Биэ үүтүгэр – датаассыйаны
Бэһис төгүлүн ыытыллар кымыс бэстибээлин «“Туймаада” агрохолдинг» аахсыйаламмыт уопсастыба (ген. дир. Петр Ефремов) тэрийэн ыытта. Өрөспүүбүлүкэ хаһаайыстыбаларын комбикорманан хааччыйыыга утумнаахтык үлэлиир «Амурагроцентр» хампаанньа генеральнай спонсор буолла. Татарстан дэлэгээссийэтэ ыалдьыттаата.
Бэстибээл икки күн устата үлэлээтэ. Ол курдук, бэс ыйын 24 күнүгэр Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр кымыстааһын тула киэҥ кэпсэтии тэрилиннэ. Кымысчыттар биэни ыаһын түбүгэ-ороскуота элбэҕин, ыаныллар биэ элбэҕи аһыыра ирдэнэрин, ону таһынан кымыс хаһаайыстыбаларын базалара бөһүөлэктэн чугас «буруйдарыгар» граннарга кыайан тиксибэттэрин эттилэр, биэ үүтүгэр датаассыйа көрөргө туруорустулар.
– Билигин ким хайдах сатыырынан кымыстыыр, онон ТХНЧИ учуонайдара Надежда Тарабукина уонна Михаил Неустроев саха кымыһын аһытыытын штаммын таһаарбыттарын туһаныаҕыҥ, кымыһы бырамыысыланнай таһымынан элбэҕи оҥоруоҕуҥ, онуоха сөптөөх база Аһылык технологиятын өрөспүүбүлүкэтээҕи киинигэр баар. Коронавирус пандемията иммунитеппытын бөҕөргөтөр-күүһүрдэр туһугар төрүт аспытын, ол иһигэр кымыспытын өрө тутарбыт наадатын өйдөттө, – диэтилэр.
Түһүлгэҕэ
Бэстибээли арыйыы сиэрэ-туома кымыс түһүлгэтигэр ыытылынна. Араас улуустартан уон хаһаайыстыба кэлбит: Амма улууһуттан «Амма» кэпэрэтиип, Бүлүүттэн «Тыымпы» кэпэрэтиип, Мэҥэ Хаҥаластан «Боччуо» кэпэрэтиип уонна Саргылаан Охлопков, Намтан «Кымысчыт» бааһынай хаһаайыстыба, Сунтаартан Максим Михайлов биирдэм тэрилтэтэ, Үөһээ Бүлүүттэн Балаҕаннаах агрооскуолата, Хаҥаластан «“Бөртө” сылгы собуота» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ, «Улахан Алаас» бааһынай хаһаайыстыба уонна Дьокуускай куораттан «Эйгэ» бааһынай хаһаайыстыба.
Моҕол ураһа иһигэр бэстибээл кыттыылаахтара бородууксуйаларын быыстапкатын туруордулар, хаһаайыстыбаларын туһунан сырдатар баннердары ыйаатылар, үлэлэрин-хамнастарын сырдаттылар. Иккис түһүмэххэ биэ ыаһыҥҥа күрэхтэстилэр.
Өрөспүүбүлүкэ уопуттаах технолога Розаида Гудуева салалтатын үлэлээбит жюри барытын көрөн-истэн, кымыстары анал лабораторияҕа чинчийтэрэн баран, түмүгү таһаарбытыгар, хаҥаластар аҥаардастыы аатырдылар! «Улахан Алаас» бааһынай хаһаайыстыба (Марк Лиханов, Өктөм) бастаата, «“Бөртө” сылгы собуота» ХЭТ (салайааччы Александр Павлов) иккис миэстэни ылла. Үһүс бочуоттаах миэстэҕэ Максим Михайлов (Сунтаар, Маар Күөл) тигистэ.
«Эйгэ» бааһынай хаһаайыстыба (Павел Васильев, Дьокуускай) «Кымыстааһын үгэстэрин харыстааһын иһин», «Биэни түргэнник ыаһын иһин», Балаҕаннаах агрооскуолата (дириэктэр Степан Жендринскэй) «Бастыҥ киэргэтии иһин», «Кымысчыт» бааһынай хаһаайыстыба (Екатерина Стручкова, Нам) «Үлэ базатын бастыҥ сырдатыы иһин» номинацияларынан бэлиэтэннилэр.
Үгэс буолбут ньыманан
“Бөртө” сылгы собуотун сылгыһыта Юрий Уваров кымыһын хаҥаластар үгэс буолбут төрүт ньымаларынан оҥорор: мас буочукаларга былырыыҥҥы кымыһынан оҥоһуллубут аһытыыга көөнньөрөр, ураты амтаны биэрээри, сылгы бэстээҕин (кэлин атаҕын иҥиирин) кырбаан кутар. Ол түмүгэр, кымыһа кырылыы кыынньар!
– Сопхуос саҕана Степан Максимов биэ ыан кымыстыыра, – диэн кэпсиир Юрий Уваров. – Киниэхэ сыстаммын, 15 сааспыттан биэни ыырга уонна кымыстыырга үөрэммитим. Бэйэм кымыстаабытым отут сыл буолла. Биэлэри бэс ыйыгар эрэ ыан, ыһыахтары кымыһынан хааччыйабыт. Билигин 13 биэни ыы сылдьабын, туруктара үчүгэй, төрүөх да этэҥҥэ. Мэччирэҥ орто соҕус. Бу ыйынан ыан бүтэн, икки биэдэрэ аһытыыны ордорон тоҥорон, эһиилгигэ анаан ууруоҕум.
Кымысчыт оскуола
Үөһээ Бүлүү улууһун Балаҕаннаах агрооскуолата биэ ыан кымыстыыр өрөспүүбүлүкэҕэ соҕотох оскуола буолар. Улуустааҕы санэпидстанция кылаабынай бырааһа Полина Роземблюм көҕүлээһининэн, 2003 сыллаахха оскуола базатыгар «Кымыс» диэн чэбдигирдэр лааҕыры арыйан, манту быһыылара ылбыт оҕолору сайын кымыһынан эмтиир, доруобуйаларын бөҕөргөтөр буолбуттар. Балаҕаннаах оскуолатын дириэктэрэ Лидия Васильева көрдөһүүтүн өйөөн, кэлэктиибинэй хаһаайыстыба салайааччыта Василий Егоров 2005 сыллаахха биэс биэни биэрбит. Ол биэлэргэ тирэҕирэн, үлэтин-хамнаһын кэҥэтэн, оскуола 2008 сыллаахтан агротехнологическай хайысханан үлэлиир статуһу ылбыт.
– Күн бүгүн отучча сылгылаахпыт, – диир оскуола бэрэстэбиитэлэ Лидия Егорова. – Сайын биэ ыан, кымыһынан ыһыахтары уонна оҕо чэбдигирдэр лааҕырын хааччыйабыт. Сезон устатыгар быһа холуйан, 800 лиитэрэни кымыстыыбыт.
«Кыһыннары ыахха»
Өрөспүүбүлүкэ дьоно бары билэр, ытыктыыр киһилэрэ, биэни кыһыннары ыан кымыстыыр, ааттыын Кымыс Байбал-Павел Васильев, Тыа хаһаайыстыбатын судаарыстыбаннай академиятын ректорын ыҥырыытынан, Үөһээ Бүлүүттэн 2007 сыллаахха көһөн кэлэн, Кэҥкэмэҕэ сылгы базатын тэринэн, устудьуоннар практикаланалларыгар тирэх буолбута. Кэлин 2015 сылтан Үс Хатыҥҥа сир ылан, «Эйгэ» бааһынай хаһаайыстыбатын тэринэн, дьиэ кэргэнинэн үлэлиир. Барыта 100 сылгылаах, ол иһигэр 50 биэлээх, сылы эргиччи кымыстыыр.
– Биэни ыһыах саҕана эрэ ыыр тутах, – диир Кымыс Байбал. – Кыһыннары ыахха наада. Мин 1980-с сыллартан дьарыктанабын. Физруктуу сылдьан, баартыйа ыҥырыытынан, сылгыһыттыы тахсыбытым. Биир биэлээх этим, ону Саҥа дьыл саҕана ыан кымыстаабыппын дьонум бэркэ биһирээбиттэрэ. Дьэ, онтон ыла биэни кыһыннары ыан кымыстыыбын. Кымыс Айыы аһын тэҥэ. Саханы эһэ сыспыт сэллик ыарыыны кымыс кыайбыта! Холкуостар сэлликтээх дьоҥҥо биэ биэртэлээннэр, ону ыан, үүтүн-кымыһын иһэннэр, элбэх киһи өрүһүллүбүтэ. Сэллиги эмтиир санаторийдарга кымыс сүрүн эмп быһыытынан туһаныллар. Онон, араас ыарыыттан көмүскэлбит бэйэбит төрүт аспыт, кымыспыт буоларын умнумуоҕуҥ. Кымыстааһыны кэҥэтиэҕиҥ!
Таһым үрдээн иһэр
Константин Степанов, жюри чилиэнэ, АГАТУ астааһын технологиятын уонна аһылык индустриятын кафедратын профессора, тыа хаһаайыстыбатын билимин дуоктара:
– Бэстибээлгэ кэлбит хаһаайыстыбалар үксүлэрэ кымыска үлэлэспиттэрэ ыраатта, бэйэ-бэйэлэрин билсэллэр, уопут атастаһаллар. Быйыл Мэҥэ Хаҥаластан уонна Амматтан эдэр дьон, итиэннэ ордук үөрүүлээҕэ, АГАТУ-ну бүтэрбит технологтар бааллара -- солбук үүнэрин көрдөрөр. «Улахан Алаастан» уонна «Эйгэттэн» уратылар сайын эрэ кымыстыыллар. Дьиҥинэн, биэ үүтүгэр субсидия көрүллэрэ буоллар, сылы эргиччи үлэлиэ этилэр.
Сыллата хаһаайыстыбалар таһымнара үрдээн иһэр, бородууксуйаларын суута-хаата, үлэлэрин сырдатыылара тупсубут, ирдэбили билэр, лаборатория чинчийиитигэр, учуонайдары кытары үлэҕэ болҕомто уурар буолбуттар.
Рафаиль Фасахов, Татарстан кымысчыта:
– Ыһыаҕы олус сөбүлээтим, сөхтүм. Мин өбүгэһэ үгэһин сөргүтэр сыалтан, 2012 сыллаахтан сылгы иитэбин. Эрэгийиэннээҕи ТХМ граныгар тирэҕирэн, база оҥостубутум, кымыс сыаҕын тэриммитим. Сылгы иитиитин институтуттан ырысыап, Марий-Эл өрөспүүбүлүкэтиттэн аһытыы ылан, ГОСТ быһыытынан кымыстыыбыт. Сайын күҥҥэ 150 лиитэрэни, кыһын 50 лиитэрэни астыыбыт. Нэһилиэнньэни кымыс иһэргэ үөрэтэн эрэбит, онон үлэбитин өссө кэҥэтиэхпит.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0