Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, сыл саҕаланыаҕыттан 26 785 туонна үүт соҕотуопкаланан, былаан 41,8 %-на толоруллан иһэр. Ааспыт сыл туһааннаах кэмин кытары тэҥнээтэххэ, бу 6 %-ынан элбэх.
Биирдиилээн ылан көрдөххө, Мирнэй улууһа былаанын 67 %, Кэбээйи 56 % толорон инники күөҥҥэ сылдьаллар. Элбэх сүөһүлээх улуустартан сорудахтарын Хаҥалас улууһа 45 % (былаана 5 094 т), Мэҥэ Хаҥалас улууһа 39 % (былаана 5 292 т), Чурапчы улууһа 37 % (сорудаҕа 5 465 т) толорбуттар. Оттон Сунтаар улууһа 3 418 туонна үүтү тутан астаан, былаанан 51 % толорон бастаан иһэр.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0