Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы-Байыаннай сулууспалаахтар, бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрин дьыалаларыгар, патриоттуу иитии уонна уопсастыбаннай түмсүүлэр боппуруостарыгар сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Александр Подголов олунньу 6 күнүгэр Т.Г. Десяткин аатынан Саха бырамыысыланнай техникумун үөрэнээччилэрин кытта көрүстэ. Кини Ил Түмэн үлэтин-хамнаһын уонна хайдах дьокутааттар талыллалларын туһунан кэпсээтэ. Парламентарий этэринэн, норуот дьокутааттара ыччаты кытта алтыһаллара, сибээһи туталлара, наадыйыыларын билэллэрэ олус наадалаах.
Кэпсэтии кэмигэр парламент араас бэлитиичэскэй баартыйаларын бэрэстэбиитэллэрин боппуруостара таарылыннылар, ону тэҥэ Саха Сириттэн дьокутааттар Госдумаҕа элбээбиттэрэ бэлиэтэннэ. Маны таһынан, Александр Подголов сокуону оҥорон таһаарар үлэ уустуктарын туһунан иһитиннэрдэ, үлэлии турар сокуоннарга тоҕо уларыйыылар киирэллэрин быһаарда. «Олох миэстэтигэр турбат. Олохпут уларыйыыларынан сокуоннар эмиэ уларыйан иһиэхтээхтэр», – диэтэ Александр Подголов. Оҕолор араас боппуруостары биэрдилэр уонна санааларын эттилэр. Сүрүннээн устудьуоннар өрөспүүбүлүкэ парламеныгар ылыныллар араас сокуоннар дьайыыларыгар сыһыаннаах боппуруостары интэриэһиргээтилэр.
Көрсүһүү чэрчитинэн устудьуоннар парламент тэриллиитин устуоруйатын, ис тутулун кытта билсистилэр уонна парламент мунньахтыыр саалаларын көрдүлэр, түмэлгэ сырыттылар.
Оттон норуот дьокутаата Александр Сысоев ХИФУ ФТИ устудьуоннарын уонна преподавателлэрин кытта көрүстэ. Көрсүһүү кэмигэр Александр Сысоев парламентаризм сүрүн өйдөбүллэрин уонна ис хоһоонун быһаарда. Устудьуоннар саха парламентаризмын тиэмэтин ордук интэриэһиргээтилэр. Тэрээһин аһаҕас көрүҥүнэн ааста, онно норуот дьокутаата устудьуоннуу сылдьыбыт кэмин, үлэҕэ уопутун кытта үллэһиннэ, эдэр дьоҥҥо сүбэ-ама биэрдэ. Түмүгэр устудьуоннар дьокутаат үлэтин уонна уопсастыбаннай үлэтин-хамнаһын туһунан араас ыйытыылары биэрдилэр. Онуоха Александр Сысоев сиһилии хоруйдары биэрдэ.
Норуот дьокутаата Анатолий Николаев устудьуоннарга лиэксийэ тэрийэн ыытта. Кини судаарыстыбаннай былаас сокуону таһаарар уоргана тэриллибитин туһунан кэпсээтэ. Саха Сиригэр парламентаризмы тэрийии киэҥ уонна дириҥ устуоруйалаах буоларын бэлиэтээтэ.
Парламентаризм ис хоһоонун арыйан, норуот дьокутаата ХІХ үйэтээҕи уобаластааҕы бэйэни салайыныы устуоруйатын түгэннэригэр сиһилии тохтоото, бастакы ыҥырыылаах Ил Түмэн састаабыттан саҕалаан, Саха Сиригэр парламентаризмы олохтооһун үлэтин туһунан быһаччы кэпсээтэ.
Санаттахха, ХИФУ устудьуоннарыгар Ил Түмэн 30 сылыгар аналлаах лиэксийэлэр олунньу ый устата ыытыллыахтара. Норуот дьокутааттара парламент үлэтин-хамнаһын, ис тутулун уонна сис кэмитиэттэрин туһунан билиһиннэриэхтэрэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0