Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -2 oC

2022 сыл 9 ыйын түмүгүнэн Уhук Илин Федеральнай Уокуругар сүрүн хапытаалга инвестициялааhын 9% улаатта, ол онон Арассыыйа үрдүнэн орто кѳрдѳрүүнү балтараа тѳгүл куоhарда диэн Уhук Илин сайтын сонуннарыгар таҕыста.

2022 сыл 9 ыйын түмүгүнэн Уhук Илин Федеральнай Уокуругар сүрүн хапытаалга инвестициялааhын 9% улаатта, ол онон Арассыыйа үрдүнэн орто кѳрдѳрүүнү балтараа тѳгүл куоhарда диэн Уhук Илин сайтын сонуннарыгар таҕыста.

Госдумаҕа буолан ааспыт Бырабыыталыстыба чааhыгар Арассыыйа Илини сайыннарар министиэристибэтин баhылыга Алексей Чекунков дьокутааттарга Уhук Илин түргэтэтиллибит сайдыытын хааччыйар миэрэлэр тустарынан иhитиннэрдэ.

РФ Президенэ Владимир Путин Уhук Илини ѳрѳ кѳтѳҕүүнү XXI үйэҕэ бүтүннүүтүгэр национальнай приоритетынан бэлиэтээбитин этэн туран, Алексей Чекунков Арассыыйа Федерациятын Бырабыыталыстыбата Уhук Илин олохтоохторун олохторун хаачыстыбатын үрдэтэргэ миэрэлэр комплекстарын олоххо киллэрэр диэтэ.

Кини этэринэн, уустук 2022 сылга Уhук Илин тулуста, кэнники 8 сыл устата эрэгийиэн уруттаан сайдыытыгар оңоhуллубут механизмнар үүнүүнү-сайдыыны хааччыйдылар. Сыл 9 ыйын түмүгүнэн Арассыыйа үрдүнэн орто кѳрдѳрүүнү балтараа тѳгүл куоhаран, Уhук Илин Федеральнай Уокуругар сүрүн хапытаалга инвестициялааhын 9% улаатта, розничнай эргиэн эргиирэ 2021 сыл таhымыгар хаалла диэххэ сѳп — бу дойдуга ортотунан 6% намтааhын баарыгар. Тыа хаhаайыстыбатын оңорон таhаарыыта 11% улаатта, ити дойдуга баар кѳрдѳрүүттэн икки тѳгүл ордук. Олорор дьиэни киллэрии 37% улаатта, оттон Арассыыйаҕа бу ортотунан 21,5% тэңнэhэр.

Уhук Илиңңэ судаарыстыбаннай ѳйѳбүл миэрэлэрин кытта инвестордар ѳртүлэриттэн 7 трлн кэриңэ солк. инвестиционнай эбээhэтэлистибэлэргэ уопсай кээмэйдээх 2700-тан тахса бырайыак олоххо киирэр. Преферинциальнай эрэсиимнэр резиденнэрэ хайыы үйэ 3 трлн солк. саңа оңорон таhаарыыны тэрийиигэ уктулар. 572 тэрилтэ эксплуатацияҕа киирдэ. 107 тыh. саңа үлэ миэстэтэ баар буолла, онтон 2/3 — эрэгийиэн орто хамнаhыттан үрдүк хамнастаах бѳдѳң тэрилтэлэргэ.

Ол курдук, холобурга ыллахха, Хабаровскай кыраайга үс ТОР — "Хабаровск", "Комсомольск" уонна "Николаевск" үлэлии тураллар. Резиденнэри кытта 90 сѳбүлэhии түhэрсиллибит. Манна 5770 саңа үлэ миэстэтэ тахсыбыт.

Бэйэтин дакылаатыгар Алексей Чекунков салгыы РФ Бырабыыталыстыбата Уhук Илин олохтоохторун олохторун хаачыстыбатын үрдэтэргэ киллэрэр бырагыраамаларын сүрүн түмүктэрин билиhиннэрдэ.

Ол курдук, национальнай бырайыактар чэрчилэринэн икки сыл устата 1000 социальнай эбийиэк тутуллубут уонна реконструкцияламмыт — поликлиникалар, ФАПтар, оскуолалар, колледжтар, оҕо саадтара, спорт уонна култуура эбийиэктэрэ. 2023-2024 сс. ѳссѳ 600 кэриңэ эбийиэк былааңңа турар.

Нацбырагыраама таhынан Уhук Илиңңэ социальнай инфраструктураны сайыннарарга Биир кэлим субсидия механизма үлэлиир. Манан Уhук Илин Федеральнай Уокуругун эбийиэктэригэр түѳрт сылга 122 млрд солк. ѳйѳбүл оңоhуллубут.

Ону тэңэ миниистир "1000 дворов на Дальнем Востоке", "Дальневосточная ипотека", "Дальневосточный квартал", "Дальневосточный гектар", "Муравьев-Амурский-2030" бырагыраамалар, куораттары саңардан оңоруу, инвестордарга инфраструктурнай кирэдьииттэри биэрии, итиэннэ Уhук Илин авиационнай комплексын сайыннарыы түмүктэрин бэлиэтээтэ.

Алексей Чекунков. Госдума пресс-сулууспатын хаартыскаҕа түhэриитэ

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением