Үөһээ Бүлүү улууһун борокуруора Хакасия Өрөспүүбүлүкэтиттэн төрүттээх эр киһиэхэ холуобунай дьыалатыгар судаарыстыбаннай буруйдааһыны өйөөтө. Кини РФ Холуобунай кодексын 228 ыст. 1 ч. (сокуоннайа суохтук ылан, батарбат сыаллаах наркотик сириэстибэлэрин элбэх кээмэйдээҕин харайыы) сууттанна.
Суут кэмигэр биллибитинэн, сууттанааччы бэйэтэ туһанаары, айылҕаҕа үүнэр каннабис (марихуана) отун атыылаһан ылбыт. Бу оту кини «CHANGAN» мааркалаах «UNI-K» массыына салонугар харайа сылдьыбыт.
Суут судаарыстыбаннай буруйдааччы санаатын учуоттаан, сууттанааччыны ыстарааптыырга уураахтаата. Ону таһынан 3 мөлүйүөн солкуобайтан тахса сыаналаах «CHANGAN» мааркалаах массыына судаарыстыба дохуотугар былдьанна.
Уураах сокуоннай күүһүгэр киирэ илик.




















