Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -4 oC

Чурапчыттан Уйбаан Пономарев суруйар:

- Биир дойдулааҕым, бэркэ билэр киһим, Р.С.Барашков «Пономарев кэтэх бытархай хаһаайыстыбалар 35 000 солк. харчы ылалларын харыһыйан, «быаланан» өлөрө чугаһаата быһылаах» суруйуута бассаап ситиминэн киэҥник тарҕанан, олус соһутта, хомотто даҕаны.

Чурапчыттан Уйбаан Пономарев суруйар:

- Биир дойдулааҕым, бэркэ билэр киһим, Р.С.Барашков «Пономарев кэтэх бытархай хаһаайыстыбалар 35 000 солк. харчы ылалларын харыһыйан, «быаланан» өлөрө чугаһаата быһылаах» суруйуута бассаап ситиминэн киэҥник тарҕанан, олус соһутта, хомотто даҕаны.

  - Аата, сүрүн! Эттэҕэ баҕас тугун халыһай!  Аны биэс ый бардарбын, 84 сааспын туолуом этэ. Ол тухары араас хайҕалы да, быыһыгар араас саҥаны-иҥэни да истэн кэллэҕим буолуо. Маннык «бэйэҕэр тиийинэрин чугаһаабыт» диэн этиини аан маҥнай иһиттим. Чэ, буоллун. Ким төһө төбөтө буһарарынан, өйө тиийэринэн саҥарар, суруйар буоллаҕа.

Роман Степанович Кытаанахтан төрүттээх. Одьулууҥҥа улааппыт, үлэлээбит Чурапчы улууһун биир маҥнайгы бааһынайа. Өссө "Чурапчы" ТХПК бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлинэн үлэлии-хамсыы сылдьыбыта. "Төҥүргэстээх" диэн улахан бааһынай хаһаайыстыба тэринэн, 10-ча сыл үлэлээн баран, куоракка көспүтэ. Онтон ыла, тыа хаһаайыстыбатын туһунан элбэхтик, ордук бассаабынан, санааларын суруйар, тарҕатар. Үксүгэр бэйэтин наһаа билиилээх киһи курдук, сокуон хайа эрэ ыстатыйатынан, ханнык эрэ пуунунан, маннык буолуохтаах диэн үөрэтэрдии, такайардыы, куолу аҥаардаах суруйар. Сытайан туран, биир кэлим соҕотуопсуктары (переработчиктары), ордук бэйэтэ тэрийсибит «Чурапчы» кэпэрэтиип куһаҕанын хостоон, кинилэри тыа хаһаайыстыбатын таҥнары тардааччы «торгаштар», «сиэччилэр-аһааччылар» диэбит курдук ахтар.
Итиннэ барытыгар үрдүкү салалтаттан саҕалаан, кини эрэ этэрэ табатын курдук, араастаан  хоһуйар, сэниир тыллары туттан суруйара баар чахчы.

Кэнники кэмнэргэ кэтэхтэртэн үүтү туппакка, ынахтарын баһыгар 35-тии тыһ.солк. биэриини букатын өрөбөлүүсүйэҕэ тэҥнээх, үтүө дьаһал диэн сөбүлүүрүн биллэрэр. Өссө аһары баран, ынах төбөтүгэр 100-түү тыһ. солк.биэртиэлиэххэ уонна үүтү 40 солк. тутуохха диэн этии киллэрэр.
Ону утарсарым иһин, ити «быаланнарар» буоллаҕа. Онтон дьыала ис кырдьыга маннык.

Бары өйдүүгүт. Бу саҥа мэхэньиисим саҥа киирэригэр, ити 35 тыһ.солк. ас-үөл, таҥас-сап атыылаһыытыгар, ону сэргэ оҕо үөрэххэ киирэригэр туһанаргыт булгуччу бобуллар. Бу үбү оҥорон таһаарыы хайысхатын кэҥэтиигэ (хотон-күрүө тутуутугар, оттооһуҥҥа, сүөһү, тиэхиньикэ атыылаһыытыгар) туһаныахтааххыт уонна туһааннаах докумуоннарынан дакаастаан  оччуоттуохтааххыт. Маны таһынан, харчыны ылан баран, ынаххытын суох оҥорор табыллыбат. «Тутуннаххытына, харчыгытын төттөрү биэрэҕит», - диэн кытаанах ирдэбил турбута. Ордук, билигин дьыалаҕа эриллэ сылдьар, урукку миниистири солбуйааччы Василий Афанасьев күүскэ турунан, олоххо киллэрэ сатыыра.
Онуоха мин, ити ирдэбиллэри утаран, хас да ыстатыйаны суруйбутум. Хамсык ыарыыта саҕаланан, онлайн ыытыллар мунньахтарга, быһа эпииргэ кыттан, санааларбын эппитим. Холобур, «Кэтэх ыаллар албынныырга бэлэмнэниҥ» диэн ыстатыйабар, үс ынахтаах 105 тыһ. солк. ылар ыаллар отчуоттуур докумуону хайдах, хантан даҕаны булбаккыт. Онон, эрдэттэн тиэхиньикэ уматыгын чиэгин эҥин мунньан, албынныырга эрдэттэн бэлэмнэниҥ диэн суруйбутум. Онуоха, отчуоттаабат буолуу -  бүддьүөт сокуонун Кодексын «куруубайдык кэһии» буолар диэн утарсыы элбэҕэ

Арай, биир үтүө күн, Ил Дархаммыт А.С. Николаев «оччуоттаммат» диэн биллэрбитэ да, мөккүөр тохтообута. Аны, «Харчы ылбыт ынаххын тутуннаххына, харчыгын булгуччу төнүннэрэҕин» диэн утарсан, хас да ыстатыйам аайы ахтар этим. Оччотугар, кырдьаҕас ынахпын көнньүнэн барыар диэри иитэбин дуо? Кыра үүттээх, «маститтаабыт» эҥин ынахпын, тыһы тиҥэһэнэн солбуйарым, үүттээх ынахха атастаһарым тоҕо табыллыбатый  диэн туруорсарым. Бу туһунан «Кыым» хаһыат нөҥүө СӨ Тыа хаһаайыстыбатын миниистириттэн Александр Атласовтан ыйыппытым. Онуоха, Александр Павлович, дьэ өйдөөтөхтөрө буолуо, харчы ылбыт ынаххытын туттар, атынынан солбуйар көҥүллэнэр, ахсаана эрэ баар буоллун диэн хоруйдаабыта. Мөккүөр онон бүппүтэ.

Кэтэх ыаллар! Билигин отчуоттаабат , харчы ылбыт ынаххытын атынынан солбуйар буолбуккут үчүгэй, судургу буолбатах дуо? Онуоха мин туруорсаммын ити уларыйыылар киирдилэр диэбэтэрбин даҕаны, элбэх утарар суруйууларым, мунньахтарга этиилэрим, ити көннөрүүлэр киириилэригэр хайа эрэ өттүнэн көмөлөспүтэ буолуо диэн испэр астына саныыбын. Онтон бу мөккүөрдэргэ суруйарыгар мэлдьи сокуоннарга тирэҕирэр, киэҥ билиилээх, улахан уоппуттаах Р. Барашков биир тылы утары суруйбатаҕа. Билигин бу 35 тыһ. солк. бэриллэрин хайҕаан, букатын өрөбөлүүссүйэҕэ тэҥнээх үтүө дьаһал диэн хайгыырыттан ордубат. Мин, бу саҥа мэхэньиисим үтүө өрүттэринээҕэр омсолооҕо, хас эмэ төгүл элбэх диибин. Ол иһин эрдэ суруйбуттарбын кылгатан хатылыырбар тиийэбин. Ол итэҕэстэрэ ханныктарый?

  1. Бу саҥа мэхэньиисим «үтүөтүнэн», аҥардас биир сыл иһигэр, үүт соҕотуопката 35,6%, 23 (!) тыһ. туоннанан аҕыйаата. Түмүгэр ынах арыытын сыаната ортотунан 300-400 солк. ыараан, өрөспүүбүлүкэ дьоно барыта оҕустарда.
  2. Олохтоох  оҥорон таһаарар ынах арыытын сыаната ыараан, аны «кэлии» арыы, маргарин, бороһуок үүт сыаналара ыараан, дьон барыта төһө оҕустарбытын ааҕан таһаарар уустук.
  3. Кэтэхтэртэн үүт тутуллубат буолан, уопсай сибиинньэбит ахсаана 17.2 %-н аҕыйаабыт. Ону этигэр, харчытыгар таһаардахха, төһө суума тахсарын эмиэ ааҕар уустук.
  4. Бу мэхэньиисим болдьоҕо уһаатаҕына, кэтэхтэр сүөһүлэрин боруодата кэхтэрэ туох да мөккүөрэ суох. Үүт туттарбат эрээри, ким сиэмэлэтэ, улахан боруода ынаҕы иитэ сатыаҕай? Ол  төһө охсуулаах буолуоҕун эмиэ киһи сатаан аахпат.
  5. Кэтэхтэр букатын эрдэттэн ынахтарын ньирэйин кытта бииргэ ыытан кэбиспиттэрин түмүгэр, мин суоттуурбунан,  ынахтарын төрөөһүнэ 60 %-ҥа эрэ тэҥнэстэ буолуо. Холобур, мин биир билэр ыалым, урукку пиэримэр, 12 ынаҕын эрдэттэн босхо ыыталаабыт түмүгэр, түөрдэ эрэ төрөөбүтэ.Улахан оҕустарыы манна сытар.
  6. Аны туран, бары соҕотуопсуктар тутар үүттэрэ үстэн бииринэн кыччаан, оборуоттара аҕыйаан, оҕустарбыттара эрэбил.  Ол түмүгэр элбэх сирдэргэ арыы сыахтара, үүт тутар пууннар сабыллан, туттарыан баҕалаах ыаллар да тохтуурга күһэлиннэхтэрэ.
  7. Манна эбэн, биир бэтэринээр этэринэн, билигин  кэтэх хаһаайыстыбалаах ыал ынахтарын наһаа эрдэ ыыталаан кэбиһэннэр, наадалаах быһыы туруортарбаккалар, сорох сирдэргэ сыстыганнаах хааһырҕас ыарыы турда диирэ оруннаах буолуон сөп.
  8. Итини таһынан 35 тыһ. солк. субсидия ылан баран, үүттэрин пиэримэр аатынан, 60 солк.туттара, төрүү илик тиҥэһэлэрин ынах диэн суруттаран, эбии харчы аахса сатааччылар суох буолуохтара диигит дуо? Бука, баар бөҕө буолуохтара. Манан бу саҥа мэхэньиисим дьону албыҥҥа-көлдьүҥҥэ, босхоҕо, бэлэмҥэ, сүрэҕэ суох буолууга үөрэтэрэ, ук биэрэрэ мэлдьэһиллиэн табыллыбат.

Арай ,үчүгэйэ диэн, үүт туттарбат дьоҥҥо босхо харчы тиксэрин ааҕыахха сөбө эбитэ дуу. Биир тылынан, бу саҥа дьаһал үтүө өрүтүнээҕэр буортулааҕа хас эмэ төгүл элбэх диэн түмүк оҥордоххо сыыһа буолбат ини? Ол эрээри, кырдьыгынан эттэххэ, бу мэхэньиисими сөбүлээччи элбэх.Тоҕо диэтэххэ, бэйэлэрэ тото-хана аһаан баран, кыһыҥҥыга арыы хаһааналлар, оҕолорун, аймахтарын хааччыйаллар, сүрэхтээх өттүлэрэ арыы, үрүҥ ас оҥорон, уора-көстө атыылаан, эбии харчы киллэринэллэр. Ол кэннэ, күһүөрү  барыларын ыыталаан кэбиһэн баран, бэйэлэрэ көҥүл сынньаналлар, сир астыыллар, бултууллар, күүлэйдииллэр, сүөһү да төлөһүйэр. Манна биири өйдөөҥ. Кэтэх ыаллар букатын кэриэтэ сайылыкка тахсыбаттар.Онон, ньирэйдэрэ сайыны быһа дэриэбинэ иһигэр, кураанах кэриэтэ сиргэ, далга, кыбыыга мэччийбитэ буолан ситэ улааппаттар, буомураллар. Күһүн 1-2 ыйга ийэлэрин кытта ыытан кэбистэххэ, кыстыкка киириигэ, омуннаатахха, кыра тыһаҕас саҕа улаатан бөскөйөн, уойан ахан кэлэллэр, ийэлэрэ кытта тупсар.Таарыччы сайыны быһа ийэлэрин кытта ситэ мэччийбэккэ, дэриэбинэҕэ  тиэстэр субаттар (борооскулар,тыһаҕастар) кытта абыраналлар, эбиллиилэрэ улаатар. Билигин киилэтигэр 20-30 солк. туттарыахтааҕар, ыытан кэбиспиттэрэ быдан барыстаах курдук буолар. Ону мин толору өйдүүбүн. Ол эрээри, манна биир "ноолоох". Бу үүт туттарбат дьон, этэҥҥэ олороллорун туһугар элбэх  киһи түбүгүрэр. Учууталлар, оҕо уһуйаанын, дьаһалта, култуура, ОДьКХ, уот үлэһиттэрэ, үгүс элбэх урбаанньыт, о.д.а элбэх дьон үлэлииллэр. Оччотугар, үүт туттарбат, босхо харчы ылар дьон, сүөһүтэ суох, ити кинилэр тустарыгар үлэлиир дьоҥҥо тоҕо үүт-эт туттаран олохтоох аһынан хааччыйа сатыа суох тустаахтарый? Тоҕо кинилэр эрэ босхонон туһаныахтаахтарый? Ол иһин миэхэ маннык этии баар.
Кэтэх ыаллар бары ынахтарын төбөтүгэр 35-тии тыһ. солк. ыллынар. Ол эрээри, хас биирдии ынахтарыттан 500 киилэттэн итэҕэһэ суох, үүтү 60 солк.туттарбыт  буоллахтарына,  ынахтан 5 сиэнтинэр үүтү 2-3 ый иһигэр аа-дьуо туттарыахтарын сөп бөҕө. Онтон ордугун хайдах баҕарар дьаһаннынар, күһүнүн, баҕар, ыыталаан да кэбистиннэр. Маннык дьаһанарбыт буоллар, ыал барыта былдьаһа-былдьаһа үүт туттарыа, арыы сыахтара бары үлэлиэ, арыы, үрүҥ ас дэлэйиэ, сыаналара түһүө, киһи барыта абыраныа этэ. Ол туох куһаҕаннах буолуо этэй? Арай, үүт элбээн, үп тиийбэккэ моһуоктуон сөп. Оччотугар 500 киилэттэн ордугу туттарбаккыт да диэххэ сөп. Оттон тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар үүттэрин 120 солк. итэҕэһэ суох тутан баран, атын көмөлөрү эмиэ оҥоруохха сөп. Ол туһунан кэлин эбии суруйуом. Бу этиим олоххо киирэрэ олус судургу. Үбүлээһинтэн эрэ тутулуктаах. Ол иһин үөһээ бүлүүлэр ыҥырыыларын икки илиибинэн өйүүбүн. Бу үлүгэр билигин балаһыанньа ыараабыт, дойду Бэрэсидьиэнэ В.В.Путин, бырабыыталыстыба олохтоох аһы-үөлү дэлэтиигэ улахан ирдэбил туруорбут кэмнэригэр, биһиги Ил Дархаммыт, Ил Түмэммит өйүөхтэрэ диэн бигэтик эрэнэбин.
Түмүгэр биир көрдөһүүлээхпин. Ордук, миигин "быаланнара" сатыыр Р.С.Барашковтан уонна саҥа мэхэньиисими олус хайгыыр, Үөһээ Бүлүү улууһун Балаҕаннаах нэһилиэгин баһылыга Степан Дмитриевтан манныгы.
Бу Уйбаан Пономарев саҥа мэхэньиисими утарара букатын сыыһа, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы төрүтэ буолар, өрөбөлүүсүйэҕэ тэҥнээх бырайыак диэн сыыппараларга олоҕуран ыйан суруйаргытыгар. Мин төрүт быаланыам суоҕа. Хата, өссө эбии тэптэн, хотон-хонуу үлэһиттэрин, олохтоох ас-үөл дэлэйэрин, ынах-сылгы элбиирин туһугар, син биир суруйа туруоҕум диибин. Бу сурукпун  хаһыаттар таһаарыахтара суоҕа диэммин, бэйэм бэчээттээн ыытабын. Бэйэҕит санааҕытын суруйаргытыгар, саатар «эрбэххитин» үөһэ-аллара чочоҥнотон,  «лайк» туруораргыт буоллар диэн көрдөһөбүн.

  • 4
  • 0
  • 0
  • 1
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением