Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -4 oC

Аныгы оҕо сатаан оонньообот буолла диэн бэлиэтии көрөн айманарбыт элбээтэ. Бу биллэн туран, билиҥҥи оонньуу ис хоһооно, майгыта- сигилитэ, оонньонор көрүҥэ уларыйбытыттан тутулуктаах.

Аныгы оҕо сатаан оонньообот буолла диэн бэлиэтии көрөн айманарбыт элбээтэ. Бу биллэн туран, билиҥҥи оонньуу ис хоһооно, майгыта- сигилитэ, оонньонор көрүҥэ уларыйбытыттан тутулуктаах.

ООННЬУУ ЭЙГЭТЭ

Иккис өттүнэн, оҕо иллэҥ кэмин тэрийии кини сайдарыгар сүрүн усу­луобуйа буоларын үгүс төрөппүт ситэ өйдөөбөтүттэн тахсар. Үсүһүнэн, аныгы оҕо ойуулаан көрөр, айар-тутар дьоҕура сыппаабытын туоһулуур. Ол курдук, сорох төрөппүт, солото суоҕунан куо­һурданан, оҕолоругар гаджет туттаран баран, күнү-күннээн олордоллоро ки­стэл буолбатах. Онтон, ол гаджетын ыл эрэ, оҕо барахсан тугу гыныан билбэккэ төрөппүтүн тула аалыҥныыра, кыҥкый­данара, дьэ, үксүүр.

Төрөппүт, «оҕобор туһалаах буол­лун» диэн, төһө да сайыннарар оонньуу­лары атыылаһан оонньото сатаатар, оҕо ол оонньуулартан түргэнник салҕар, интэриэһиргээбэт. Оҕо бэйэтэ дьаһанан, бэйэтин оонньуунан саараппата төрөп­пүт оҕотун оонньуурга үөрэппэтэҕин көрдөрөр. Сатаан оонньуур оҕо, анал оонньуура да суох буоллаҕына, өйүгэр оҥорон көрөн, тугу эмит толкуйдаан туттар тэрилинэн, иһитинэн-хомуоһунан, таҥаһынан-сабынан, айылҕа матырый­аалынан бэйэтэ оонньуур оҥостон, оон­ньуу ис хоһоонун айан оонньуур. Маны ситиһэргэ төрөппүт сүрүн болҕомтотун оҕотугар оонньуу көрүҥнэрин билиһин­нэрэргэ, элбэхтэ тэҥҥэ оонньоон, кэпсэ­тэн-ипсэтэн айымньылаах оонньуу эйгэтин үөскэтэргэ ууруохтаах.

МЭТЭЭЛ ИККИ ӨРҮТТЭЭХ

Билиҥҥи кэмҥэ оонньуур арааһа хас хардыы аайы баар буолан, оҕо бэлэми талан, төһө баҕарар оонньуур кыахтанна. Оонньуулар көрүҥнэрэ эмиэ сайдан, кэҥээн виртуальнай эйгэҕэ кытта оонньонор буоллулар. Бу сайдыы көстүүтүн туоһута буолара саарбахтам­мат, ол эрэн, «мэтээл икки өрүттээх» диэбиттии, сайдыы эмиэ икки өрүттээх.

Кэтээн көрдөххө, кыра оҕо маҕаһыыҥҥа киирдэҕинэ төрөппүтүт­тэн дьэрэкээн оҥоһуулаах ойуулуктар эбэтэр ханнык эмэ биллэр уус-уран киинэ итиэннэ көмпүүтэр оонньуутун дьоруойун көрдөрөр, оонньууру атыы­лаһарыгар көрдөһөр. Бу дьоруойдар үксүгэр алдьатар, өһөрөр уобарастаах, сирэйэ-хараҕа дьаабы дьүһүннээх, быһыыта-таһаата тэҥэ суох кууку­лалар, трансформердар, монстрдар, мутант кыыллар буолаллар. Маннык оонньуурдар оҕо уйулҕатын ыһар, ту­лалыыр эйгэтин ылынар өйдөбүлүн, кэрэни кэрэхсиир иэйиитин сыппатар мөкү өрүттээхтэр. Саамай киһини дьик­синнэрэ диэн, оҕо оонньуур кэмигэр оонньуур дьоруойун курдук сананар уонна бэйэтин оннук ылынар буолар, о.э. дьоруой оруолун толорор. Сыыйа оҕо ити дьоруойу үтүктэн мөкү майгы­тын-сигилитин бэйэтигэр иҥэринэр, устунан кырыктаах буола улаатар. Аны туран, оҕо бэлэм оонньуурунан, бэлэм уобарастарынан оонньоотоҕуна, олох олороругар олус туһалаах уонна наада­лаах айар-тутар, ойуулаан көрөр дьоҕура сайдыбат.

3

АНЫГЫ ОЛОХ ООННЬУУЛАРА

Аныгы олоххо төрүт, сайыннарар оонньуулары көмпүүтэр оонньуулара баһыйдылар. Учуонайдар бэлиэтиил­лэринэн, көмпүүтэр оонньуулара оҕо толкуйдуур дьоҕурун сыппаталлар, өйүн «нэс» оҥороллор. Ол эбэтэр, оҕо толкуйдуур, өйдүүр кыаҕа, үөрэнэргэ баҕата суох, тулалыыр эйгэтин чинчийэ, билэ-көрө сатаабат буолар. Өскөтүн туох эмит ыйытыылаах буоллаҕына, бэйэтэ толкуйдуу барбакка, бэлэм хоруйу куй­аар ситимиттэн булар. Онтон саамай куттала диэн, көмпүүтэр оонньуулара киһиэхэ оонньууттан тутулуктаныыны үөскэтэллэр. Бу өй-санаа сайдыытыгар хаалыыны үөскэтэр. Оҕо виртуальнай эйгэҕэ туох баар өйүнэн-санаатынан, ардыгар аһыырын, утуйарын кытары умнан туран, киирэн хаалар. Дьиҥнээх олоҕу-дьаһаҕы билбэт, интэриэһир­гээбэт, буола турар чахчыга кыһаммат, ону ылыммат буолар. Виртуальнай эй­гэҕэ «олорор» оҕо бириэмэ хаамыытын да кыайан быһаарбат: кини санаатыгар көмпүүтэргэ, гаджетка аҕыйах мүнүүтэ олорбут курдук, дьиҥэр хас да чаас ааспыт буолар. Маннык көстүү өй-са­наа хаалыытын эрэ буолбакка, өссө эт-сиин сайдыытын кэһэр. Оҕо быһыы­та-таһаата уларыйар, сиһэ ханньарыйар, бөкчөйөр, былчыҥа сайдыбат, хараҕа көрөрө мөлтүүр. Аны виртуальнай эйгэҕэ “олорор” оҕолор саастыылаахта­рын да, улахан да дьону кытта кыайан алтыспаттар, уопсай тылы булбаттар, сыһыан олохтуулларыгар ыарахаттары көрсөллөр. Кинилэр сиэр-майгы ытык өйдөбүллэринэн сиэттэрбэттэр, “киһи ыалдьар – өлөр – үөрэр - хомойор” эҥин диэн өйдөбүллэрэ суох. Ол иһин билиҥҥи кэмҥэ сиэрдээх киһи өйүгэр баппат араас сидьиҥ быһыы-майгы тахса турар.

ТӨРҮТ ДЬАРЫККА ОЛОҔУРАН

Былыргы дьон балаҕантан ба­лаҕаҥҥа бэйэ-бэйэлэригэр ыалдьыт­таан көрдөөх, хамсаныылаах, остуол оонньууларын оонньоон, томороон тымныылаах кыһыҥҥы киэһэлэри бэрт сэргэхтик атаараллар эбит. Онтон сайынын, күүстээх от үлэтин, киэһээҥҥи ыам кэнниттэн, өҥүрүк куйаас уостуута алаастарыгар мустаннар сүүрүүлээх- көтүүлээх оонньуулары оройуттан ту­таллара, киирсиилээх күрэхтэһиилэри тэрийэн бастыҥнары быһаараллара. Улахан дьон үлэ үөһүгэр сырыттахта­рына, оҕолор бэйэлэрэ дьаһанан, араас оонньуулары оонньууллара. Оонньууга туттуллар тэриллэрин, оонньуурдарын дьонноро оҥорбуттарыттан үтүгүннэрэн оҥостоллоро.

Ханнык баҕарар норуот оонньуула­ра кини итэҕэлигэр, сиэригэр-туомугар, олоҕор-дьаһаҕар, төрүт дьарыгар олоҕу­ран үөскүүллэр уонна оҕо этэ-сиинэ, өйө-санаата, айар дьоҕура, сиэрдээх майгыта-сигилитэ, үлэлиир-хамныыр сатабыла сайдарыгар сүрүн суолтала­ахтар.

Араас норуоттарга майгыннаһар, хатыланар оонньуулар баар буолаллар. Маннык көстүү омуктар ыкса алтыһыы­ларын түмүгэр үөскүүр уонна икки сүрүн төрүөттээх буолар. Бастакытынан, атын норуоттан киирбит оонньуу, ылыммыт омук култууратыгар, үгэһигэр, итэҕ­элигэр олоҕуран, ханнык эмит өрүтэ уларыйан-тэлэрийэн, тупсан-ситэн биэрэр. Холобур, нуучча “Городки” диэн оонньуута сахатыллан “Мохсуо” диэн төрүт оонньуу буолбут. Иккиһинэн, омук­тар майгыннаһар олохтоох-дьаһахтаах, сиэрдээх-туомнаах буоллахтарына, оон­ньуулар бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуга суох биир ис хоһооннонон үөскүүллэр эбит. Холобур, нуучча “Бөрө уонна хаастар”, бүрээт “Хурэг адуун” (“Табун”), саха “Бөрөлөөх атыыр”, эбэтэр саха “Ыт буу­тун охсуһуута” (“Ыт буута буолуу”) уонна нуучча “Петушиный бой”, эбэтэр саха “Муҥхалааһын” уонна хотугу норуоттар “Табаны тутуу” диэн оонньуулара бэй­э-бэйэлэригэр майгыннаһаллар. Онтон сорох оонньуулар биир омукка үөскээн бараннар иккис омукка быраабылалара уларыйбакка оонньонор буолар эбиттэр. Холобур, сахаҕа нууччаттан киирбит “Лапта”, “Бырыычыка” (“Палочка-выру­чалочка”) диэн оонньуулар.

deef9a20dcc69441bfeeeb2ecb34fb20

НОРУОТ ООННЬУУТА

Киһи-аймах үөскүөҕүттэн төһөлөөх элбэх оонньуу айыллыбыта буолуой? Ардыгар бу кини айбыт оонньуута, онтон бу киниэнэ диэн киһи сатаан арааран эппэт. Ол курдук, айыллыбыт оонньуулар норуот оонньуутугар кубу­луйаллар. Сороҕор бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуга суох айыллыбыт оонньуулар майгыннаһар өрүттэрэ элбэх буолан ааптардар “бу миэнэ” диэн былдьаһар да түгэннэрэ үөскүүллэр. Тоҕо диэтэр, айыллар оонньуулар үксүлэрэ төрүт оон­ньууларга олоҕуран, олох сайдыытын хаамыытыгар сөп түбэһиннэрэн, аны­гылыы ис хоһооннонон тупсарыллыбыт, судургутуллубут эбэтэр уустугурдуллубут буолаллар. Үксүгэр оҕо уһуйааныгар үлэлиир педагогтар онньуу айыытыгар ылсаннар айымньылаахтык үлэлииллэр диэн хайгыы бэлиэтиибин.

Олох кимиэнигэр да майгыннаабат, туспа ис хоһоонноох, быраабылаларда­ах оонньуулары эмиэ айан таһаараллар. Маннык оонньуулар дьон биһирэбилин ылаллар, Саха Сиригэр эрэ буолбакка аан дойдуга тиийэ тарҕанан онньонол­лор. Холобур, математика билимин доктора, бэрэпиэссэр Григорий Томскай айбыт “Сонор” уонна марафонец, экстре­мал-сүүрүк Владимир Емельянов айбыт “Хомуур күрэх” оонньууларын сахалар айбыттара диэн киэн тутта этэбит.

Оонньуу айыытыгар эдэр дьон ыл­сан эрэллэрэ киһини үөрдэр. Ол курдук, олоҥхоһуттар куонкурустарын кыайыы­лааҕа, ырыаһыт Номоҕон Арчыман “Үс кут” диэн оонньуута дьон болҕомтотун тардар. Аныгы оонньуулары сэргэ өбү­гэлэрбит төрүт оонньууларын сөргүтэн, сахалыы өйү-санааны сытыылыыр, эти-сиини сайыннарар араас оонньуу­лары айан иһэрбит буоллар, аныгы оонньуур уонна оонньуу оҕоҕо дьайар мөкү өрүттэрин сыппатыа этибит диэн бигэ эрэллээхпин.

Антонина НЕУСТРОЕВА

  • 1
  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением