Саха Сирин парламенын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Афанасий Владимиров:
«Кэнники сылларга өрөспүүбүлүкэ, дойдуга уонна аан дойдуга үөскээбит ыарахаттары аахсыбакка, экэниэмикэҕэ, бырамыысыланнаска уонна социальнай эйгэҕэ үрдүк түмүктэри ситистэ. Ол иһин нэһилиэнньэ ааспыт быыбардарга Айсен Николаевы Саха Сирин Баһылыгынан иккис болдьоххо талла. Кини бэйэтин тула дьону сатаан түмэ тарта. Киниэхэ араас бэлитиичэскэй күүстэр уонна нэһилиэнньэ бары араҥалара итэҕэйэллэр. Мин Айсен Николаев салалтатынан Саха Сирэ чугастааҕы биэс сылга иннин диэки улахан хардыылары оҥоруо диэн итэҕэйэбин. Биһиги лиидэрбитин Арассыыйа уонна атын эрэгийиэннэр салалталара ытыктыыллар. Бары былааннарбыт олоххо киириэхтэрэ диэн эрэнэбин”.
Судаарыстыбаннай Мунньах (Ил Түмэн) норуодунай дьокутаата Сахамин Афанасьев:
«Өрөспүүбүлүкэ Баһылыга элбэхтик кэлэр-барар, кини федеральнай таһымҥа уонна эрэгийиэн иһигэр үлэлиир кыаҕа сөхтөрөр. Бу – үгүс-элбэх командировка, айан, нэһилиэнньэни уонна үлэ кэлэктииптэрин кытта көрсүһүүлэр. Ол элбэх күүһү-күдэҕи ылара биллэр. Онуоха Айсен Николаев куруук инники күөҥҥэ сылдьар, ханнык баҕарар боппуруоһу иһиттэн билэр уонна бэйэтин санаатын быһаччы этэр кыахтаах. Саха дьоно ону барытын билэ-көрө сылдьаллар уонна кинини быыбарга аһаҕас куоластааһыҥҥа өйүүллэр”.
Судаарыстыбаннай Мунньах (Ил Түмэн) норуодунай дьокутаата Иван Луцкан:
«Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэни салайбыт биэс сылын устатыгар уопсастыба сомоҕолоото, уопсай идиэйэни тула түмтэ. Бу - төрөөбүт өрөспүүбүлүкэни сайыннарыы. Кини доруобуйа харыстабылын систиэмэтигэр улахан болҕомтотун уурар. Билигин тутулла турар эбийиэктэри, хааччыйыыны дьон бары көрө-билэ сылдьар. Стратегическай көрүүлээх буолан, Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ сайдыытын кэлэр 15-20 сылга былааннаата. Билигин кини өрөспүүбүлүкэ стратегическай сайдыыта олоххо киирэригэр олук уурар».
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0