Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -9 oC

Дьокуускай куорат оскуолаларыгар 55 тыһыынча оҕо үөрэнэр, ол иһигэр маҥнайгы кылааска 5 754 оҕо киирдэ, былырыыҥҥы сылга тэҥнээтэххэ, 2000-нан элбэх оҕо оскуола боруогун атыллаата.

Дьокуускай куорат оскуолаларыгар 55 тыһыынча оҕо үөрэнэр, ол иһигэр маҥнайгы кылааска 5 754 оҕо киирдэ, былырыыҥҥы сылга тэҥнээтэххэ, 2000-нан элбэх оҕо оскуола боруогун атыллаата.

Балаҕан ыйын 2 күнүгэр А.Г. уонна Н.К. Чиряевтар ааттарынан Саха национальнай гимназиятыгар Билии күнүгэр анаммыт үөрүүлээх илиниэйкэ бэрт долгутуулаах, өрө көтөҕүллүүлээх быһыыга-майгыга ыытылынна.

Сайыҥҥы ситиһиилэр

Бары учууталлары, үлэһиттэри, үөрэнээччилэри уонна төрөппүттэри, ыҥырыылаах ыалдьыттары гимназия дириэктэрэ Валентина Пермякова эҕэрдэлээтэ. Гимназия сайыҥҥы ситиһиилэриттэн билиһиннэрдэ. Ааспыт 2023-2024 үөрэх сылыгар гимназияны 97 үөрэнээччи, ол иһигэр 6 оҕо үрүҥ көмүс, 3 оҕо кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрэн, бары анал үрдүк үөрэх кыһаларын устудьуоннара буолбуттар. «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы VIII успуорт оонньууларыгар буулдьа саанан ытыы күрэхтэһиитэ гимназия саалатыгар ыытыллыбыт, онно сэттис «а» кылаас биэс үөрэнээччитэ ситиһиилээхтик кыттан, өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатыгар олус наадалаах очукуолары тэбэн биэрбиттэр. Василий Макаров салайар төрдүс «б» кылааһын үөрэнээччилэрэ Бүтүн Арассыыйатааҕы «Хотойчооннор сомоҕолоһуулара» күрэхтэһиигэ бастааннар, «Океан» лааҕырга өрөспүүбүлүкэ чиэһин көмүскээн кэлбиттэр, Бүтүн Арассыыйатааҕы «Бэрэсидьиэн күрэхтэрэ» күрэхтэһиигэ хоппут алтыс «а» кылаас үөрэнээччилэрэ «Артек» лааҕырга бэҕэһээ барбыттар, билигин Наталья Максимова уонна Татьяна Крылова салалталарынан 14 чилиэннээх гимназия сүүмэрдэммит хамаандата успуорт кулууптарын Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэһиилэригэр бараары бэлэмнэнэ сылдьар эбиттэр.

– Быйылгы үөрэх cылыгар гимназияҕа 1200 оҕо үөрэнэр, маҥнайгы кылааска үс кылаас-кэмпилиэгинэн 105 кырачаан киирдэ, уон биирис кылааска 107 үөрэнээччи баар, – диэтэ дириэктэр итиэннэ бары үөрэнээччилэргэ туйгуннук үөрэнэргэ, иитэр-үөрэтэр үлэһиттэргэ айымньылаахтык үлэлииргэ-хамсыырга баҕарда.

гимн_-_президиум.jpeg

Иннигит хоту дьулуһан иһиҥ

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын аатыттан истиҥ эҕэрдэ тыллары бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников эттэ. Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков дириҥ ис хоһоонноох этиини оҥордо:

Күндү оҕолор, учууталлар, төрөппүттэр, ийэлэр, аҕалар уонна эһэлэр-эбэлэр! Эһигини киһи аймахха барытыгар сыһыаннаах үөрүүлээх күнүнэн, саҥа үөрэх дьыла саҕаламмытынан эҕэрдэлиибин! Бүгүн, эһиэхэ  барыгытыгар курдук, биһиги дьиэ кэргэҥҥэ эмиэ улахан бэлиэ күн. Саха гимназията 1992 сыллаахха, 32 сыл анараа өттүгэр аһыллыбыта. Ол бастакы үөрэх дьылыгар маҥнайгы кылааска биһиги улахан уолбут балайда уустук тургутууну ааһан гимназияҕа үөрэнэ киирбитэ. Оттон бу бүгүн маҥнайгы кылааска сиэним кыыс үөрэнэ киирдэ. Онон, 32 сыл буолан баран, саҥа үөрэх дьыла аһыллар үөрүүлээх күнүгэр сиэммитин эҕэрдэлии эбэтинээн иккиэн кэлэн турабыт. Күндү төрөппүттэр, эһиги да ортоҕутугар итинник эбэтэр итиниэхэ маарынныыр түгэннээхтэр бааллара буолуо. Эһигини барыгытын оҕолоргут, сиэннэргит Чиряевтар ааттарын сүгэр Саха национальнай гимназиятыгар үөрэххэ киирбиттэринэн истиҥник эҕэрдэлиибин.

Александр Николаевич салгыы үөрүүлээх илиниэйкэҕэ мустубут дьоҥҥо Саха гимназията аһыллыбыт төрүөтүн кэпсээтэ:

Сахалыы, национальнай гимназияны тэрийии туһунан идиэйэни Николай Константинович Чиряев бэйэтин биир санаалаахтарын кытары Сэргэлээххэ, Саха судаарыстыбаннай үнүбэрситиэтин 18 №-дээх куорпуһун тохсус этээһигэр баар аспираннар уонна үнүбэрситиэт  эдэр исписэлиистэрин уопсайдарыгар олорон иитийиэхтээн таһаарбыта. Ити санааны Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев өйөөн, Саха гимназията 1992 сыллаахха бастакы үөрэх дьылын саҕалаабыта. Саха гимназията күүстээх баҕа санааттан уонна күүстээх дьулууртан үөскээбитэ. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр сахалыы өйдөөх-санаалаах, сахалыы куттаах-сүрдээх, ханнык баҕарар омук бэртэрин кытта тэҥҥэ алтыһар ыччаттаах, дьонноох-сэргэлээх буолуохтаахпыт диэн санааттан. Ол санаа, дьулуур билигин даҕаны Саха гимназиятын сүрүн соруга, онтон булгуруйумаҥ, онтон туораамаҥ. Иннигит хоту дьулуһан иһиҥ. Дойдугутугар, дьоҥҥутугар-сэргэҕитигэр туһалаах дьону иитэн таһаарыҥ диэн эһиэхэ, учууталларга, алгыс тылбын этэбин. Гимназия инникитин даҕаны ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы, Саха Сирин ыччатын бастыҥтан бастыҥ буоларга иитэ-үөрэтэ, уһуйа-такайа туруохтун!

о2.jpeg

Сорук: хаачыстыбаны тупсарыы

Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын аатыттан эҕэрдэлээбит Иван Гуляев иһитиннэрбитинэн, куорат оскуолаларыгар 55 тыһыынча оҕо үөрэнэр, ол иһигэр маҥнайгы кылааска 5 754 оҕо киирбит, былырыыҥҥы сылга тэҥнээтэххэ, 2000-нан элбэх оҕо оскуола боруогун атыллаабыт! Үөрэхтээһин эйгэтигэр куорат салалтата ураты болҕомтотун уурар, уһуйааннар, оскуолалар, эбии үөрэхтээһин кииннэрин, успуорт оскуолаларын матырыйаалынай-тиэхиньиичэскэй баазаларын сайыннарыыга улахан үлэ ыытыллар. Күн бүгүн куорат 19-с, 29-с №-дээх оскуолаларыгар, Саха политехническэй лиссиэйгэ, Марха 1 №-дээх оскуолатыгар эбии тутуулар оҥоһуллаллар, 153-с микрооройуоҥҥа 990 миэстэлээх оскуола, Адаптивнай үөрэтэр комплекс, 4-с №-дээх анал корррекционнай оскуола дьиэлэрэ тутуллаллар, Билии күнүгэр Мархаҕа кадеттар саҥа оскуолалара үлэҕэ киллэриллибит.

Бу барыта оҕолор үөрэнэр, учууталлар үлэлиир усулуобуйаларын тупсарарга, оскуола ноҕуруускатын аччатарга итиэннэ иитэр-үөрэтэр үлэ хаачыстыбатын үрдэтэргэ туһуланар. Биһиги бастыҥ үлэлээх уонна эдэр педагогтары  кэлэр да өттүгэр өйүөхпүт, үүнэр сүһүөх ыччаты иитии-үөрэтии бастыҥ уопутун тарҕатыахпыт, – диэтэ киин куорат дьаһалтатын бэрэстэбиитэлэ.

гимназия_-_3.jpeg

«Бастакылар хамсааһыннара» өйүүр

Оҕолор уонна ыччаттар Бүтүн Арассыыйатааҕы «Бастакылар хамсааһыннара» диэн уопсастыбаннай-судаарыстыбаннай хамсааһыннарын Саха Өрөспүүбүлүкэтин эрэгийиэннээҕи салаатыгар муниципалитеттары кытары үлэни сүрүннээччи Таисия Томская эҕэрдэтэ кылгас, этиитэ дьэҥкэ буолла.

– Күндү оҕолор, бүгүн эһиэхэ хас биирдиигитигэр саҥа, кэрэхсэбиллээх  үөрэх сылын маҥнайгы күнэ. Сыл устатыгар элбэҕи билиэххит-көрүөххүт, элбэххэ үөрэниэххит, саҥа доҕоттордонуоххут. Онон, мэлдьи үөрэ-көтө, үчүгэйи саныы, үтүөҕэ тардыһа сылдьаргытыгар, уопсастыбаннай үлэҕэ көхтөөх буоларгытыгар баҕарабын. Оттон учууталларга, бары иитэр-үөрэтэр үлэһиттэргэ тулуургут, дьулуургут иһин махталбын тиэрдэбин. Иннибитигэр улахан сорук турар: хас биирдии үөрэнээччи дьоҕурун-талаанын арыйыы, кинилэри сөптөөх суолга сирдээһин. Маны биһиги, педагогтар уонна төрөппүттэр, бииргэ үлэлээтэхпитинэ ситиһиэхпит. Күндү оҕолор, иннигит диэки билии-көрүү саҥа саҕахтарыгар хорсуннук баран иһиҥ. «Бастакылар хамсааһыннара» эһиги идиэйэлэргитин, ыраҕытын, бырайыактаргытын мэлдьи өйүүр! Билии күнүнэн!

гимн_-_все.jpeg

Кэлэр кэм көтөр аала

Үөрүүлээх илиниэйкэ уон биирис кылаас үөрэнээччилэрэ маҥнайгы кылаас үөрэнээччилэригэр баҕа санааларын суруйбут кумааҕы көтөр аалларын  туттарыынан түмүктэннэ. Санатан эттэххэ, Бүтүн Арассыыйатааҕы «Оҕо аймах навигатордара» бырайыак иллэрээ сыл саҕалаабыт «Кэлэр кэм көтөр аала» («Самолетик будущего») аахсыйата Билии күнүгэр тэриллэр, көлүөнэлэри ситимниир үтүө үгэскэ кубулуйда.

Гимназия боруогун саҥа атыллаабыт кырачааннар кинилэри кыһаллан үөрэнэргэ, көрсүө-сэмэй бэрээдэктэх буоларга сүбэлээн-амалаан суруйбут аҕа табаарыстарын көтөр аалларын кичэллээхтик тутан, учууталларын батыһан кылаастарыгар киирдилэр.

Маҥнайгы уруокка ыҥырар бастакы чуораан чугдаарда!

Хаартыскаларга Петр Попов (Ил Түмэн) түһэриитэ

  • 2
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением