Онно I уонна II истиэпэннээх мэтээллэр тустарынан этиллэр. Кыhыл кѳмүс мэтээли ыларга выпускник бары биридимиэттэри «5» сыананан бүтэрбит уонна нуучча тылыгар уонна ѳссѳ биир биридимиэккэ ЕГЭҕэ 70 баллы ылбыт биитэр базовай таhымнаах «Математикаҕа» ЕГЭни 5 баллга (базовай таhымнаах «Нуучча тылын» уонна «Математиканы» эрэ туттарар үѳрэнээччилэргэ) туттарбыт буолуохтаах.
Оттон үрүҥ кѳмүс мэтээл иккиттэн ордуга суох биридимиэккэ «4» сыаналаах уонна нуучча тылыгар уонна ѳссѳ биир биридимиэккэ ЕГЭҕэ 60 баллы ылбыт биитэр базовай таhымнаах «Математикаҕа» ЕГЭни 5 баллга (базовай таhымнаах «Нуучча тылын» уонна «Математиканы» эрэ туттарар үѳрэнээччилэргэ) туттарбыт выпускникка туттарыллар.
Мэтээли сүтэрэр түбэлтэҕэ дубликат бэриллибэт.
Хаартыска аhаҕас источниктан ылылынна.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0