Манна өрөспүүбүлүкэбит 16 улууһуттан агрооскуолалар дириэктэрдэрэ, бэрэстэбиитэллэрэ уонна ыҥырыылаах ыалдьыттар: СӨ Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Александр Жирков, СӨ Ил Түмэнин үөрэххэ, култуураҕа, сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Феодосия Габышева, СӨ Ил Түмэнин тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссээдэтэлэ Андрей Находкин, СӨ үөрэххэ уонна наукаҕа миниистирэ Ирина Любимова, «Саха сирин кэнчээри ыччата» өрөспүүбүлүкэтээҕи тирэх киин дириэктэрэ Ирина Черкашина, улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Василий Михайлов, улуус баһылыгын социальнай уонна имиджевэй бэлиитикэҕэ солбуйааччы Альбина Григорьева, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, ССРС, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна Петр Кондратьев, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, Саха сирин ыччат дьыалатыгар, тыатын хаһаайыстыбатыгар уонна үөрэхтээһиҥҥэ туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин агрооскуолаларын Сойууһун 2009-2017 сс. толоруулаах дириэктэрэ Николай Жирков, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Гражданскай килбиэн” бэлиэ, А.С. Макаренко аатынан мэтээл хаһаайына, Агрооскуола Сойууһун толорооччу дириэктэрэ Петр Дягилев кэлэн кыттыыны ыллылар.
Күн бастакы аҥарыгар В.П. Ларионов аатынан агрооскуолаҕа тэрээһин арыллыыта, маастар-кылаастар ыытылыннылар. Ол кэннэ, Д.Ф. Ходулов аатынан култуура киинигэр үбүлүөйдээх тэрээһин үөрүүлээх чааһа буолла. Манна ыҥырыылаах ыалдьыттар эҕэрдэ, ахтыы тыл эттилэр, инники былааннары билиһиннэрдилэр, бастыҥнары чиэстээтилэр.
Улуус баһылыгын социальнай уонна имиджевэй бэлиитикэҕэ солбуйааччы Альбина Григорьева Баһылык гранын кыайбыт Майа, Хаптаҕай, Ороссолуода агро хайысханы сайыннарар оскуолаларга үөрүүлээх быһыыга-майгыга туоһу суруктары туттарда.
Агрооскуола саха норуотун олоҕун уйгутун түстүүргэ, төрүт дьарыгы кэнчээри ыччакка иҥэрэргэ олук уурар, сырдык саҕахтары арыйар. Ааспыт 35 сыл устата өрөспүүбүлүкэбитигэр агрооскуолалар үгүс-элбэх үлэ ыыттылар. Үөрэнээччилэр саха норуотун тыа хаһаайыстыбатын сүрүн идэлэрин, дьарыктарын дьиҥ олоххо биллилэр, үөрэттилэр.
, Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспатын матырыйаалынан.
- 0
- 1
- 1
- 0
- 0
- 0