-- Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр тыа хаһаайыстыбата тыйыс айылҕалаах хотугу сир олоҕун укулаата уонна ас-үөл өттүнэн куттал суох буолуутун төрдө буолар. Бырабыыталыстыба тыа сирин, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга улахан болҕомтотун уурар. Ол эрээри, салаа көдьүүһүн үрдэтэргэ аҥардас субсидия көрүллүүтэ эрэ тутах, сүрүн оруолу каадырдар ылаллар, – диэтэ Сергей Местников.
Күн бүгүн АПК-ҕа үрдүк технология киллэриллэрэ ыччаты тардарын, Агродиктаҥҥа устудьуоннартан саҕалаан бэтэрээннэргэ тиийэ элбэх киһи кыттыбыта тыа сиригэр, тыа хаһаайыстыбатыгар интэриэс улаханын көрдөрөрүн эттэ. Кинилэр билиилэрэ – өрөспүүбүлүкэ, Бүтүн Арассыыйа сайдыыларыгар кылаат буоларын бэлиэтээтэ.
Бу туһунан Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Хаартыска: тустаах саайтан.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0

