Авксентий Егорович өрөспүүбүлүкэҕэ үрдүк үөрэхтээһини уонна национальнай научнай-чинчийэр үнүстүүтү төрүттэспит дьонтон биирдэстэрэ буолар. Кини: «Кэскиллээх норуот кэрэхсэбиллээх дьонун кэриэстиир», -- диэн этэн хаалларбыт дириҥ ис хоһоонноох этиититтэн сиэттэрэн, Николай Фёдорович Львов улуу дьоммутун, үс ини-бии Мординовтары, үйэтитэн Харбалаахха мусуой тэрийбитэ.

Дьэ бу мусуойга Авксентий Егорович Мординов төрөөбүтэ 115 сылын бэлиэтээһин чэрчитинэн, саха норуодунай суруйааччыта Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйын аатынан Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугун лиссиэйин устудьуонньарыгар анаан бэртээхэй тэрээһин буолан ааста.

Устудьуоннар Авксентий Егорович олорон аспыт олоҕун, айар үлэтин кытары билистилэр. Нуучча улуу суруйааччыта Михаил Шолохов «Тиэриллибит кырыс» диэн арамаанын уонна Карл Маркс, Фридрих Энгельс, Владимир Ильич Ленин уонна да атыттар үлэлэрин сахалыы тылбаастаабыта туспа кинигэлэринэн бэчээтэммитин көрдүлэр, билистилэр. Тутта сылдьыбыт ытык малларын (ачыкытын, уруучукатын, хамсатын, саквояһын) сэҥээрдилэр.

Авксентий Егорович саха ыччата үөрэхтээх, төрөөбүт дойдутугар туһалаах, бэриниилээх буоларын туһугар үлэлээбитэ-хамсаабыта. Онон хас биирдии устудьуон үчүгэйдик үөрэнэн, талан ылбыт идэлэрин баһылаан, төрөөбүт дойдутун сайыннарыа, олоххо аналын булуо диэн диэн эрэнэбит.
-
2
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
