Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -29 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Өлүөхүмэ улууһун бэтэринээринэй-чинчийэр лабораториялаах Бэтэринээрийэҕэ управлениетын исписэлиистэрэ Бастакы Нөөрүктээйи, Кээччи, Иккис Нөөрүктээйи нэһилиэктэригэр уонна Холго, Бердинка сэлиэнньэлэринэн сылдьан, былааннаах эмтиир-сэрэтэр үлэни ыыттылар.

Ынах сүөһүнү кутталлаах, сыстыганнаах ыарыылартан араҥаччылыыр сыалтан, бэтэринээрдэр бас билии көрүҥүттэн тутулуга суох бары хаһаайыстыбалар кыстык хотоннорунан сылдьан, сүөһүлэр уопсай туруктарын көрдүлэр-иһиттилэр.

Ол вет 1

Бруцеллез уонна лейкоз ыарыылары чинчийэргэ хаан, сэлликкэ боруоба ыллылар, лептоспироһу, бүгүйэҕи утары быһыылары биэрдилэр итиэннэ чииптээтилэр. Ону таһынан нэһилиэнньэҕэ өйдөтөр-сырдатар үлэни ыыттылар. Бу туһунан Бэтэринээрийэ управлениетын пресс-киинэ МАХ ханаалга суруйар.

Ол вет 2

Хаартыска: Бэтэринээрийэ управлениетын МАХ ханаала.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0