СӨ Ил Дарханын көҕүлээһининэн тутуллубут тэпилииссэҕэ олордуллубут мастар баһаартан эмсэҕэлээбит ойуурдары чөлүгэр түһэриигэ туһаныллыахтара.
Манна номнуо Красноярскай кыраайтан аҕалыллыбыт 1000 кэриҥэ бэс сиэмэтэ олордуллубут. Сотору кэминэн, атын эрэгийиэннэртэн сиэмэни ылыы тохтуоҕа, тоҕо диэтэххэ, тэпилииссэ комплексыгар ойуур култуураларын үүннэриигэ бэйэ технологиялара туттуллуохтара, өрөспүүбүлүкэҕэ үүннэриллибит сиэмэ баар буолуоҕа.
Быйыл олордуллубут мастар тэпилииссэҕэ кыстаан улааттахтарына, эһиил ойуурдарга көһөрүөхтэрэ.
Санатан эттэххэ, 2024 сыл түмүгүнэн Саха Сирэ ойууру чөлүгэр түһэрии үлэтин көрдөрүүтүнэн дойдуга инники күөҥҥэ сылдьар.
Иһитиннэрии уонна хаартыска: Экология Якутии/ https://t.me/ecoyakutia
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
















