Тустаах испэсэлиистэр анал порталга киирэр сайабылыанньалары ырытан көрбүттэр. Төрөппүттэр ордук туохха сыыһар эбиттэрий? Бастакытынан, баан счетын сыыһа ыйыллар эбит. Ол эбэтэр хайаан да үлэлиир баан счетын ыйыллыахтаах. Расчетнай счеты ыйыллыахтаах, сорохтор хамнастарын каартатын нүөмэрин суруйаллар эбит, ол сыыһа. Иккиһинэн, электроннай сайабылыанньаҕа төрөппүттэр бэйэлэрин уонна оҕолорун дааннайдарын сыыһа суруйаллар. Төрөөбүт күнү-дьылы көрдөрөр чыыһылалары электроннай сайабылыанньаҕа баар халандаарынан көрөн туруоруллар, ол эбэтэр көннөрү суруллубат. Иккиһинэн, ааты, араспаанньаны уонна аҕа аатын сыыспакка суруллуохтаах. Үсүһүнэн, төрөппүт, оҕо ааттара (ФИО) уонна СНИЛС нүөмэрэ сайаапканы толорууга бэйэтэ тахсан кэллэҕинэ (автоматически), пробелы ылан кэбиһиллиэхтээх.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0