Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -36 oC

Дьокуускай куорат 10-с №-дээх «Туллукчаан» оҕо сайдар киинин «Мичээр» бөлөх иитиллээччилэрэ хоһоон айарга холоноллор.

Дьокуускай куорат 10-с №-дээх «Туллукчаан» оҕо сайдар киинин «Мичээр» бөлөх иитиллээччилэрэ хоһоон айарга холоноллор.

Кинилэри иитээччилэр Парасковья Попова, Агафья Крылова, Катерина Бурнашева уран тылга уһуйаллар, төрөөбүт ийэ тылга тапталы иҥэрэллэр, төрүт култуураны билиһиннэрэллэр. Кырачааннары Оҕо көмүскэлин күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлээн тураммыт, кинилэргэ ситиһиилэри баҕарабыт итиэннэ бастакы холонууларын таһаарабыт.

ДЬЫЛ КЭМИН ТАПТЫЫБЫН

Кыһын хаар түһэр,

Тымныы кэлиэҕэ,

Онтон саас кэлиэ,

Ботанан сылдыаҕым.

Сайын ардах түһэр,

Чалбахха түһүөҕүм,

Күһүн сэбирдэх саһарыа,

Дыня, арбуз сиэҕим.

Роберт ГОРОХОВ, 3 саастаах.

БЭЧИЭННЬЭ

Ийэм бэчиэнньэ аҕалар,

Мин садиктан кэлэрбэр.

Элбэх бэчиэнньэ үчүгэй,
Садикка илдьиэҕим ордорон.

Түмэн ИВАНОВ, 3 саастаах.

Паша_-_2.jpeg

ЗООПАРКАҔА

Биһиги маамалыын,

Тимурдуун, Дималыын

Ыраах да ыраах

Зоопаркаҕа барбыппыт.

Көрбүппүт үрүҥ эһэни,

Икки кыракый оҕотун.

Оҕолорун эһэ таптыырын,

Кинилэри харыстыырын.

Сияна ШЕЛКОВНИКОВА, 3 саастаах.

МИН АҔАМ

Аҕам Дьулус үлэһит,

Улахан массыына суоппара

Ыраах айаҥҥа барар,

Харчы, сакалаат аҕалар.

Аҕам: «Алло,алло!»- диир,

«Кэл, кэл», – диэтим мин.

Кини сайын кэлиэҕэ,

Миигин сыллаан ылыаҕа.

Лилиана ЖИРКОВА, 3 саастаах.

Паша_-_3.jpeg

НЬУРГУҺУН

Тымныы кэнниттэн

Ньургуһун кэлэр,

Кини күн курдук

Араҕас дьүһүннээх.

Ньургуһуну тыытыма,

Атаххынан тэсимэ.

Ньургуһуну үктээмэ,

Кини иккиһин үүммэт.

БИЭРИЭХПИН БАҔАРДЫМ

Эбээ Парасковья эппитэ:

– Уол оҕо бэлиэтэ ох саа,

– Кыыс оҕо бэлиэтэ кыптыый.

Подругабар Эмибар кыптыый,

Табаарыспар Робертка ох саа

Биэриэхпин баҕардым мин.

Амелия СИЛЬВЕСТРОВА, 4 саастаах.

п_-_01.jpeg

МИН ХОС ЭҺЭМ

Хос эһэм Охоноос

Сэриигэ барбыта.

Кини сэрииини кыайбыта,

Кэлбитэ үөрбүт харахтаах.,
«Сэрии куһаҕан» диэбитэ,

Кини герой!

КУЛУНЧУК

Кулунчук уу-чукучук

Кутуруга куудара,

Ийэтин кини эмэр,

Кулунчук мин курдук.

Святослав ХРИСТОФОРОВ, 4 саастаах.

ТӨРӨӨБҮТ КҮН

Мин төрөөбүт күммэр

Эбээ Лида кэлбитэ,

Кроссовка,заколка кэһиилээх,

Миигин кууһан ылбыта.

Айсена БУРНАШЕВА, 4 саастаах.

111111.jpeg

  • 1
  • 2
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Общество

Как распознать мошенников

«Как только мы начинаем задавать вопросы, мы начинаем думать, поэтому всегда задавайте…
10.12.24 09:34
Уопсастыба

«Үрүччэ» 35 сыла!

Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускайга «Сырдыкка, кэрэҕэ тардыһан» диэн тылынан уус-уран айымньы…
10.12.24 09:22