Дьокуускай куоракка анал дэкээдэ ыытыллан, “Бастыҥ иитээччи” уонна “Бастыҥ социальнай педагог” күрэхтэһиилэрэ буолан ааста. Ол туһунан Таатта улууһун үөрэҕириитин салаатын исписэлииһэ Сардаана Сидорова маннык кэпсиир:
-- Дэкээдэ чэрчитинэн ыытыллыбыт “Бастыҥ социальнай педагог” күрэхтэһиигэ А.Е. Мординов аатынан Тааттатааҕы лиссиэй социальнай педагога Лена Неустроева кытынна уонна кыайыылаах аатын сүктэ.
Лена Алексеевна лиссиэй иитэр-үөрэтэр бырайыагын саҥа сүүрээннэрин сырдатан, бэркэ биһирэннэ. Дьокуускай куорат оскуолатын үөрэнээччилэргигэр “Дьиэ кэргэн сыаннаһа” диэн тиэмэҕэ, бэйэтин дьиэ кэргэнин баай матырыйаалыгар олоҕуран, кылаас чааһын ыытта. Кини эбэтэ Брянскайтан төрүттээх, улуус доруобуйатын харыстабылын бэтэрээнэ, улуус бастакы акушеркаларыттан биирдэстэрэ Любовь Неустроева буолар. Күрэхтэһиигэ барыта уон биир социальнай педагог кыттыыны ылла.
Оттон иитээччилэр күрэхтэһиилэригэр “Сулусчаан” уһуйаантан Татьяна Дьяконова кыттан, иитээччи быһыытынан идэтийиитин, сатабылын көрдөрдө.
Бу курдук, Таатта үөрэҕириитин ситимигэр саҥа ааттар ааттаналлар.
- 7
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0