Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -34 oC

Бэҕэһээ Чапчылҕан нэһилиэгэр Арассыыйа Бочуоттаах фермерэ Оруджали Ашраф Оглы Гардашов салайар «Араз» бааһынай хаһаайыстыбатын аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир сүөһү иитэр комплексын малааһына буолла.

Бэҕэһээ Чапчылҕан нэһилиэгэр Арассыыйа Бочуоттаах фермерэ Оруджали Ашраф Оглы Гардашов салайар «Араз» бааһынай хаһаайыстыбатын аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир сүөһү иитэр комплексын малааһына буолла.

Чапчылҕан олохтооҕо, күннээх Азербайджантан төрүттээх, Орунджали Ашраф Оглы Гардашов бастаан утаа сибиинньэ иитиитинэн дьарыктаммыта, онтон бааһынай хаһаайыстыбатын тэринэн, 2001 сылтан ынах сүөһүнү иитиигэ үлэлиир. Күн бүгүн «Араз» улуус биир бастыҥ хаһаайыстыбата, оттон хаһаайыстыба баһылыга Арассыыйа бочуоттаах фермерэ буола үүннүлэр. Оруджали Гардашов нэһилиэк, улуус олоҕор, спортсменнарга, элбэх оҕолоох ыалларга, инбэлиит оҕолорго куруук көмө буолар, аһымал аахсыйалга кыттар. Быйыл Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин иһинэн дьиэ кэргэн пиэрмэтин сайыннарыыга туһуламмыт федеральнай бырагыраама гранынан 120 сүөһүгэ анаммыт, сэндвич панелинэн тутуллубут, аныгы технологиянан хааччыллыбыт хотону туттан, кыстыгы көрсө үлэҕэ киллэрдэ.

IMG-20211218-WA0040.jpg

Саҥа комплексы үөрүүлээхтик арыйыыга улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Иннокентий Климентов, тыа хаһаайыстыбатын начаалынньыгын солбуйааччы Алексей Шишигин, Чапчылҕан нэһилиэгин баһылыга Дьулустаан Юшков, бааһынай хаһаайыстыба салайааччылара Пелагея Иванова, Анна Алексеева кытыннылар.

юшков.jpg

Тыйыс тымныылаах кырыа кыһыннаах хоту сиргэ тыа хаһаайыстыбатын өрө тутан өр сылларга үлэлии- хамсыы сылдьар Оруджали Гардашову «Улууска тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга кылаатын иһин» түөскэ анньыллар бэлиэнэн наҕараадалаатылар уонна «Чапчылҕан нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо» ааты иҥэрдилэр. Хаһаайыстыбаҕа сылтан сыл сүөһүтүн ахсаана элбээн хотон боппуруоһа сытыытык турар, онон манан тохтоон хаалбакка, хотон тутуутун салгыыр баҕалаах.

IMG-20211218-WA0049.jpg

-- Орунджали Ашраф Оглы улууспутугар инники күөҥҥэ сылдьар бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта буолар, -- диэтэ тыа хаһаайыстыбатын улуустааҕы салалтатын начаалынньыгын солбуйааччы Алексей Шишигин. -- Билигин алта үлэһиттээх, барыта 224 сүөһүлээх, ол иһигэр 120-тэн тахса ыанар ынахтаах. Сыл устата 130 туонна үүтү судаарыстыбаҕа туттарда. Чапчылҕан сирэ-уота кыараҕаһынан “Араз” чугастааҕы Бөтүҥ нэһилиэгиттэн ходуһа сирин түүлэһэн оттуур, онно эбэн Амматтан, Анатолий Баишев салайааччылаах «Давидофф» хаһаайыстыбаттан от атыылаһан кыстыыр. Маны таһынан сүөһү дороххой аһылыгын ыһан үүннэрэр. Даҕатан эттэххэ, Амма улууһугар 130-тан тахса бааһынай хаһаайыстыбата баар, кинилэр федеральнай бырагыраамаларга көхтөөхтүк кыттаннар, сыл аайы баазаны хаҥатыыга таһаарыылаахтык үлэлииллэр. Онон, тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар улахан тирэх буолаллар.

IMG-20211218-WA0050.jpg

-- Биһиги нэһилиэккэ саҥа хотон тутуллубута улахан үөрүүлээх, -- диэтэ Чапчылҕан нэһилиэгин баһылыга Дьулустаан Юшков. -- Оруджали Ашраф Оглы иккис хотоно үлэҕэ киирдэ. Тыа хаһаайыстыбатын өрө тутар, нэһилиэнньэни аһынан-үөлүнэн хааччыйар дьоммутугар аныгы хотон тутуллубута биһиэхэ олохтоох ас-үөл баар буолуутун мэктиэтэ буолар. Нэһилиэнньэ эти-үүтү Оруджали Ашраф оглы уола Ейнал Гардашов чааһынай маҕаһыыныттан атыылаһан аһыы олорор. Баарынан эттэххэ, биһиги улуус киинин таһыгар баар саамай кыараҕас сирдээх-уоттаах, ходуһата суох нэһилиэк буолабыт. Онон үлэлиир-хамсыыр баҕалаах дьоммут улахан уустуктары көрсөллөр, атын нэһилиэктэртэн сир түүлэһэн оттууллар. Холобур, «Араз» Бөтүҥ нэһилиэгиттэн 100 гектар сири түүлэһэн оттуур. Нэһилиэккэ 501 ынах сүөһү баар буоллаҕына, ол аҥаарын кэриэтэ “Араз” бас билиитэ буолар.

Алтаана АРТЕМЬЕВА

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Ытык ыал ийэтэ

Татьяна Васильевна Романова 1931 с. күһүн оччолорго Амма оройуонун, билигин Мэҥэ Хаҥалас…
14.12.24 14:29