Быйылгы бэлиэ күҥҥэ ылланар ырыалар дойдуга тапталы, бэриниилээх буолууну айхаллыахтара. Бу туһунан СӨ Ил Дархана Айсен Николаев эҕэрдэ тылыгар: «... Араас көлүөнэ дьон – оҕолор, улахан да дьон – төрөөбүт дойдуга, олоххо тапталы бииргэ ыллыыллар. Бу Аҕа дойду сэриитигэр Улуу Кыайыы 80 сылыгар, Арассыыйаҕа Аҕа дойдуну, Саха Сиригэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылыгар ордук суолталаах. Ырыа биһиги көмүскээччилэрбит бойобуой санааларын бөҕөргөтөр, дойдубут уонна бүтүн цивилизованнай аан дойду инники кэскилин көмүскүүргэ көмөлөһөр...», - бэлиэтээн этэр.
Ил Дархан эҕэрдэ тылын сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ: https://www.sakha.gov.ru/news/4865
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0