«Ил Түмэн» хаһыаты аргыс оҥостоннор, ТХНЧИ профессора Алексей Абрамов, уһуйаан иитээччитэ Парасковья Попова-Тускулаана (Дьокуускай), сылгы учуонайа Борис Потапов (Сунтаар), зоотехник Лаврентий Романов (Майа), учуутал Ирина Харайданова-Сэгэлдьийэ Чээкэй (Томпо), суруйааччы Александра Григорьева-Сандаарыйа (Мииринэй), култуура үлэһитэ Мария Герасимова (Чурапчы), култуура исписэлииһэ Наталья Руфова (Хатас), нэһилиэк баһылыга Степан Дмитриев (Үөһээ Бүлүү) уо.д.а. хаһыат киэҥ эйгэни хабарын, ааҕыллымтыа буоларын туһугар бэйэлэрин кылааттарын киллэрэллэр.
Хотон оҕото
Биһиги бүгүн кинилэртэн биирдэстэрин – Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх зоотехнига, Арассыыйа Федерациятын тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Арассыыйа агропромышленнай комплексын бочуоттаах үлэһитэ, Арассыыйа Федерациятын Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун уонна сэттэ нэһилиэгин бочуоттаах гражданина Лаврентий Романов туһунан кэпсиэхпитин баҕарабыт.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Тараҕай нэһилиэгэр олохтоох, Стаханов аатынан холкуос чилиэннэрэ Елена Петровна уонна Николай Николаевич Романовтар дьиэ кэргэннэригэр 1947 сыллаахха күн сирин көрбүт уолчааны Лаврентий диэн сүрэхтээбиттэрэ. Ыал аҕата ити сыл олохтон туораан, Елена Петровна түөрт кыра оҕолоох огдообо хаалбыта. Пиэрмэҕэ ыанньыксытынан, ньирэй көрөөччүнэн, сайынын бостуугунан, кыһынын хотон харабылынан үлэлээбитэ. Инньэ гынан, оҕолор барахсаттар үлэ диэн тугун кыра саастарыттан билбиттэрэ.
– Биэс сааспыттан саҕалаан, ийэбин уонна убайбын кытары тэйиччи алаастарынан ынах хомуйсарым, – диир Лаврентий Николаевич. – Оччолорго ирдэбил кытаанах, биир эмит ынах сүтэн хаалан ыамы көтүттэр эрэ, ороскуотун бостууктан төлөтөллөр. Кыһын ийэбит икки-үс хотонунан түүҥҥү харабыл буолар, мин онно доҕор буолан сылдьыһарым. Саас төрүөх саҕана, түүннэри утуйбакка кэтээн сылдьан, ынах төрөтөрбүт... Онон хотон оҕото этим. Кэлин, 1955 сыллаахха, биһигини арыый эрэйэ суох үөрэттэрээри ийэбит бөһүөлэккэ көһөн киирэн, оскуолаҕа остуорастаабыта.
Лаврентий Бүтэйдээх орто оскуолатын бүтэрээт, Сэбиэскэй аармыйаҕа ыҥырыллыбыта. Үчүгэйдик сулууспалаан кэлэн, сопхуос киин отделениетыгар үлэлии сырыттаҕына, хомсомуол райкомун бастакы сэкирэтээрэ Люлия Григорьева инструкторынан үлэҕэ ылбыта. Онон эдэр киһи салайар үлэ кыһатыгар уһаарыллыбыта. Кэтэхтэн үөрэнэн, Саха судаарыстыбаннай университетын тыа хаһаайыстыбатын факультетын 1976 сыллаахха бүтэрбитэ.
Дьэ ити кэмтэн ыла үс отделениелаах, биэс биригээдэлээх, ол эбэтэр аҕыс нэһилиэги хабар Карл Байкалов аатынан сопхуоска кылаабынай зоотехнигынан, дириэктэри солбуйааччынан 25 сыл устата таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. 1970-с сылларга хаалыылаах хаһаайыстыбанан ааҕыллар сопхуос 1980-с сылларга бастыҥнар кэккэлэрин хаҥаппыта. 1990 сыл түмүгүнэн сопхуос үрдүнэн ынах ахсыттан ортотунан 2320 киилэ үүт ыанара, судаарыстыбаҕа туттарыллар сүөһү 378 киилэни үктүүрэ, 326 биэттэн төрүөҕү ылыы 100 % буолара ситиһиллибитэ!
Тустаах үлэтин таһынан, Лаврентий Николаевич уопсастыбаннай олоххо көхтөөтүк кыттара. Сопхуос киин аппараатын парткомун сэкирэтээринэн, Бүтэйдээх уонна Моорук олохтоох сэбиэттэрин дьокутаатынан, сопхуос үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын кэмитиэтин солбуйааччы бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. Оробуочайдарга экэнэмиичэскэй, зообэтэринээринэй куруһуоктары ыытара, улуус уонна өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар күннээҕи үлэни-хамнаһы сырдатара.
Олугу уурбута
Сопхуостар эстибиттэрин кэннэ, 1995-2013 сыллардаахха улууска племенной үлэни салайбыта. Онно хайдах үлэлээбитин туһунан өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх зоотехнига, «Сахаагроплем» судаарыстыба бүддьүөтүн тэрилтэтин исписэлииһэ Татьяна Протопопова маннык этэр:
– Сопхуостар ыһыллан, үгүс улууска сүөһү төрдүн-ууһун быһаарар үлэ тохтотуллубут, хаарыаннаах уопуттаах селекционер-зоотехниктар үлэтэ суох хаалбыт кэмнэригэр, Лаврентий Николаевич племенной үлэ тиһигин төрүт ыстарбакка, хата, салгыы сайыннаран, Мэҥэ Хаҥалас улууһун бүгүҥҥү күннээх ситиһиилэригэр олугу уурбута. Ол ыарахан кэмнэргэ кини салалтаҕа, чуолаан улуус баһылыга Георгий Михайлович Артемьевка, тылын ылыннарбытын түмүгэр, улуус «Сахаплемхолбоһугу» кытта дуогабар түһэрсэн, үлэ дьонугар улахан болҕомтотун уурбута. Дьэ онно тирэҕирэммит биһиги өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэхтэһиилэри Мэҥэ Хаҥаласка хас да төгүл ыыппыппыт. Араас улуустартан ыанньыксыттар уонна техник-осеменатордар түмсэннэр, күрэхтэһэн, ирэ-хоро сэһэргэһэн, уопут атастаһан барыылара үлэ көрдөрүүлэрин үрдэтэргэ, идэҕэ бэриниилээх буоларга кынаттаабыта диэтэхпинэ сыыспатым буолуо.
Лаврентий Николаевич өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастакынан ылсан, улууһугар элбэх племенной хаһаайыстыбаны үөскэтиспитэ. Атын улуустар тугу тутан хаалбыттарынан эрэ үлэлии олордохторуна, кини племенной статустаах хаһаайыстыбатын ахсаана эбиллэн испитэ. Мэҥэ Хаҥаласка 1999 сыллаахха 45 техник-осеменатор, 2003 сыллаахха 65 техник-осеменатор үлэлээбитэ!
Мунньахтарга туох кыаллыбат өттүн чопчу ыйан, ону хайдах көннөрөрү ыйан биэрэрэ. Элбэхтэн икки холобуру аҕаллахха, техник-осеменатордарга маастарыстыбаларынан көрөн, хамнаска эбии төлөбүрү олохтуурга, ыанньыксыттары, техник-осеменатордары уонна сүөһү үлэһиттэрин профилакторийдарга чэпчэтиилээх путевканан хааччыйарга туруорсубута олоххо киллэриллибитэ. Билигин да сүбэлии-амалыы, оннооҕор атын улууска үлэлиир биир идэлээхтэрэ үрдүкү наҕараадаҕа тиксэллэригэр кыһалла сылдьар.
Үлэ сылынан – үлэ дьонун
Ити курдук Лаврентий Николаевич тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр, чуолаан племенной үлэ курдук уустук салааҕа, олоҕун анаан, таһаарыылаахтык үлэлээн, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. «Олорор» диэн ити алҕас эттим, үлэлии үөрэммит киһи таах олоруо баара дуо? Илиититтэн уруучукатын араарбат, бииргэ үлэлээбит үөлээннээхтэрин, тыа сирин үлэһит дьонун туһунан суруйар. Онуоха чопчу сыыппараларга тирэҕирэр, дьоруойдарын үлэһит эрэ быһыытынан буолбакка, киһи быһыытынан уратыларын эмиэ арыйарга кыһанар. Көрдөһөөччү да элбэх – кыраайы үөрэтээччилэр ханнык эмит нэһилиэк биитэр тэрилтэ туһунан суруйалларыгар матырыйаалга наадыйаллар, оҕолор төрөппүттэрин тустарынан ахтыы көрдүүллэр, онно биһиги эбиискэлэһэммит ыстатыйа сакаастыыбыт. Лаврентий Николаевич аккаастыа диэтэҕиҥ дуу, үөрэ-көтө ылынан, эппит кэмҥэр баар оҥорор...
Бу ааспыт 2022 сылга «Ил Түмэн» хаһыакка уонна сайтка кини сахаттан бастакы штангист Михаил Скрябин, улуус чулуу сылгыһыттара Поликарп Васильев уонна Гаврил Скрябин тустарынан ыстатыйалара, саас ньирэйи көрүүгэ-истиигэ, саҥа төрөөбүт бургуһаны үүттүтүүгэ, күһүн ынах сүөһү эбии аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ бэрт туһалаах сүбэлэрэ тахсыбыттара.
– Ааспыт олох историята биирдии киһинэн үөрэтиллиэхтээх, – диир Лаврентий Николаевич. – Мин улууспут историятын сорох түгэннэрин уонна олоҕум кэрчиктэригэр көрсүбүт, бииргэ үлэлээбит дьонум тустарынан төһө кыайарбынан-сатыырбынан сырдатан кэллим. Ити эрээри, хаһыакка киһи барыта кыайан тиксибэт уонна хаһыат тыла биир күннээх диэн мээнэҕэ этиллибэт. Ол иһин, араас сылларга суруйбут матырыйаалларбын түмэммин, саҥа ахтыыларынан байытаммын, 2007 сыллаахха «Байкаловтар үрдэллэрэ» диэн кинигэни таһаарбытым. Биллэн турар, онно элбэх киһи кыайан киллэриллибэккэ хаалбыта, ону учуоттааммын, сопхуостар тэриллибиттэрэ 55 сылынан уонна бэйэм 75 сааспын туоларбынан былырыын «Байкаловтар үрдэллэрэ-2» диэн кинигэни бэчээттэппитим. Быйылгы сылы Ил Дархан Айсен Николаев Үлэ сылынан биллэрдэ, онон аҕа көлүөнэ үлэтин-хамнаһын кэнчээри ыччат үтүө холобур оҥоһуннун, кэрэхсэнэри-биһирэнэри талан ылан үлэҕэ-хамнаска, олоххо-дьаһахха туһаннын.
- 6
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0