Урут WhatsApp-ка бөлөх сэлэһиитигэр муҥутаан 256 киһи кыттара көҥүллэнэр буоллаҕына, билигин бу сыыппара икки төгүл улаатан 512-гэ тэҥнэстэ. Ону таһынан, 2 Гб-ка тиийэ кээмэйдээх файл ыытар уонна илдьити өр баттаан смайлигынан хардарар кыах баар буолла.
WhatsApp сүрүн конкуреныттан, Telegram-тан, хаалан иһэрин иһин элбэхтэ сэмэлэнээччи. Холобура, Telegram кэпсэтиитигэр 200 000 киһиэхэ тиийэ киириэн сөп.
Бу туһалаах эбииликтэри туһанар кыах билигин киһиэхэ барытыгар баар буолла, WhatsApp-ы саҥардыах эрэ кэрэх.
-
3
-
0
-
1
-
0
-
0
-
0