М.К. Аммосов аатынан Хатырык орто оскуолатыгар тэриллибит быстах кэмҥэ олорор пууҥҥа баар 140-ча киһи итии аһылыгынан, иһэр уунан, аһынан-үөлүнэн, бастакы наадалаах малларынан толору хааччыллыбыттар.
Айсен Николаев нэһилиэнньэни кытта көрсүһүүгэ халаан уутуттан эмсэҕэлээбиттэргэ көмө толору кээмэйинэн оҥоһулларын бэлиэтээтэ.
– Эрэниҥ, наадалаах көмө барыта оҥоһуллуоҕа. Чөлүгэр түһэрии үлэлэрэ саҕаланнылар: сарсыарда Хатырыкка диэри суол аһыллыбыта, суолу оҥоруу үлэлэрэ салгыы ыытыллар. Бу күннэргэ халаан таһаарбыт хоромньутун ааҕыы ыытыллыаҕа итиэннэ толуйар төлөбүрдэри биэрии саҕаланыаҕа, -- диэтэ.
Хатырык 87 саастаах ытык кырдьаҕаһа, 1990-с сылларга нэһилиэги салайбыт Данил Данилович Пахомов урукку өттүгэр маннык балысхан халаан буолбатаҕын туһунан кэпсээтэ.
Күн бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн быстах кэмҥэ дьону олордор 20 пуун, Өлүөхүмэ, Нам уонна Орто Халыма улуустарын 18 нэһилиэктэригэр үлэлииллэр. Санатан эттэххэ, муус ааһар кэмигэр дьону быстах кэмҥэ олордорго анаан 267 пуун бэлэмнэммитэ.
Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ уонна муниципалитеттар былаастарын уорганнарын иннигэр нэһилиэнньэлээх пууннарга халаан уута куттала суох ааһыытын хааччыйар соругу туруорда. Дьон олоҕор уонна доруобуйатыгар кутталы үөскэппэт туһугар бары дьаһаллары ылынарга эттэ, бу сытыы боппуруос олоҕу-дьаһаҕы хааччыйарга, экэниэмикэ сайдарыгар сүҥкэн суолталааҕын бэлиэтээтэ.
Өрөспүүбүлүкэ өрүстэригэр гидрологическай балаһыанньаны кэтээн көрөргө-истэргэ анаан 200-тэн тахса гидропост тэриллибитэ, ону таһынан пилота суох, анал уонна гражданскай авиациялар үлэлииллэр. Өлүөнэ, Алдан, Халыма, Амма, Ньүүйэ уонна Токко өрүстэргэ харыы үөскүөн сөптөөх 79 учаастагар мууһу кэбирэтии үлэлэрэ ыытыллыбыта. Эрэгийиэн таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ биллэриллибитинэн, быыһааччылар билигин да бу хайысханан салгыы үлэлии сылдьаллар диэн Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Хаартыскаҕа Андрей Сорокин (ЯСИА) түһэриилэрэ
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0