Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 9 oC

Аан дойду үрдүнэн норуоттар култуураларын, үгэстэрин көрдөрөр бэстибээллэр, куонкурустар ыытыллаллар.  Ааспыт ыйга Красноярскай кыраай Шушенскай бөһүөлэгэр “Мир Сибири” диэн этническай муусукаҕа уонна илиинэн уһаныы ускуустубатыгар  анаммыт норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээл  ыытылынна. 

Аан дойду үрдүнэн норуоттар култуураларын, үгэстэрин көрдөрөр бэстибээллэр, куонкурустар ыытыллаллар.  Ааспыт ыйга Красноярскай кыраай Шушенскай бөһүөлэгэр “Мир Сибири” диэн этническай муусукаҕа уонна илиинэн уһаныы ускуустубатыгар  анаммыт норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээл  ыытылынна. 

Бу бэстибээлгэ барыта 191 кэллэктиип уонна биирдиилээн толорооччу дойдубут  35 субъектарыттан итиэннэ Индияттан, Бразилияттан талба талааннаахтар кытыннылар. Бэстибээл дьүүллүүр сүбэтин бэрэссэдээтэлинэн,  муусука эйгэтигэр аан дойду таһымыгар биллэр С.Н.Старостин үлэлээтэ.

Талыы-талба Тааттаттан силистээх, Москубатааҕы Н.Н.Миклухо-Маклай аатынан этнология уонна антропология институтун  научнай үлэһитэ Ия Меккюсярова бу бэстибээлгэ кыттар ыҥырыыны ыам ыйын саҕаланыытыгар туппута. Кини ыарахан  үөрэхтэн быыс булан, дойду тэбэр сүрэҕэр  үөрэммит, үлэлиир сылларыгар, төрөөбүт норуотун култууратын тарҕатан, билиһиннэрэн кэллэ. Бэстибээлгэ ситиһиилээхтик кыттан, 51 бастыҥ толорооччу кэккэтигэр киирсэн, лауреат үрдүк ааты ылан, “Солист-вокалист-инструменталист” диэн анал аакка тигистэ. Бу аат кини дэгиттэр ырыаһытын, муусукаанын бигэргэтэр.

М_-_1.jpeg

Ия Меккюсярова “Мир Сибири” бэстибээлгэ кыттарыгар үбүнэн күүс-көмө буолбут, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Варвара Михайловаҕа, оскуолаҕа бииргэ үөрэммит доҕотторугар, “Харбалаах” түмсүү бэрэссэдээтэлигэр Семен Оготоевка, түмсүү чилиэнигэр Лилия Захаркинаҕа уонна чугас дьонугар махталын биллэрэр. Биир дойдулаахтарын алгыстаах тыллара, үтүө санаалара кыайыыга үктэл буолбуттара саарбаҕа суох.

М_-_3.jpeg

Ийэ үүтүн кытта ырыа, муусука дьүрүскэнэ  сүүрүгүрэн киирбит талааннаах биир дойдулаахпытыгар, инникитин даҕаны өбүгэн үгэһин тарҕата тураргар, аатырар-сураҕырар институт биир таһымнаах үлэһитэ буола үүнэргэр баҕарабыт.

  • 12
  • 2
  • 0
  • 0
  • 1
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Ситим салҕанар

2020 сыллаахха Саха Сирин кэриэй хааннаах сыдьааннара өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан…
12.09.24 14:36