнитиэт туһунан Декларацияттан уонна Төрүт сокуонтан ураты илиигэ туппут туохпут да суоҕа. Билигин үлэлииргэ толору кыах баар: туспа дьиэ-уот, бигэ аппараат, саҥа технология... Урут сорох салааларга биир-икки эрэ киһи үлэлиирэ, пресс-киин диэн төрүт суоҕа. Суруналыыс Егор Сибиряков пресс-сэкирэтээр быһыытынан таһаарыылаахтык үлэлээбитин бэлиэтиибин. Аҕыйахтыы киһилээх тэрийэр уонна юридическай отделлар бааллара. Дьэ ол да буоллар, хас биирдии киһи тустаах эбээһинэһигэр эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан, үлэлээбитин-хамсаабытын иһин махтанабын. Билиҥҥи Ил Түмэҥҥэ киһи бэлиэтии көрөрө диэн биир: иккис улахан былаас, бэрэстэбиитэллээх, хонтуруоллуур уонна сокуону таһаарар уорган быһыытынан, «Саха Өрөспүбүлүкэтин уонна кини норуотун, быыбардааччыларын көмүскүүргэ ананан кэллим», -- диэн өйү-санааны үчүгэйдик иҥэринэн, сэттис ыҥырыы үлэлии-хамсыы олорор.

Биһиги үлэлиирбит саҕана Арассыыйа бэйэтэ ыһыллаары турар уустук кэмэ этэ. Билигин барыта бэрээдэктэнэн, олох оннун-тойун булбутун кэннэ: «Парламент уоһа-тииһэ суох буолла, киин былааһы кытары киирсибэт,  ылыммыт сокуонун хонтуруоллаабат», – диэн кириитикэлээччилэр суох буолбатахтар. Ол гынан баран, баар итэҕэһи туоратар дьаһаллар хаһан баҕарар ылыллыахтарын сөп.

Парламент билигин түмсүүлээх буолла, өрөспүүбүлүкэ салалтатын, Бырабыыталыстыбатын кытары саамай сүрүн боппуруоһу быһаарарга биир ньыгыл бэлиитикэни ыытар кууруска киирдилэр. Ити саамай сөп.

Билиҥҥи ыарахан кэмҥэ, уопсайынан даҕаны, ханнык даҕаны былааһы былдьаһыы барыа суохтаах. Былаас былдьаһыыта диэн олох атын, Үрүҥ дьиэни тааҥканан ытыалаан, Үрдүкү Сэбиэти эһии кэнниттэн дьокутааттар бэйэлэрин эбээһинэстэрин тиһэҕэр тиийэ толорбуттара, Үрүҥ дьиэҕэ хаайтаран олорон. Итиннэ Ельцин уонна Чубайс салалталаах дьаһалта Эмиэрикэни сүбэһит оҥостубута. Бэрэсидьиэн Владимир Путин этэн турар дии: «Эмиэрикэ дьоно урут Кириэмилгэ кэбиниэт аайы бааллара», -- диэн. Чахчы бааллар этэ, нууччалыы мөлтөх баҕайытык саҥарар, бөп-бөдөҥ дьоннор хаамса сылдьар буолаллара. Ону дьиктиргээн ыйыттахха: «Ити биһиги “күндү” ыалдьыттарбыт», -- дэһэллэрэ. Дьэ ол дьоннор ити алдьархайдаах буккуурга-тэккииргэ киллэрэн, дойдуну эһэ сыспыттарын билиҥҥи Бэрэсидьиэн, бэйэтэ уорган киһитэ буолан, бэрээдэктээн, билигин тастан, арҕааттан биир даҕаны сүбэһит суох. Бэйэбит сөптөөх кыахтаахпыт диэн бириинсибинэн салайтаран, баран эрэбит.

Юбилей.jpeg

Бэйэлэриттэн тутулуктаах

Парламентаризм сайдыыта хайдах барыахтааҕый?

– Субъект бэйэтэ парламеннаах, сокуону таһаарар уонна хонтуруоллуур уорганнаах буолуохтаах, ону сэргэ быыбардааччылар талбыт дьокутааттара баар буолуохтаахтар. Норуот дьокутааттары талыаҕа уонна көмүскэһиэҕэ – өскөтүн парламентарийдар быыбардааччыларын итиэннэ өрөспүүбүлүкэлэрин интэриэстэрин туруулаһар буоллахтарына. Онон парламент өрөспүүбүлүкэ туһугар түмсүүлээх буолуохтаах, сокуонунан салайтарыахтаах, быыбардааччы интэриэһин көмүскүөхтээх.

«Парламент тутулун уларытыахха, дьокутааттар ахсааннарын аччатыахха, 30 биитэр 35 киһи оҥоруохха», – диэн этиилэр иһиллэллэр. Хомойуох иһин, итинник саҥа-иҥэ учуонайдартан эмиэ тахсар. Маннык санааны мин төрүт утарабын. Урут Үрдүкү Сэбиэт 165 дьокутааттаах этэ эбээт. Кинилэри ороскуоттаахтар диэн ким да айдаарбат этэ, тоҕо диэтэххэ, дьокутааттар тиргиччи үлэлииллэрин, тыын суолталаах докумуоннары ылыналларын, олох тупсан иһэрин көрө-истэ сылдьан, норуот кинилэри олус ытыктыыр уонна эрэнэр этэ. Оттон «Үрдүкү Сэбиэт» диэни сөргүтэбит дуу, биитэр «Ил Түмэн» диэни илдьэ сылдьабыт дуу диэн мөккүһээччилэргэ анааммын, бу кэм-кэрдии бэйэтэ быһаарар боппуруоһа диибин. Инникини тымтыктанан көрбүт суох эрээри, хайдах да ааттаннар, парламент баар буола туруоҕа, сайдан-үүнэн иһиэҕэ, Аартыка уонна тыа сирин улуустарын, бөдөҥ бырамыысыланнай оройуоннар, күннэтэ кэҥиир киин куораппыт интэриэстэринэн салайтаран,   норуот дьокутааттарын ахсаана эбиллиэн даҕаны сөп.

Исписэлиистэр ааҕан таһааралларынан, 35 эрэ киһилээх парламент ороскуота 70 дьокутааттааҕар 1,5 төгүл улахан эбит! Тоҕо диэтэххэ, бу 35 дьокутаакка хастыы даҕаны көмөлөһөөччү, кэлэр-барар тырааныспар  уо.д.а.  ирдэниэҕэ.  Оттон билигин баар 70 дьокутааттан бастааннай төрүккэ, ол эбэтэр хамнастаах   үлэһит быһыытынан сис кэмитиэттэр бэрэссэдээтэллэрэ эрэ сылдьаллар,  атыттар бары тустаах үлэлээх дьоннор. Даҕатан эттэххэ, урут Үрдүкү Сэбиэккэ эмиэ оннук этэ. Онон Ил Түмэн тутулун уларытар-тэлэритэр туһунан боппуруос чугастааҕы кэмнэргэ туруо суоҕа дии саныыбын. Бэлитиичэскэй баартыйалар даҕаны билигин урукку курдук мээнэ хайдыспаттар, дойду кэскилин туһугар биир ньыгыл күүскэ түмүстүлэр. Ол Бэрэсидьиэн быыбарыгар үчүгэйдик көһүннэ.

Юбил.jpeg

Эдэрдэри өйүөххэ, кинилэргэ тирэҕириэххэ

Оттон биирдиилээн саҥа, эдэр дьокутааттар этиилэрин киһи өйдүүр, кинилэри хара бастакыттан оройго охсор сатаммат, маннык улахан уоргаҥҥа үлэлээбит үөрүйэҕэ суох киһи сыыһа-халты саҥарара ханна барыай? Саамай сүрүнэ, кинилэр үлэлиир баҕалаахтар, эньиэргийэлээхтэр, быыбардааччыларын этиилэрин толоро охсоору быһаччы суолу-ииһи көрдүү сатыыллар. Ону таба өйдөөн, сөптөөх сүрүнүнэн салайан биэрэр сиэрдээх. Холобур, дьокутаат Владимир Поскачин тыа сирин сайдыытыгар элбэх этиилэри оҥорор, олор үксүлэрэ сөптөөхтөр, кини бэйэтэ баай уопуттаах, улахан саҥалаах киһи, ону саҥаҕын-иҥэҕин аччат диэн айаҕын бүөлүүр табыллыбат. Билигин биир испиикэр 70 дьокутааты барыларын салайар кыаҕа суоҕа өйдөнөр, ол иһин, сис кэмитиэттэринэн тыырыллан, сүбэлэһэн үлэлииллэр, санаа атастаһаллар.

Биһиэхэ, икки бастакы ыҥырыыга, эдэр дьокутааттар эмиэ бааллар этэ. Холобурга Чурапчытааҕы быыбардыыр уокуруктан дьокутаат, сүрдээх үлэһит, элбэх идиэйэлээх Михаил Гуляевы аҕалыам этэ. Парламеҥҥа үлэлээбит уопутугар тирэҕирэн, өр сылларга успуорт судаарыстыбаннай кэмитиэтин салайбыта, ааспыт ыҥырыыга эмиэ норуот дьокутаата буолбута. Билигин бэйэтэ эдэрдэри үөрэтэр-такайар киһи.

Иккис ыҥырыыга саамай эдэр дьокутааппыт, Анаабырдааҕы быыбардыыр уокуруктан талыллыбыт Айсен Николаев олус грамотнай, оччоттон боччумнаах, судаарыстыбаннай толкуйдаах эдэр киһи, билигин – Ил Дархан! Киин да былааска, биһиэхэ, бэтэрээннэргэ, даҕаны үрдүк сыанабылга сылдьар.

Миитиҥҥэ кэлэн: «Төрүт сокуону түргэнник ылына охсуохха!» -- диэн дьокутааттар иннилэригэр тыл этэр устудьуон уол баара. Оччолорго санаа хайдыһара, салалта өттө Төрүт сокуону Арассыыйа Конституцията ылыллыбытын кэнниттэн ыларга этэрэ, сорохтор арҕааҥҥылар хайысхаларынан тутуһан дьон тугу толкуйдаан таһаараллара биллибэт диэн, бэйэбит Төрүт сокуоммутун эрдэ ылынарга туруорсаллара. Түмүккэ уопсастыбаннас санаата баһыйан, онуоха устудьуоннар эбиилик буоланнар, Төрүт сокуон 1992 сыл муус устар 4 күнүгэр ылыллан, муус устар 27 күнүттэн күүһүгэр киирбитэ! Ол устудьуоннар ааттарыттан тыл эппит уол – Алексей Еремеев! Оччолортон бэлиитикэҕэ сыстан, бырабыыталыстыба таһымынан үлэлээн-хамсаан, хас да ыҥырыыга дьокутаатынан талыллан, сис кэмитиэттэри салайбыта, билигин Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ. «Ил Түмэн» хаһыат ааҕааччыларын сандал сааһынан, өрөспүүбүлүкэ күнүнэн, Биэрибэй Маайынан ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин! Чэгиэн доруобуйаны, ситиһиилээх үлэни, эйэлээх олоҕу баҕарабын.

Сэһэргэстэ Диана СИВЦЕВА.

Хаартыскалар Ил Түмэн архыыбыттан

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением