Уус Алдан былаанын 99,8 % толордо
Биирдиилээн улуустарынан ылан көрдөххө, 29 945 туоннаны чөкөтөн, Уус Алдан улууһа былаанын 99,8 % толорбут. Бу курдук, былааннарын Нам 98,2 %, Кэбээйи 95,1 %, Хаҥалас 92,2 %, Ньурба уонна Бүлүү 91 %, Үөһээ Бүлүү 90,3 %, Сунтаар 88,6 %, Мирнэй 88 %, Мэҥэ Хаҥалас 87,3 %, Өлүөхүмэ 84,9 % толорбуттар.
Биллэрин курдук, саамай быһаарыылаах бэс уонна от ыйдарыгар ардах түспэккэ уонна эбиитин түүнүн тымныы буолан, илин эҥээр улуустар сорох нэһилиэктэригэр курааннаабыта. Чуолаан Амма улууһугар саас өрүс уутун таһаарбакка, хочолорго орто уу да кэлбэккэ, үүнүү мөлтөх буолан, олохтоох суолталаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ биллэриллибитэ, салаа да оту хаалларбакка сирийэн оттуур, мобильнай биригээдэлэри тэрийэн, үрэх бастарыгар көһөн үлэлиир сорук туруоруллубута. Ол түмүгэр, кыстыыр отторун Чурапчы улууһа 84,7 %, Амма улууһа 72,6 % хааччыннылар. Маннык кураан дьыллары утары туруулаһа үөрүйэх үлэһит дьон билигин даҕаны ходуһаттан тахсар санаалара суох.
Маны таһынан, 13 222 туонна (46 %) сиилэс угуллубут. Ити иһигэр, Дьокуускай куорат 2 000, Сунтаар 3 413, Амма 2 000,туоннаны бэлэмнээннэр, былааннарын туһааннааҕынан 143 %, 114 % уонна 105 % толорбуттар. Оттон Ленскэй 1 296 (40 %), Чурапчы 1 100 (67 %), Нам 600 (71 %), Мирнэй 610 (47 %) туонна сиилэһи оҥорбуттар. Сенаж 2 664 туонна (19 %) бэлэмнэммит. Мантан күһүн бу көрдөрүүлэр өссө тупсарыллыахтара.
Улуустардааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениелара барыллаан суоттуулларынан, мобильнай биригээдэлэр оттуур отторун киллэрэн туран, 395 тыһыынча туонна оттонор кыахтаах, ити былаан 91 %-а. Онно 37 туонна аспыт кыстыктан ордубут кур оту эптэххэ, иһэр кыстыгы туоруур от 99 %-а хааччыллар кыахтаах диэн Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтэ эрэллээхтик этэр.
Мобильнай биригээдэлэр
Ыраах учаастактарынан көһөн оттуурга анаан 205 (Аммаҕа 36, Уус Алдаҥҥа 25, Горнайга 42, Мэҥэ Хаҥаласка 18, Бүлүүгэ уонна Чурапчыга 15-тии, Орто Халымаҕа 14, Тааттаҕа 11, Томпоҕо 8, Үөһээ Бүлүүгэ 7, Хаҥаласка, Өлүөхүмэҕэ уонна Дьокуускайга 4-түү, Ньурбаҕа 2) мобильнай биригээдэ тэриллэн, үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Кинилэр ханна сир көстөрүнэн, ыраах учаастактарга, ыаллыы улуустарга баран, өрүстэр арыыларыгар киирэн, Уус Маайа Нуотаратыгар сыһыарыллыбыт ходуһаларыггар тиийэн, барыта холбоон 18 711 туоннаны чөкөттүлэр (былааннара 36 000 туонна). Ити иһигэр, аммалар 4 994, үөһээ бүлүүлэр 2 497, бүлүүлэр 2 464, горнайдар 1 371, мэҥэ хаҥаластар 1 996, чурапчылар 1 603, уус алданнар 1 000, таатталар 690, томполор 675 туоннаны оттообуттар.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0