Онон Арыссыыйаҕа киирэргэ «Госуслуги RuID» сыһыарыы нөҥүө эрдэттэн анал QR-куоду ылар ирдэнэр. Омук кырасданьыына Арассыыйаҕа айанныан иннинэ «Госуслуги RuID» хачайдаан ылан, эрэгистэрээссийэлэниэхтээх уонна тус кэбиниэтин арыныахтаах, онно бэйэтин хаартыскатын, тус чахчыларын киллэриэхтээх. Онтон айанныан 72 чаас иннигэр Арассыыйаҕа киирэр сыалын-соругун уонна сылдьар болдьоҕун туһунан ыйан, сайабылыанньа суруйуохтаах. Экстреннай түбэлтэлэргэ — холобур, аймаҕа ыалдьыбыт эбэтэр өлбүт буоллаҕына — сайабылыанньаны айанныа 4 чаас иннигэр суруйара көҥүллэнэр.
Бэриллибит сайабылыанньа 90 күҥҥэ күүһүн сүтэрбэт. Бу кэм устатыгар омук киһитэ дойдуга киирбэтэх буоллаҕына, сайабылыанньаны саҥаттан суруйар. Оттон сааһын ситэ илик оҕо эбэтэр бэйэтин кыайан көрүммэт киһи оннугар сайабылыанньаны киирэргэ көҥүллээх төрөппүт эбэтэр эпэкиин биэрэллэр.
Мобильнай сыһыарыы судаарыстыба өҥөтүнэн онлайн туһанарга, ИДьМ уорганын приемугар суруттарарга, страховканы оҥорторорго, докумуоннары биэрэргэ, саамай сүрүнэ – пааспар дааннайын итиэннэ кыраныыссаны туоруурга айанныыр туһунан QR-куоду биэрэргэ наада. Онон, 2025 сыл сайыныттан Арассыыйаҕа визата суох киирии эрдэттэн сыыппара пропустаах эрэ дьоҥҥо көҥүллэниэҕэ.
Ил Түмэн саайтын матырыйаалынан
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0