Бу мунньахха норуот дьокутааттара биэс сыллаах инники үлэлэрин тосхолун оҥоруохтара: Ил Түмэн салайар аппараатын, сис кэмитиэттэр састааптарын, салайааччыларын талыахтара, онтон да атын дьоһун суолталах боппуруостары быһаарыахтара.
«Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) туһунан» сокуоҥҥа сөп түбэһиннэрэн, Ил Түмэн бастакы пленарнай мунньаҕын Бэрэссэдээтэл талыллыар диэри норуот дьокутааттарыттан саамай аҕа саастаахтара салайар үгэстээх. Санатан эттэххэ, 2018 сыллаахха, алтыс ыҥырыылаах Ил Түмэн бастакы пленарнай мунньаҕын Алдан улууһуттан норуот дьокутаата Роза Солнышкина салайан ыыппыта. Сэттис ыҥырыылаах Ил Түмэн балаҕан ыйын 25 күнүгэр ыытыллар бастакы пленарнай мунньаҕын норуот дьокутаата Иннокентий Романов салайыаҕа.
Иннокентий Иванович Романов 1945 сыллаахха, ахсынньы 11 күнүгэр Дьокуускайга төрөөбүтэ. Идэтинэн история учуутала, өр сылларга М.К. Аммосов аатынан ХИФУ-га таһаарыылаахтык үлэлээбит Саха Өрөспүүбүлүкэтин идэтийбит үөрэхтээһинин бэтэрээнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин учууталларын Учуутала.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0