Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -39 oC

От ыйын 4 күнүгэр Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр улуустааҕы «Ийэ тыл» түмсүү салайааччылара мунньахтаатылар. Бары билэрбит курдук, кулун тутарга Үөһээ Бүлүү улууһугар өрөспүүбүлүкэтээҕи “Ийэ тыл” сугулаана буолбута. Бу сугулааҥҥа өрөспүүбүлүкэттэн ийэ тылын түмсүүлэрэ, саха тылын учууталлара, уопсастыбанньыктар, докутааттар, баһылыктар кэлэн үрдүк таһымнаах тэрээһин буолбута. Биһиги улуус бары нэһилиэктэриттэн бырайыактаах киирэн көмүскээбиттэрэ.

От ыйын 4 күнүгэр Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр улуустааҕы «Ийэ тыл» түмсүү салайааччылара мунньахтаатылар. Бары билэрбит курдук, кулун тутарга Үөһээ Бүлүү улууһугар өрөспүүбүлүкэтээҕи “Ийэ тыл” сугулаана буолбута. Бу сугулааҥҥа өрөспүүбүлүкэттэн ийэ тылын түмсүүлэрэ, саха тылын учууталлара, уопсастыбанньыктар, докутааттар, баһылыктар кэлэн үрдүк таһымнаах тэрээһин буолбута. Биһиги улуус бары нэһилиэктэриттэн бырайыактаах киирэн көмүскээбиттэрэ.

Сугулаан кэнниттэн туох үлэ-хамнас барбытын, ийэ тылы хараанныырга ханнык кыһалҕалары көрсүбүттэрин туһунан санаа атастаһа, инники былааннары торумнаһа кэлбиттэр. Улуус үрдүнэн ийэ тылга анаан туох үлэлэр барбыттарын улуустааҕы “Ийэ тыл” түмсүүтүн салайааччыта Бурхалей Макаров билиһиннэрдэ.

Ылан көрдөххө, былырыын баччаҕа уонча киһилээх ийэ тыл түмсүүтэ эрэ баар буоллаҕына, сыл устата дьоһуннаах үлэлэр, хамсааһыннар ийэ тылы хараанныырга ыытылыннылар. Ол курдук, ийэ тылбытынан саҥарыы таһымын чинчийэр үлэни улуус бары оскуолаларынан сылдьан Бурхалей Макаров, Варвара Васильева билим анал ньыматыгар олоҕуран чинчийдилэр. Нэһилиэктэринэн сылдьан мунньахтаатылар, Тамалакаан, И.Н. Барахов аатынан 1-кы №-дээх орто оскуолаларга төрөппүт мунньаҕар кыттыыны ыллылар.  Оҕолор төрөөбүт тылынан саҥарыыларын түөрт таһымынан араардылар. Ол туһунан чинчийиини ыыппыт Варвара Васильева:

­- Лингвистика билимин дуоктара Иванова Нина Иннокентьевна, Никитина Вилюяна Николаевна, Филиппова Айина Гаврильевна оҥорбут методикаларынан туһанан, улуус оскуолаларын кэрийэн,  үөрэнээччилэри кытта сирэй көрсөн кэпсэтэн төрөөбүт тылларын билэр,  баһылыыр таһымнарын чинчийдибит. 

Тылы баһылыыр таһымнар:

1 таһым – ыраастык сахалыы саҥарар

2 таһым – сахалыы саҥарар эрээри, нуучча кыбытык тылларын туттар (холобур: конечно, уже, но, что курдук тыллары)

3 таһым – сахалыы саҥарар эрээри, нууччалыы аат, даҕааһын, эбэтэр туохтуур тыллары биирдиилээн туттар (холобур: желтый, зеленый, друг, пойдем о.д.а.)

4 таһым – сахалыы саҥарар эрээри, нууччалыы фразалары, этиилэри кыбытар (этии холобура: пойдем домой, потому что аччыктаатым)

5 таһым – сүрүнүн нууччалыы саҥарар эрээри, сахалыы тыллары кыбытар.

6 таһым – олох нууччалыы саҥарар. 

 Хас биирдии оскуолаҕа бэйэлэрин оҕолорун таһымнарын билиһиннэрбиппит уонна оскуола аатын ааттаабакка туран түмүк таһаарыахпыт диэн эрэннэрбиппит.  Чинчийиигэ уопсайа 3244 оҕо хабылынна. Онтон (19 оҕо) 0,59% бастакы таһым, (207) 6,38% иккис таһым, (2506) 77,25% үһүс таһым, (370) 11,41%  төрдүс таһым,  (81) 2,50% бэһис таһым (1-3 кылаастар), (62) 1,91% алтыс таһым. Мантан көстөрүнэн, биһиги улууспут саамай улахан бырыһыана үһүс таһым. 

 Аны улуус кииниттэн ойуччу сытар нэһилиэк уонна улуус киинин оскуолаларын тэҥнээн көрүү түмүгэр улахан араастаһыы суоҕа көстөр. Холобур, ыраах сытар 8 оскуоланы уонна улуус кииниттэн 2 оскуоланы (оҕо ахсаана тэҥ буоларын курдук) тэҥнээтибит. 

- Бастакы таһымҥа үрдүк көрдөрүү 6-7 кылаастарга көстөр (2009-2010 с.т.); 

- Иккис таһымҥа үрдүк көрдөрүү 7-8 кылаастарга көстөр (2009,2008 с.т.); 

- Үһүс таһымҥа кылаастар үгүстэрэ; арыый үчүгэй көрдөрүүлээхтэрэ 10-11 кылаастар. 

- Төрдүс, бэһис таһымнарга алын сүһүөх кылаастар ордук элбэхтэр (2012-2015 c.т.); 

- Алтыс таһымҥа маҥнайгы кылаас үөрэнээччилэрэ (2012 с.т.) 

Бастакы таһымҥа киирэр 19 оҕону кытта кэпсэтиибит түмүгэр дьиэ иһинээҕи эйгэ үтүө холобур буолара билиннэ.  Бастакы таһымҥа киирэр оҕолордоох оскуолалар: Сургуулук, И.Барахов аатынан маҥнайгы нүөмэрдээх оскуола, Мэйик, Кэнтик уонна Спиридонов аатынан төрдүс нүөмэрдээх оскуола.  Бу оҕолортон 14 оҕото сахалыы тыыннаах ийэҕэ-аҕаҕа иитиллэр, ол эбэтэр төрөппүттэрэ оҕолорун кытары толору сэһэргэһэллэр, 5 оҕо эбээҕэ-эһээҕэ иитиллэр.  Бу оҕолортон кинигэ ааҕара 4, бу манан сылыктаатахха, оскуола оҕото үксэ кинигэ аахпат эбит диэн этиэххэ сөп. Саамай сөбүлүүр уруоктара үгүстэрин киэнэ математика, история. Манна биири бэлиэтиэххэ наада. Оҕолортон саамай сөбүлүүр уруоктарын ыйыталастыбыт да, саха тылын уруогун сөбүлүүбүн диир оҕо тарбахха баттанар, отой аҕыйах. Билигин үөрэнэ сылдьар кинигэлэрэ билиҥҥи аныгы оҕоҕо сөп түбэспэт, билиини биэрэрэ ыарахан эбит диэн санаа үөскүүр. Онон саха тылын кинигэтин билиҥҥи оҕоҕо сөптөөх, оҕону тэйиппэт, тыл кэрэтигэр умсугутар гына оҥоһуллуохтаах. 

Бастакы таһымҥа киирсибит оҕолор үөрэхтэрин хаачыстыбата үрдүк, ол курдук 6 оҕо туйгун, 11 оҕо үчүгэй, 2 оҕо орто. Бу аата төрөөбүт тылынан толору саҥарар оҕо толкуйдуур дьоҕура лаппа үчүгэй эбит диэн санаа үөскүүр.

 Аны 5-6 таһымҥа холбоон уопсайа 123 оҕону чинчийдибит. Онтон атын омукка киирсэрэ 3 (2,4%), дьиэ иһинээҕи эйгэ, төрөппүттэрэ нууччалыы кэпсэтэр оҕолор – 23 (18,69%), төрөппүт кэпсэппэт оҕолоро (болҕомто тиийбэтиттэн ТВ, телефон оҕолоро) – 64 (52%), атын сиртэн көһөн кэлбит – 17 (13,82%), доруобуйатынан хааччахтаах – 7 (5,69%), тулаайах – 4 (3,25%), бииргэ алтыһар оҕотун сабыдыала – 3 (2,4%), оскуола дьайыыта – 2 (1,62%).

5-6 таһымнары чинчийии түмүгэр, саамай улахан бырыһыаны төрөппүт кэпсэппэт оҕолоро (болҕомто тиийбэтиттэн ТВ, телефон оҕолоро) – 64 (52%) ылаллар. Төрөппүттэр бэйэлэрэ оҕолорун сахалыы сатаан саҥарбатыгар телефону, тэлэбиисэри, интернети буруйдууллар. Ол эрэн, бу бэйэбит кэпсэппэппит түмүгэ диэн өйдөөбөттөр. Бастакы таһымҥа киирсэр оҕолор атын оҕолортон туох да уратыта суох эмиэ телефону, интернети тутталларын бэлиэтиэххэ сөп. Онон телефон, ТВ, интернет дьайыытыттан сахалыы саҥараллара мөлтөөтө диир тутах буолан тахсар.

 Үһүс таһымҥа киирсэр (463) оҕолору чинчийии түмүгэр оҕолор ордук ханнык тыллары билбэттэрин наардаатыбыт. 

Өҥнөрү билбэт (зеленый, желтый, коричневый, синий, голубой) – 35 (7,55%);

Уруу-аймах тылларын (холобур: сиэн-внук, внучек, эһээ-дедушка, эбээ –бабушка, эдьиий –тетя, балыстарын –племянницы) – 11 (2,37%);

Киһи этин-сиинин чаастарын (сүүстэрин орой, кэтэх, щечки, сарыннарын сүнньү, иэдэстэрин уос дииллэр, подбородок, лоб, плечо, пальцы, ладошки, нос, челюсть) – 25 (5,39%);

Туохтуурдары (сүгэр-көтөҕөр диэни араарбаттар) – 3 (0,64%);

Тылларын саппааһа суох (нууччалыытын да, сахалыытын да билбэттэр, холобур сирэйдэрин чааһын билбэттэр) – 36 (7,77%);

Биирдиилээн тыллары (дым тахсара, крыша, одуванчик, радуга, платье, тропа, дорога, вилы, вилка, кыраабылы – атырдьах, туйах - наскы, каблук, копыто, труба, жилет, рубашка, былааты – былаах, платок, повязка,  тирээпкэ, соттор дииллэр, кузнечик, божья коровка, сарафан, рог, окно, түннүгү таас, букашка, забор,  кыраабыл – хараабыл, дэйбиир – дайбыыр) – 353 (76,24%) оҕо. 

Саамай үрдүк бырыһыаны оҕолор ордук биирдиилээн тыллары билбэттэрэ 353 (76,24%) уонна тылларын саппааһа суохтара 36 (7,77%) ылар. Бу аата төрөппүт оҕотун кытта кэпсэппэтэ көстөр.

5b929f34 be88 4e80 942d c14e602ef536

Түмүккэ, оҕолор төрөөбүт тылларын билбэт буолуулара сыл аайы улаатан иһэрэ уонна билиҥҥи турукпут олус мөлтөҕө көһүннэ. Билиҥҥэттэн хамсамматахпытына, үлэ ыыппатахпытына аҕыйах сылынан (5-6 сылынан) сахалыы саҥарар оҕо диэн суох буолар кутталлаах. Үлэбитин сахалыы эйгэни олохтооһунтан саҕалыахха, онно үөһэ салалтаттан, хас биирдии нэһилиэк баһылыгыттан, оскуола, уһуйаан салайааччытыттан, нэһилиэккэ сырдатар үлэни ыытар үлэһиттэртэн, кулууп, библиотека үлэһиттэриттэн саҕалаан учууталыгар, төрөппүтүгэр тиийэ биир санаанан туруннахпытына биирдэ эрэ үтүө түмүккэ кэлиэхпитин, сахабыт тылын тыыннаах хаалларыахпытын сөп, - диэтэ.

Маны таһынан үөрэх дьылын түмүктүүр тиһэх чуораан күнүгэр сахалыы ыраастык саҥарар оҕолору биһириир добун суруктары оскуолаларынан туттардылар. Бэс ыйын саҥатыгар түмэр түһүлгэ диэн Бүлүү бөлөх улуустарын оҕолоругар аналлаах дьоһун тэрээһин буолбута. Бүлүү түбэтин оҕолоро мустан, салгыы хайдах саха тылынан оҕолор ыраастык саҥаралларын ситиһэбит диэн олус интэриэһинэй бырайыактары оҥордулар. Ол курдук, социальнай ситимнэргэ кылгатан туттуллар привет диэни «пр» диэн суруйалларын оннугар туругур “тур”, «пока» диэн тыл оннугар үчүгэйдик сырыт «Үс» диэн баран анал смайликтаан туттуохха сөп, ону таһынан сахалыы сыһыарыылары толкуйдаан оҥоруохха наада диэн бииртэн биир бырайыактарын билиһиннэрдилэр. Ону таһынан оҕолор өрөспүүбүлүкэтээҕи түмэр түһүлгэ диэн тэрээһиҥҥэ, Бүлүү Чинэкэтигэр баран тэрээһиннэргэ кыттыыны ыллылар.Блаҕаннаахтан уонна Хомустаахтан оҕолор бэс ыйыгар Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэтээҕи түмэр түһүлгэ оҕолорун «Күн» лааҕырыгар кыттыыны ылан кэлбиттэрэ. Оҕолор маннык тэрээһиннэргэ сылдьан сайдалларын, ийэ тылынан ыраастык саҥарарга дьулуһалларын, айар, толкуйдуур дьоҕурдара өссө арылларын бэлиэтээтилэр. Атырдьах ыйыгар Сунтаар Кэмпэндээйитигэр Бүлүү улуустарын оҕолоругар төрөөбүт тылбытын харыстыыр уонна сайыннарар «Күн» оҕо түмсүүтэ мустан сайыҥҥы кылгас кэмнээх лааҕыры үлэлэтэр. Бу лааҕырга улуустан уонтан тахса оҕону тэрийэн ыытар туһунан кэпсэтии бүгүҥҥү мунньахха барда.

77e3b739 0038 4853 8e62 3b17f942d1fe

Намтан «Ийэ тыл» түмсүү салайааччыта Нина Родионовна Саввинова: «Кэлиҥҥи сылларга нууччалыы саҥалаах оҕолор биллэ элбээтилэр. Ол гынан баран, онно наһаа аймаммакка, төрөппүт үрдүгэр түспэккэ, сахалыы эйгэни элбэхтик тэрийэн, улууспут Аҕа Баһылыга Владимир Семенович Поскачин эппитин курдук оҕо мин сахабын, сахабынан киэн туттабын диирин курдук сөптөөх усулуобуйаны оҥордохпутуна, оҕо өйүнэн-санаатынан ылынан, ийэ тылынан бэйэтэ саҥарарга дьулуһарын курдук эйгэни тэрийиэхтээхпит, - диэн бэрт сөптөөхтүк тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Улуустааҕы түмсүү салайааччыта Бурхалей Макаров сүрүн күүһүнэн- оскуолалар, оҕо уһуйааннара буолаллар. Бу тэрилтэлэр тас эйгэлэрин сахалыы тэринэн, оҕо таһырдьаттан элбэх сахалыы оҥоһуктары, оһуордары көрөн киирдэҕинэ, оҕо уһуйааннара сахалыы ааттаннахтарына, дьайар күүһэ улаатыа этэ диэн эттэ.

4620f871 d4a3 403d 94cd 6ba43d1a3326

Бу күн олус үчүгэйдик тэринэн үлэлии олорор Харбалаах нэһилиэгин ийэ тылын түмсүүтүн үлэтин кытары билистибит. Бу түмсүү «Остуоруйа истэр дьоро киэһэ» диэн бырайыага сугулааҥҥа ыытыллыбыт бырайыак күрэҕэр 2-с миэстэни ылбыта. Онтон ыла Харбалаах нэһилиэгэр остуоруйа истэр дьоро киэһэлэр тиһигин быспакка ыытыллаллар. Дьэ, хайдах истэллэр эбитий диир буоллахха, аан-бастаан түмсүү кыттыылаахтара “Таал-Таал эмээхсин» остуоруйаны суотабай төлөпүөҥҥэ аудиозвукка ааҕаллар уонна хартыыналаан баран нэһилиэк бассаабын бөлөхтөрүгэр ыыппыттар. Онтон «Таал-Таал эмээхсин» остуоруйаны «Уолан» түмсүү күлүк тыйаатырын оонньуутун ыыппыттар. Онтон дьиэ кэргэнинэн уруһуй уонна оруолларынан ааҕыы күрэҕин тэрийбиттэр. Дьиэ кэргэттэрэ көхтөөхтүк кыттыбыттар, остуоруйаны уруһуйдаан, саҥалаан киллэрэн тарҕаппыттар. Кыайыылаах минньигэс туордунан биһирэммит. Биир бээтинсэҕэ “Уустук үллэрии” остуоруйаҕа анаан остуоруйа садаача күрэҕин биллэрбиттэр, нөҥүө бээтинсэҕэ «Хааһыттан көҥөөбүт» остуоруйаны истибиттэр.Уонна “Остуоруйа истэр дьоро киэһэ» бырайыак логотибын күрэҕин ыыппыттар. Бу оҕолору, төрөппүттэри төрөөбүт төрүт тылынан сайа саҥарарга сиэтэн киллэрбит бырайыагы көҕүлээн кулууптара бириистэри туруорбуттар. Бу курдук Харбалаахтар 11 бээтинсэҕэ остуоруйа истэр дьоро киэһэлэри тэрийбиттэр.  Бу үлэ түмүгүнэн көрдөххө, кыра оҕолоох дьиэ кэргэттэр ордук көхтөөхтүк кытталлар эбит, - диэн бэлиэтиир түмсүү салайааччытын солбуйар Евдокия Семенова. “Ийэ тыл” түмсүү салайааччыта Дмитрий Кононов олус көхтөөх аҕа бу бырайыак сүнньүн буларыгар элбэхтик үлэлэспит, остуоруйаны саҥардыбыт сүрүн киһинэн буолар эбит. Маннык ийэ тылы таптыырга аныгылыы технологиялары туһанан үлэлэһэр кэрэхсэбиллээх, угуйар күүстээх буолара чуолкай эбит диэн көрдүбүт. Атын нэһилиэктэр бу холобуру ылан туһанан, сайыннаран үлэлэтиэхтэрин сөп. Мунньахха салгыы «Умсулҕаннаах ааҕыы» бырайыагынан үлэлэһэ олорор Өргүөт нэһилиэгин, сахалыы тыыны кыратыттан кырдьаҕаһыгар диэри иҥэрэр Нам нэһилиэгин түмсүүлэрэ бастыҥ үлэлэрин билиһиннэрдилэр. Олус көхтөөх, үлэһит Дүллүкү нэһилиэгэ ийэ тылы хараанныырга үлэлэһэр уопутун истэн биһирээтибит. Маҥаастан Күннэй Николаевна Дьячковская «Ийэ тыл» түмсүү туспа НКО тэринэн, улахан граннарга кыттан үп-харчы өттүнэн күүһүрэн, бырайыактарын үлэлэтиэн наада этэ диэн саамай сөптөөх этиини киллэрдэ. Бэс ыйыгар эбии үөрэхтээһин тиһигин үлэһиттэрин форумун иһинэн ыытыллыбыт педагогическай дьаарбаҥкаҕа улуус оскуолаларыттан барыта 18 бырайыак күрэххэ кыттыбыта. Ол аата улуустааҕы түмсүү үлэтэ сүнньүн булан, үгүс үлэни ыытарга киэҥ-куоҥ хардыыларынан иннин диэки барар хайысхатын тутта диэххэ сөп.

be4556cf 9901 4d3a 867f 0f942ba85dea

Түмсүү кэлэр үс ыйдаах былаанын ылынна. Онно Харбалаах нэһилиэгэр Ийэ тыл Сүбэтин улуустааҕы тэрээһинин Харбалаах нэһилиэгин түмсүүтэ иилээн-саҕалаан балаҕан ыйыгар ыытарын, нэһилиэктэргэ «Ийэ тыл» түмсүүлэрэ сайыҥҥы кэмҥэ нэһилиэккэ сынньана, күүлэйдии кэлбит биллэр, киһи сэҥээрэр дьонун кытта көрсүһүүлэри тэрийэн, сахалыы кэпсэтиини, санаа атастаһыытын тэрийэригэр, Сунтаар улууһун Кэмпэндээйи нэһилиэгэр атырдьах ыйыгар аһыллыахтаах Бүлүү улуустарын оҕолоругар аналлаах «Күн» оҕолор түмэр түмсүүлэригэр улуус оҕолорун кытыннарар былааны ылыннылар.

ff661e54 e61c 4ca6 a9ab 86825e1370e2

  • 2
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Общество

Как распознать мошенников

«Как только мы начинаем задавать вопросы, мы начинаем думать, поэтому всегда задавайте…
10.12.24 09:34