COVID-19 ыарыы пандемиятынан сибээстээн быйыл биир кэлим эксээмэннэр ураты балаһыанньаҕа ыытыллаллар. Өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа 233 эксээмэни тутар пуун үлэлиэҕэ. Билиҥҥитэ бу пууннары бэлэмнээһин бара турар, дезинфекциялыыр, көмүскэнэр сириэстибэлэринэн, иһэр уунан хааччыллаллар. Эксээмэни туттарааччылар бэйэ-бэйлэриттэн 1,5 миэтэрэ ыраах олоруохтаахтар. Ол курдук бастакы эксээмэн от ыйын 3 күнүгэр саҕаланар. Бу күн выпускниктар география, литература, информатика предметтэрин туттарыахтара. Нуучча тылыгар эксээмэн икки түһүмэҕинэн, от ыйын 6 уонна 7 күннэригэр буолуоҕа. От ыйын 10 күнүгэр – математикаҕа, от ыйын 13 күнүгэр – историяҕа уонна физикаҕа, от ыйын 16 күнүгэр – обществознаниеҕа уонна химияҕа, от ыйын 20 күнүгэр – биологияҕа уонна омук тылыгар суругунан эксээмэннэр ыытыллыахтара. От ыйын 22 уонна 23 күннэригэр омук тылыгар тылынан эксээмэн туттарыахтара.
Биир кэлим эксээмэни үрдүк үөрэххэ киириэн баҕалаахтар эрэ туттараллар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0