Байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар киһиэхэ кини дьиэ кэргэнэ, чугас дьоно этэҥҥэ олороллоро улахан суолталааҕынан, хас биирдии буойун дьиэ кэргэнигэр көмө-өйөбүл оҥоһуллуохтааҕын бэлиэтээн тураннар, Уус Алдан улууһун Мүрү нэһилиэгин олохтоохторо (нэһилиэк баһылыга Василий Аммосов) субуотунньук тэрийдилэр. Элбэх киһи саба түһэн, ким мууһу ылыыга, ким тиэйиигэ күргүөмнээхтик үлэлээн, кыһыны быһа иһэр ууларын хааччыйдылар.
Тыа сиригэр олорор тыа ыала түбүгэ элбэх. Олортон саамай тыын суолталааҕа, уһун кыһыны туоруур, ыраас ууну иһэр муус ылыыта буолар.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0