Бу тэрилтэ дириэктэринэн Ил Түмэн хотугу төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттар уонна Аартыка дьыалаларыгар сис кэмитиэтин эспиэртиир хамыыһыйатын чилиэнэ Роман Калитин ананан үлэтин саҕалаабыта.
Аартыка күнүгэр, ол эбэтэр кулун тутар 19 күнүгэр Роман Калитин уонна Ил Түмэн Ил Түмэн хотугу төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттар уонна Аартыка дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Елена Христофорова аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар түөлбэлээн олорор сирдэригэр олохтоох салайыныы тиһигин саҥа кэм ирдэбилинэн тэрийиигэ анаммыт сэминээри ыыттылар. Онно дьокутааттар, өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай былааһын, уопсастыбаннай тэрилтэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ, нэһилиэктэр баһылыктара итиэннэ онлайн киэбинэн улуустар, ыаллыы эрэгийиэннэр дьокутааттара кытыннылар.
Ол туһунан сиһилии «Ил Түмэн» хаһыат бу нэдиэлэтээҕи нүөмэригэр ааҕыаххыт.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0

