Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 2 oC

Булчут күнүнэн эҕэрдэлиибин! Хоту уолаттара кырабытыттан бултуу үөрэнэ улаатабыт. Бултуурга саамай сөбүлүүр кэмим- күһүн. Тоҕо диэтэххэ, бу кэмҥэ күөл мууһа тоҥон, балыктааһын саҕаланар. Бу кэми киһи бөҕө кэтэһэр. Сарсыардааҥы дьыбарга муус алларан, ойбонтон мууһун сүүрдэн, илим көрөр олус умсугутуулаах.

Булчут күнүнэн эҕэрдэлиибин! Хоту уолаттара кырабытыттан бултуу үөрэнэ улаатабыт. Бултуурга саамай сөбүлүүр кэмим- күһүн. Тоҕо диэтэххэ, бу кэмҥэ күөл мууһа тоҥон, балыктааһын саҕаланар. Бу кэми киһи бөҕө кэтэһэр. Сарсыардааҥы дьыбарга муус алларан, ойбонтон мууһун сүүрдэн, илим көрөр олус умсугутуулаах.

Быйыл биһиги бөһүөлэкпититтэн 14 көс тэйиччи баар Омук Күөлэ диэн оскуола базатыгар Явловский Дмитрий Васильевич салайыытынан аҕыс буолан балыктаатыбыт. Уолаттар хас биирдиибит иккилии илимнээх барбыппыт. Булчут сиэрин-туомун тутуһан, аал уоту аһатан, маспытын бэлэмнээн, ойбон алларан, илиммитин үтэн, бастакы күммүтүн атаарбыппыт.

IMG 20201102 WA0003

Иккис күммүтүгэр сарсыардаттан илимнэрбитин көрбүппүт. Эбэбит барахсан көмүс хатырыктааҕынан күндүлээн үөрдүбүтэ. Урукку сылларга холоотоххо, балык аҕыйах сыла да буоллар, санаабытын түһэрбэтэхпит. Тоҕо диэтэххэ, булчут мыыныа суохтаах. Илим көрүнэн баран, чугастааҕы талахтарга куруппааскыга туһах, куобахха хапкаан ииппиппит.

IMG 20201103 WA0037

Өссө Дмитрий Васильевич киискэ төрүөт уурарга үөрэппитэ. Тыаҕа көҥдөй маһы булан, хайдах сатабыллаахтык мэҥиэ уурары биллибит. Оттон киэһэтин оһох отто-отто, остуол тула олорон саахыматтаан, дуобаттаан, арааһы кэпсэтэн, таабырын таайсан аралдьыйабыт.

IMG 20201102 WA0002

Күһүҥҥү сынньалаҥмытын сылын аайы оскуола базатыгар атаарабыт, онон балыктааһын, булт үөрүйэхтэригэр үөрэнэбит. Уолаттар уочаратынан дьуһуурунайдыыбыт: ас астаан, иһит сууйан, уу баһан, мас хайытан, оһох оттон. Саамай хомойорбут диэн, бу сынньалаҥ олус кылгас, биир эрэ нэдиэлэ. Ол да буоллар, мин дьиэбэр уонча балыктаах, алта сордоҥноох, икки куобахтаах  тиийэммин, дьоммун үөрдүбүтүм. Эһиил эмиэ барарбын күүтэбин.

Эрнст Ноговицын,

8 кылаас.

Орто Халыма, Өлөөкө Күөл б.

14№-дээх «Эдэр корреспондент» пост юнкора

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Махтанабыт, сүгүрүйэбит

«Ыччаты иитэр уонна үөрэтэр үлэҕэ тутаах күүһүнэн учуутал буолар. Кини бэлэмиттэн,…
05.10.24 11:33
Общество

Бизнес оценит законы

Как соблюсти баланс интересов власти и малого бизнеса, как должны учитываться предложения…
05.10.24 10:23