Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 3 oC

Эдьигээн Дьокуускай куораты кытары саастыы, быйыл 390 сааһын туолар. 1632 сыллаахха Петр Бекетов баһылыктаах Енисей хаһаахтарын этэрээтэ Өлүөнэ осторуогун олохтообута, этэрээт сорҕото Алексей Архипов салалтатынан ити сыл өрүһүнэн 771 км салгыы устан, олохтоох булчуттар «Эдьигээн» (эбэҥкилии: «өрүс баһын олохтооҕо») диэн кыстыктарыгар кириэппэс туппута.

Эдьигээн Дьокуускай куораты кытары саастыы, быйыл 390 сааһын туолар. 1632 сыллаахха Петр Бекетов баһылыктаах Енисей хаһаахтарын этэрээтэ Өлүөнэ осторуогун олохтообута, этэрээт сорҕото Алексей Архипов салалтатынан ити сыл өрүһүнэн 771 км салгыы устан, олохтоох булчуттар «Эдьигээн» (эбэҥкилии: «өрүс баһын олохтооҕо») диэн кыстыктарыгар кириэппэс туппута.

Эдьигээн төрүттэммитэ 390 сылын бэлиэтээһиҥҥэ анаммыт киэҥ бырагыраамалаах үбүлүөй тэрээһиннэрэ атырдьах ыйын 29 күнүттэн балаҕан ыйын 4 күнүгэр диэри ыытыллаллар. Ил Түмэн төрүт олохтоох хотугу омуктар боппуруостарыгар уонна Арктика дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева Эдьигээн дьонун маннык эҕэрдэлээтэ:

– Ил Түмэн уонна тус бэйэм ааппыттан Эдьигээн сэлиэнньэтэ төрүттэммитэ 390 сылынан эҕэрдэлиибин! Эдьигээн эбэҥки национальнай оройуонугар эйэҕэс-сайаҕас, үлэһит дьоннор олороллор, иллээх-эйэлээх кэлэктииптэргэ идэлэрин баһылаабыт исписэлиистэр, эппиэтинэстээх эмчиттэр, педагогтар үлэлииллэр, оскуолаларга уонна оҕо саадтарыгар кэрэчээн оҕолор — улуус кэскиллэрэ үөрэнэллэр, иитиллэллэр.

Бүгүн оройуон үүнэригэр-сайдарыгар биллэр-көстөр кылааттарын киллэрбит бэтэрээннэргэ, бастыҥ үлэһиттэргэ, улуус уопсастыбаннай олоҕор көхтөөхтүк кыттар, сүрэхтэрин сылааһын дойдуларыгар аныыр дьоҥҥо махтал тылларын аныахпын баҕарабын. Эһиги энергияҕытын, үлэҕитин-хамнаскытын, айар-тутар кыаххытын төрөөбүт дойдугутун чэчирии сайыннарарга туһулуугут.

Оройуон кэскилэ бастатан туран, хардарыта ытыктаһыыттан, өйөһүүттэн, төрөөбүт дойдуну аныгы ирдэбилгэ сөп түбэһэр сайдыылаах, тупсаҕай, толору хааччыллыылаах оҥорорго баҕарартан тутулуктанар. Дойдугут дьылҕатыгар эһиги хас биирдиигит суолталааҕын, Эдьигээн эбэҥки национальнай оройуона сайдарын туһугар олоруох, үлэлиэх-хамсыах тустааҕын эһиги үчүгэйдик өйдүүгүт-билэҕит.

Ис сүрэхпиттэн эһиэхэ барыгытыгар сарсыҥҥы күҥҥэ эрэллээх, бигэ туруктаах, дьоһун олоҕу баҕарабын. Бүгүҥҥү күҥҥэ диэри туох ситиһиллибитэ өссө салгыы сайда-үүнэ, хаҥыы турдун. Бырайыактаргытын олоххо киллэрэн, саҥа үрдэллэри дабайан иһиҥ. Бу үөрүүлээх үбүлүөй улуус салгыы сайдарыгар тирэх буолуохтун.

Үтүө дьыалаларгыт иһин махтанабын! Бары бииргэ сомоҕолостохпутуна, үгүһү ситиһиэхпит диэн эрэнэбин! Чэгиэн доруобуйаны, или-эйэни, дьолу-соргуну баҕарабын!

  • 8
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением