- Убаастабыллаах Айсен Сергеевич! Өлөөн оройуонун олохтоохторо оройуоҥҥа Арктика улуустартан бастакынан оптоволоконнай сибээс эһиги көмөҕөтүнэн киллэриллэн махталлара улахан. Билиҥҥи кэмҥэ оройуон экэниэмикэтигэр, култууратыгар сайдыы суола бигэтик киирэр кэмигэр олоробут. Ол курдук, оройуон инники сайдыытын хайдах сыаналыыгын?
- Оройуон инники сайдыыта, бастатан туран, кини сиригэр-уотугар баар промышленнай сир баайа төһө туһаҕа таһаарылларыттан тутулуктаах. Өлөөн сирэ баайынан өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр миэстэни ылар. Онуоха, тулалыыр эйгэни алдьаппакка, төрүт олохтоох салаалар сайдыыларын учуоттаан, сир баайын хостуур үлэ былааннаахтык тэриллэн, туһаҕа таһаарыллыахтаах.
Иккиһинэн, олохтоох нэһилиэнньэ промышленнай тэрилтэлэргэ идэтийэн үлэлииригэр усулуобуйа тэриллиитэ ситиһиллиэхтээх. Маны тэҥэ, промышленнай оҥорон таһаарыы тэриллиитин суотугар оройуон бүддьүөтэ сөптөөх дохуоттаах буоларын ситиһии хааччыйыахтаахпыт. Олох хаачыстыбатын үрдэтии үлэ биир сүрүн соруга буолар.
- Олох хаачыстыбатын тупсарыы нэһилиэнньэ олорор, үлэлиир усулуобуйатын тупсарыыны кытта быстыбат ситимнээх. Онон сибээстээн, билигин Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр “Хаарбах дьиэлэртэн дьону көһөрүү” бырагыраама улахан далааһыннаахтык үлэлиир. Инникитин бу тэтиминэн үлэлиэ дуо?
- Өрөспүүбүлүкэ салалтата “Хаарбах дьиэлэртэн дьону көһөрүү” бырагырааматын салгыы сайыннаран үлэлэтэр былааннаах. Маны тэҥэ, тыа сиригэр барытыгар, дьиэни толору хааччыллыылаах гына тутарга сорук туруорабыт.
- Айсен Сергеевич! Айылҕа намыһах температурнай туругун кэмигэр кэлэн толору графиктаах үлэлээх сылдьан бириэмэ булан, нэһилиэнньэ элбэхтэ туруорар боппуруостарыгар эппиэттээбитиҥ иһин махталбытын биллэрэбит уонна ситиһиилээх үлэни баҕара хаалабыт!
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0