Кини Саха Сирин олохтоохторун, норуоттарын өйдөрүгэр-санааларыгар талааннаах салайааччы, хорсун санаалаах сирдьит, холобур буолар киһи быһыытынан үйэлэргэ кэриэстэниэҕэ.
Быйыл күһүөрү, атырдьах ыйыгар Эдьигээн эбэҥки национальнай оройуонуттан 91 сааһыгар сылдьар ытык киһиттэн, тыыл бэтэрээнэ Евдокия Констаниноваттан Михаил Ефимович Николаев туһунан ахтыыны туппуппут. Евдокия Ивановна бэйэтин кэмигэр өр кэмҥэ салайар үлэҕэ элбэх сыратын, билиитин, күүһүн-уоҕун биэрбит киһи. Лииндэ нэһилиэгэр сельскэй сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн, Эдьигээҥҥэ оройуоннааҕы олох-дьаһах кэмбинээтин дириэктэринэн уо.д.а тэрилтэлэргэ, уопсастыбаннай холбоһуктарга салайааччынан үлэлээн, төрөөбүт Эдьигээнигэр сүрэҕинэн, санаатынан кыһаллар, тапталын, дууһатын сылааһын иҥэрэр үтүө киһи. Кини, ытык саастаах киһи, бу олохтон барбыт элбэх дьону кытта алтыспыта. Ол курдук, Эдьигээн дьоно-сэргэтэ тумус туттар улуу киһилэрин Николай Шемяковы кытта сирэй кэпсэппит, кини алгыһын ылбыт дьоллоох. Ону кытта, Михаил Ефимович Николаев төрөппүттэрин, убайын уонна кинини бэйэтин кыратыттан билэр. Кэлин Михаил Ефимович Эдьигээҥҥэ оскуолаҕа үөрэнэр, салгыы салайааччы быһыытынан тахсар, сайдар уонна өрөспүүбүлүкэ иһин туруулаһар кэмэ кини хараҕын далын иһинэн ааспыта.
Михаил Ефимович олох кыратыгар аҕата Ефим Федорович уонна ийэтэ Мария Михайловна оҕолорун туппутунан Эдьигээҥҥэ балык соҕотуопкалааһыныгар ананан кэлэн үлэлээбиттэрэ, олорбуттара. Аҕата тымныйан ыалдьан, өрүттүбэккэ, Эдьигээҥҥэ көмүллүбүтэ. Ол Аҕа дойду Улуу сэриитин эрэ иннинэ этэ. Кэлин Михаил Ефимович убайа Ефим Эдьигээҥҥэ хомсомуол үлэтигэр ананан кэлэригэр, кинини батыһан, Эдьигээн оскуолатыгар үөрэммитэ, манна орто оскуоланы бүтэрбитэ уонна салгыы Омскайга үрдүк үөрэххэ киирбитэ. Үөрэҕин бүтэрэн баран, Эдьигээҥҥэ төннөн кэлэн, бэтэринээринэн, салгыы оройуоннааҕы хомсомуол кэмитиэтин бастакы сэкирэтээринэн үлэлээбитэ уонна салгыы Дьокуускайга хомсомуол хайысхатынан үрдүк дуоһунаска ананан барбыта.
Михаил Ефимович төрөөбүт Хаҥалаһын кэнниттэн, Эдьигээни иккис төрөөбүт дойдум диэн билинэрэ, таптыыра, олоҕун устатын тухары ситимин быспатаҕа, бу орто дойдуттан аттаныар диэри оскуолаҕа бииргэ үөрэммит доҕотторун, бииргэ үлэлээбит табаарыстарын, аҕа саастаах дьонун кытта билсэ-көрсө турбута. Быыс буллар эрэ, таптыыр Эдьигээнигэр тиийэн, үс үөстээх Өлүөнэ эбэтин кытылын, хомотун, арыытын устун сылдьан, оҕо сааһын ахтылҕанын таһаарара, санаатын, толкуйун сааһылыыра, сүдү, улуу былааннары торумнуура, күүс-уох ылынара.
***
— Өлбүт, тыыннаах барыта кэриэстэниллиэхтээх, аата-суола харыстаныахтаах. Киһини киһи үйэтитиэхтээх диэн төрүттэрим эбэҥкилэртэн кэлэр, хаһан да сүппэт, симэлийбэт гына эккэ-хааҥҥа кытаанахтык иҥэн сылдьар үөрэхтээхпит. Оннук өйдөбүлтэн таһааран, Сахабыт Сирин Бастакы Бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев туһунан хайдах өйдүүрбүнэн дьоммор-сэргэбэр, эдэр ыччаттарбытыгар анаан ахтыы суруйан хаалларабын.
Мин Михаил Ефимовиһы 1942 сыллаахха, кини биэс саастааҕар көрбүтүм. Ийэтин Мария Михайловнаны, убайын Кими үчүгэйдик билэбин, аҕатын, эбэтин иккитэ - үстэ ыраахтан көрбүтүм. Убайа Кими кытта бииргэ үөрэнэн, кэлин 4-5 сыл бииргэ үлэлээбиппит. Михаил Ефимович миигин «убайбын кытта эгил-тэгил саастааххыт» диэн эдьиийиргиир этэ. Ол курдук, ханнык да улахан дуоһунаска сылдьан ханна көрдө, көрүстэ да үөрэн-көтөн кэпсэтэр, кэлин арыый сааһыран баран, бириэмэ булла да, кэлэн итии үүттээх чэйбин иһэн барар этэ. Утарыта көрсөн олорон кэпсэтэр тиэмэбит аан дойду ис, тас бэлиитикэтиттэн саҕалаан, хотугу муора суола, Аартыканы сайыннарыы, аҕыйах ахсааннаах хотугу төрүт норуоттар олохторун чэпчэтии, эдэр ыччаты иитии проблемата, Сахабыт Сирин баайын-дуолун олохтоох дьон туһатыгар эргитии уо.д.а элбэх боппуруостар тула барара. Бэйэтэ дьаныһан туран олоххо киллэриэхтээх сүдү суолталаах боппуруостары хаһан да хараҕын далыттан түһэрбэт, туппутун ыһыктыбат, ытырбытын ыыппат биир кытаанах санаалаах, туруору көнө сүнньүлээх, өчөс соҕус буолан, ылсыбытын барытын төрдүгэр тиэрдэр киһи этэ. Хаһан даҕаны бииргэ үлэлиир дьонун куһаҕанныксаҥарбат, санаабат этэ.
1993 сыллаахха аан дойду таһымнаах Хотугу норуоттар кэнгириэстэригэр, Хотугу пуорумҥа кыттан салалтаҕа талыллан, бэлиитик быһыытынан аан дойдуга рейтинэ I, II миэстэттэн түспэтин туһунан бэчээттэн ааҕан олус да үөрэр, махтанар этим. Саха киһитэ итинник үрдүк чыпчаалга тахсыбыта урут суох этэ.
1990-91 сыллар олус сэрэхтээхтик ааспыттара. Хойут ити кэнниттэн уонча сыл ааспытын кэннэ Михаил Ефимовичка бэйэтигэр ону санаппыппар: «Сорохтор сэрэйбит буолуохтаахтар. Ол саҕана мин хамаандабын кытта төһөлөөх саллыбыппытын, сүрэх хайдах тулуйбутун бэйэм да сөҕөбүн», - диэн кэбиспитэ.
Мин билигин даҕаны Михаил Ефимович курдук киһи салалтаҕа олорон, ол саҕана Сахабыт Сирэ чөл туруктаах, биир сомоҕо хаалбыта, олохпут отуора хамнаабатаҕа диэн сыаналыыбын. Ол туһунан сиэннэрбэр куруук кэпсиибин. Мин орто эрэ үөрэхтээх киһи хомсомуол, баартыйа хараҕын далыгар киирэн, уопуттаах дьон көмөлөрүнэн үлэ араас көрүҥэр эриллэн, барыта 56 сыл туох да эҥкилэ суох тэрийэр-салайар үлэҕэ сыралаһан кэллим. Бастаан убайын Ким Николаевы, онтон Михаил Николаевы бэйэтин кытта баартыйа ыытар бэлиитикэтин, соруктарын олоххо киллэрэн, оройуон экэниэмикэтин сайыннарар иһин үлэлээн аастахпыт дии.
Ити курдук, бырааттыы Николаевтар аҕалара үлэлээбит, хараллан сытар сиригэр - Эдьигээҥҥэ ордук тартаран кэлэ бара сылдьар этилэр. Кэлин Михаил Ефимович бэрэсидьиэннии да сылдьан, быыс булла да саатар 1-2 хонукка кэлэн Эдьигээнин бадараанын, Өлүөнэтин уутун киирэн кэһэ түһэн тахсар идэлээх этэ. Биир саамай сөбүлүүрэ, отууга уолаттар хоруорбут чаанньыктарын өрө охсон, итии чэйи иһэ-иһэ дьону кытта ирэ-хоро кэпсэтии. Дэлэҕэ даҕаны, “Тыгын Дархан” эрэстэрээн аатырбыт асчыта Иннокентий Тарбахов: “Эһиэхэ, Эдьигээҥҥэ, кэлэрбиттэн олус үөрэбин, сынньанабын. Михаил Ефимович Эдьигээнигэр кэллэ да, миэхэ наадыйбат, бэйэм-бэйэбэр сылдьабын. Атын сирдэргэ хайдах эрэ ыктарыылаах буолааччы”, - диэн кэпсиирэ.
Урукку оҕо барыта, ол иһигэр кыра Миша эмиэ өрүскэ күөгүлээн күстэх бөҕө хаптаран, итиилии үтэн, үөлэн сииллэрэ. Мин ону санаан кыра кээчэрэлэри (хатыыс кырата - эрэдээксийэттэн) талан, талах үтэһэҕэ үөлэн итиилии “оҕо эрдэҕинээҕи аскын амсай” диэн биэрбиппин, онно баар дьон бары үөрэ-көтө сиэн махтаммыттара. Мин санаабар, Михаил Ефимович улахан байанайдаах киһи этэ. Эдьигээҥҥэ баар табаарыстара билэр буолуохтаахтар. Мин быраатым Анатолий Егорович Константинов «Надежда» ородобуой общинатыгар хаста да кэлэ сылдьыбыта.
Биирдэ, учаастактары кэрийэ ааһан иһэн, Михаил Ефимович хамаандата хас да буолан тыалга хаайтаран, Өлүөнэҕэ түһэр Мэҥкэрэ үрэх төрдүгэр, «Надежда» общинаҕа кэлэн 2-3 хоммуттара. Сонун-нуомас бөҕөнү аҕалбыттара. Өрүскэ киһи киириэх буолбатах этэ, долгун “маҥхатан” олороро. Онно Михаил Ефимович Анатолий ууга сылдьа үөрүйэҕин уруккуттан билэр буолан: «Эн биһикки иккиэн эрэ, кими да ылбакка кытылынан биирдэ түһэн (муҥханан балыктааһын - эрэдээксийэттэн) көрбөппүт дуо?», - диэн тыл көтөхпүтүгэр, Толя аккаастыан сүөдүргээн: «Чэ, боруобалыах даҕаны, куһаҕан буоллаҕына кытылы былдьаһыахпыт», - диэн сөбүлэспит. Толя муҥхалаах оҥочоҕо соҕотоҕун, Михаил Ефимович кытылынан бэчимэ тардар. Соһуллан иһэр муҥха ыарахана диэн сүр буоллаҕа – биһиги киһини ууга соһон киллэрэн оһол тахсыа диэн саллыы бөҕө. Толя мотуору собуоттаатын кытта, Михаил долгуҥҥа саба ыстара-ыстара, санныгар кэппит бэчимэтин туох иһин ыыппакка, икки атаҕынан кытаанахтык тэбинэн турар. Дьэ, итинник эбэ долгунун, айылҕаны кытта дьирээлэһэн, балтараа-икки чааһынан муҥха тахсар сиригэр кэллилэр. Биһиги бары кытылынан, тэйиччиттэн батыһан иһэбит. Онтон муҥха ийэтэ чугаһаан, долгун быыһынан көстөр буолла, ону кытта соторунан, кутурук, лапчаан өрө ыгыллан олорор, ийэни өрө тардан оҥочоҕо сүөкээтилэр - эбэбит туох баар үчүгэй, бөдөҥ хатыыһа, тууччаҕа, муксууна, чыыра барыта кэлбит. Михаил Ефимович итини күүппэтэх быһыылаах, туох да саҥата суох, сөҕөн көрөн турдаҕына: «Эбэҥ эйиигин, оҕотун хаһан да умнубат гына маанылаата»,-диэбиппэр мичээрдээн эрэ кэбиспитэ. Ити түбэлтэ сырай кумахха (өрүс төрүт кытыла - эрэдээксийэттэн) этэ. Иккис күн эмиэ тыаллаах буолан, аны үөс нөҥүө сэрэнэн тахсан, Мэҥкэрэ метеостанциятын өтөҕөр сугун охсуута (куйаабылынан охсон - эрэдэксийэттэн) буолла. Биир куйаабылы Михаил Ефимович, иккиһи кэлии хоноһобутугар, үсүһү мин ылан охсо бардыбыт. Балтараа чаас буолан баран Михаил Ефимович биэдэрэтин толорон элээрдэн кэллэ, ыалдьыппыт нэһиилэ икки курууска, мин биэдэрэ аҥарын да кыайбатым. Киһибит бэрэсидьиэн сугуннуура буолуо диэбэтэх, сөҕүү-махтайыы бөҕө. Мин саатар: «Биһиги, эбэҥкилэр, итинник дьоммут, Михаил Ефимович эмиэ эбэҥки аҥардаах», - диэбиппэр күлүү бөҕө. Онтон дүлүҥҥэ олорон, тиэрмэстэн чэй иһэн эрдэхпитинэ, утары турар улахан бөдөҥ мастарга үс сүүнэ улахан хара улар түһэн, биһигини балачча уһуннук үөһэттэн одуулаан олорбуттара эмиэ дьикти көстүү этэ. Ити саҕана биһиги бары даҕаны сааһыра барбыт 60-70 саастаах дьон этибит. Онтон ыла мин Михаил Ефимовиһы Айыы тойон таҥара араҥаччылыыр эбит диэн санааҕа кэлбитим.
Бэйэтэ аһыныгас санаалаах, кыаммат, элбэх оҕолоох, ыарыһах дьон олоҕун өйдүүрэ. Таптыыр Эдьигээнигэр, мин билэрбинэн, биэс-алта ыалга кыра-кыратык, сөбүгэр соҕус көмөлөспүтэ. 1996 сылга оҕолорум, сиэннэрим кыра эрдэхтэринэ, бэйэм ыалдьа сырыттахпына, кэргэним өлөн хаалан соҕотох эргийэн хаалбыппар, көрө сатаан аһынан: «Сөптөөҕүн 60-ча сыл үлэлээтиҥ, эмтэнэ, сиэннэргин үөрэтэ куоракка тиийэн олор, биир хостоох дьиэлэн, буларгар көмөлөһүөм», - диэн уопсай мунньах саҕана эппитигэр соһуйан-өмүрэн махтанан баран: «Михаил Ефимович, мин эйиигин илэ өйбүнэн хаһан да дьон саҥатыгар уган биэриэм суоҕа, хайдах эмэ тардыһан аматыйабын ини, оҕолор да сотору улаатыахтара», - диэччи буоллум. Онно нөҥүө күнүгэр Филипп Охлопков диэн бырабыыталыстыба үлэһитэ, саастаах киһи: “Үлэлээбитим устатыгар бэрэсидьиэн көмөтүттэн аккаастанар киһини саҥа көрдүм»,- диэбитигэр, Михаил Ефимович:«Иккис дойдум дьоно итинниктэр», - диэн кэбиспитэ.
Саха Сирин ким үллэстиэн баҕарбатаҕай? Мин көрдөхпүнэ, хотугу дьонтон атыттар бары туох да кистэлэ суох «иҥсэ-обот» диэн ыарыылаахтар. Төһө да муҥҥа, норуот бэйэтэ талан ылбыт, бастаан 90% , онтон иккис быыбарга 86% куоластаах киһини үһүс быыбартан туоратыахтара дуо?!
Ити саҕана Михаил Ефимовиһы быыбарга киллэрбиттэрин истэн, 70 саастаах эмээхсин бэйэм баҕабынан Николаев ыстааба диэн чахчы муос-таас курдук эрэнэр, уопуттаах дьону кэпсэтэн, туох да үгүс айдаана суох үлэлээн барбыппыт. Бары үлэҕэ уопуттаах, 9 киһиттэн 5 киһи урут дьокутааттаабыт, сэбиэт бэрэссэдээтэллээбит дьон этилэр. Быһата күүстээх хамаанда этэ. Өрөспүүбүлүкэтээҕи ыстаапка иккитэ баран консультация, аҕытаассыйалыыр матырыйаал ылбытым. Биир ый иһигэр нэһилиэктэри үстэ кэрийбиппит. Олохтоох тэрилтэлэргэ, ыалларга хас күн аайы сылдьар этибит. Быыбар хайдах ааһарын, тугу тосхойуоҕун билэргэ нэдиэлэ аайы ыйытык оҥорор этибит. Маҥнайгыга Николаев иһин 69 %, иккискэ 89%, үһүс ыйытыкка хайаан да 95-98 % тиэрдэр соруктаах үлэлии сылдьабыт. Ыстаапка чахчы бэйэм итэҕэйэр дьонум: Васильева Клара Зосимовна, быраас – эмп үлэһиттэриттэн, Харбаев Иван Ионович – уруккута экэнэмиис, сопхуос бэтэрээнэ, Васильев Егор Тимофеевич – райпо кэлэктиибиттэн, Романова Дария Николаевна – оройуон уопсастыбаннай тэрилтэлэриттэн, Львов Степан Николаевич – мэхээник, сопхуос бэтэрээнэ, Петров А.Н. - Баахынайтан, Харитонова М.А.- Кыстатыамтан, Быскасова Е.П. – Бэстээхтэн. Нэһилиэктэринэн учаастактары үсүһүн эргийэн, үөрэн-көтөн иһэн, Баахынайга түүн кэлэн хоно сытан, сарсыарда эрдэ араадьыйанан Николаев М.Е. бэйэтин баҕатынан быыбартан туораата диэн биллэрбиттэригэр, соһуйан эрэ хааллыбыт. Тугу да гынар кыахпыт суох. Миигин «ыстааптан барытын көһөрөн, бүгүҥҥүттэн саҥа хандьыдаат Штыров В.А. ыстаабын дьаһай» диэн соруйбуттарыгар, сөбүлэммэтим, дьонум эмиэ бары аккаастаммыттар. Кэлин, ити кэнниттэн уонча сыл ааспытын кэннэ Михаил Ефимович: «Быыбарга эн үлэлээбитиҥ дуо? Сэрэйбитим ээ”, - диэн кэбиспитэ.
Төһө да ытыктаабытын иһин, бэйэтин тус олоҕун, кэргэттэрин туһунан хаһан да кэпсээччитэ суох. Арай биирдэ: «Инсульт диэн туохха да бэриммэт ыарахан ыарыы эбит, убайбын эмтэтэ сатаан кыайбатым», - диэбитигэр улаханнык хомойорун, хараастарын билбитим. Онтон биирдэ: «Сиэн өлүүтэ олус да охсуулаах буолар эбит», - диэн турардаах.
75 уонна 80 сааһын туолар үбүлүөйдэригэр уонна тоҕо эбитэ буолла, иккис Бэрэсидьиэн В.А.Штыровка Сахатын Сирин туттарар улахан суолталаах сиэри-туому ыытыыга, көрдүн, иһиттин диэбитэ буолуо, миэхэ ыҥырыы сурук ыыппытыгар, 2002 сыл тохсунньутугар бара сылдьыбытым, үбүлүөйдэргэ барбатаҕым. Ону кини 85 сааһыгар Эдьигээнин, эдьиийдэрин, эбэлэрин кытта кэлэн бэлиэтиэх буолбута, кыайтарбата, айыыһыта атыннык дьаһайда. Бары да соһуйан, хомойон хааллыбыт.
Билигин мин Михаил Ефимович курдук киһи аны төрүүрэ дуу, суоҕа дуу диэн таайа сатыыбын да, тугу да тобула иликпин. Кырдьыга саарбахтыыбын да диэххэ сөп.
Тоҕо диэтэххэ? Үчүгэй дьон куруук бааллар. Элбэхтэр, өссө да төрүөхтэрэ турдаҕа. Ол гынан баран, Михаил Ефимович курдук эргиччи туох баар сайдыытынан, төбөтүн олоруутунан уһулуччу талааннааҕы, айдарыылааҕы ылбычча киһи ситэр кыаҕа суох. Өрөспүүбүлүкэ салайааччыта Михаил Ефимович баартыйа оройкуомун хас бүрүөтүн, пленумун кэмигэр, тэрилтэлэргэ баар үлэ итэҕэһигэр биһигиттэн, барыбытыттан кытаанахтык ыйытар этэ. Дэлэҕэ даҕаны, биирдэ миигин туруоран: «Тоҕо тиэргэҥҥитин хараммаккыт, тоҕо тутар дьиэлэрэ тымныыный, хаачыстыбаны тоҕо көрбөккүт?!», - диэн Эдьигээҥҥэ таҥас тигиитин кэмбинээтигэр дириэктэрдии сырыттахпына ыйыппыта. “Мин онно сыһыаным суох, атын тэрилтэ үлэһитэбин”, - диэн хоруйдаабытым. «Билэбин, эн уопуттаах, кырдьаҕас хомуньуускун, тыын боппуруоһу хараҕыҥ далыгар тутаар», - диэн үлтү мөҕөн кэбиспитэ, саҥарбатах оҥордо. Үлэҕэ итинник саҥарсыылар баар буолааччылар. Бу олохпут ирдэбилэ.
Мин Сахабыт Сирин үлэһит дьоно маҥнайгы суол солооччуну, бастакы Бэрэсэдьиэни Михаил Ефимовиһы хаһан да умнуохтара суоҕа, төрөөбүт дойдубутугар оҥорбут үтүөтүгэр махтана сылдьыахтара диэн эрэнэбин.
Евдокия КОНСТАНТИНОВА,
Эдьигээн төрүт олохтооҕо, тыыл бэтэрээнэ
ЫСПЫРААПКА
Михаил Ефимович Николаев
Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев Саха АССР Орджоникидзевскай оройуонун (Хаҥалас улууһа) Өктөм нэһилиэгэр сэтинньи 13 күнүгэр 1937 сыллаахха төрөөбүтэ. Михаил Ефимович Саха Өрөспүүбүлүкэтин 1992 сылтан 2002 сылга диэри сатабыллаахтык салайбыта. 2002 -2010 сс. Россия Федерациятын Федеральнай Мунньаҕын Федерация Сүбэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан үлэлээбитэ. 2011-2016 сс. РФ Судаарыстыбаннай Дууматын VI ыҥырыытын дьокутаата. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай сүбэһитэ.
Кини 1961 с. Омскайдааҕы судаарыстыбаннай бэтэринээринэй үнүстүүтү бүтэрэн, Эдьигээҥҥэ бэтэринээр бырааһынан үлэтин саҕалаабыта. Онтон Ыччат Бүтүн Сойуустааҕы Ленинскэй Коммунистическай Сойууһун оройуоннааҕы кэмитиэтин сэкирэтээринэн анаммыта. Салгыы Дьокуускайга хомсомуол кэмитиэтин бастакы сэкирэтээринэн, Миниистирдэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан, тыа хаһаайыстыбатын миниистиринэн тахсыылаахтык үлэлээбитэ. 1989 с. САССР Үрдүкү Сэбиэтин президиумун бэрэссэдээтэлинэн, онтон Үрдүкү Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн ананар. 1991 с. М.Е.Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Бэрэсидьиэнинэн талыллар.
Михаил Ефимович Саха Өрөспүүбүлүкэтин сайдыытыгар сүҥкэн оруоллаах, саҥа суолга үктэниибитигэр бигэ тирэх буолбут сүдү киһи.
Сахалыы мындыр өйдөөх, норуотун туһугар ис сүрэҕиттэн ыалдьар, долгуйар, туруу үлэһит, киэҥ билиилээх-көрүүлээх, төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх, үтүө суобастаах саха саарына.
Кини үлэтэ биһиэхэ эркээйи сулус буолан суолбутун ыйа-кэрдэ туруоҕа. Инникитин да үтүө тылын, ыллыктаах этиилэрин тириэрдэ туруо.
Хаартыскалар ааптар архыыбыттан
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0