Сергей Гаврилов минтруд бэлэмнээбит сокуонун барылынан совместителлэргэ сүрүн үлэһиттэр курдук тэҥ төлөбүрдэри хааччыйарга этии киллэрбитин эттэ.
«Чуолаан, 178 ыстатыйа үлэттэн уурайар выходной босуобуйа уонна толуйуу төлөбүрдэрэ сүрүн үлэтин таһынан иккис үлээх үлэһиттэргэ эмиэ бэриллэллэрин чуолкайдыыр. Маннык чуолкайдааһыннар 318 ыстатыйанан хонтуруолланар Уһук Хотугу уонна онно тэҥнэһэр эрэгийиэннэр үлэһиттэригэр бэриллэллэр», - диэн эттэ дьокутаат.
Парламентарий сокуон ситиһиилээхтик олоххо киирэригэр нуорманы тутуһууну хонтуруоллуур боростуой уонна көдьүүстээх систиэмэни оҥоруохха наада диэн санаалаах. Маныаха, кини этэринэн, үлэһиттэр бэйэлэрэ сүрүн хонтуруоллуур үнүстүрүмүөнүнэн буолуохтарын сөп, тоҕо диэтэххэ, сокуону олоххо киллэриини кэтээн көрүү үксүгэр официальнай уонна көдьүүһэ суох буолар.
Хаартыска «Парламентская газета» сайтыттан ылылынна
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0