Тэрээһиннэри култуура тэрилтэлэрэ, кэммиэрчэскэй хампаанньалар, итиэннэ урбаанньыттар тэрийэллэр. Тэрийээччилэр тэрээһиннэргэ билиэттэри атыылааһынтан улахан дохуоту ылаллар. Онуоха куттал суох буолуутун боппуруоһа аһаҕас хаалар. Көрөөччүлэри уонна артыыстары хайдах көмүскүүрү тэрийээччилэр бэйэлэрин кыахтарынан быһаараллар, ханнык да эбээһинэстэрэ суох. Маннык быһыы-майгы хайдах курдук кутталлааҕын кулун тутар 22 күнүгэр буолбут «Крокус Сити Холл» алдьархайа көрдөрбүтэ. Онно террористар кэнсиэр саалатыгар киирэн дьону ытыалаабыттара, баһаары ыыппыттара. Көрөөччүлэр уонна кэнсиэр саалатын үлэһиттэрэ, ол иһигэр оскуола оҕолоро бэйэлэрин дьаалытынан куотан тахсыбыттара. Теракт түмүгэр 145 киһи суорума суолламмыта уонна 551 киһи бааһырбыта.
Маннык иэдээн хатыламматын туһугар Госдуума дьокутааттара уонна сенатордар култуура туһунан Арассыыйа Федерациятын сокуонугар уларытыылары киллэрэргэ этии киллэрдилэр.
«Сокуон барыла туох-ханнык иннинэ «Крокус Сити Холга» буолбут түбэлтэттэн сылтаан оҥоһулунна. Алдьархайы быһаарсыы кэмигэр култуура туһунан сокуоҥҥа тэрээһиннэри ыытыыга куттал суох буолуутун хааччыйар боппуруостар ыйыллыбатахтара быһаарыллыбыта», - диэн эттэ Госдуума куттал суох буолуутун кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Эрнес Валеев.
Парламентарийдар култуура туһунан сокуон 3-с ыстатыйатыгар саҥа балаһыанньалары эбэргэ, чуолаан куттал суох буолуутун хааччыйарга тэрийээччилэр эбээһинэстэрин, итиэннэ былаас уонна быраабы араҥаччылыыр уорганнары кытта бииргэ үлэлээһин бэрээдэгин чопчулаан суруйарга эттилэр.
Сокуоҥҥа «Тэрээһини ыытар сир» диэн быһаарыытын биэрэр санаалаахтар – бу дьиэлэр, тутуулар, сир учаастактара, хамсаабат баай-дуол эбийиэктэрэ. Тэрийээччилэринэн бэлэмнээһиҥҥэ, үбүлээһиҥҥэ, ыытыыга көҕүлээһини уонна эппиэтинэһи ылбыт дьоннор уонна хампаанньалар буолуохтарын сөп.
Култуура туһунан төрүт сокуоҥҥа 52.2 ыстатыйаны эбии киллэрэр былааннаахтар. Онно тэрийээччи кэнсиэр саалатын, тыйаатыры уонна былаһаакканы бас билээччини кытары уопсастыбаннай бэрээдэги, итиэннэ куттал суох буолуутун мэктиэлиир эбээһинэстээхтэр диэн суруллуоҕа. Бу туһунан тэрийээччи уонна бас билээччи түһэрсэр дуогабардарыгар ыйыллыахтаах. Тэрийээччилэргэ да, көрөөччүлэргэ да сыһыаннаах Куттал суох буолуутун быраабылатын бырабыыталыстыба бигэргэтиэҕэ.
Тэрийээччилэр отут хонук иннинэ тэрээһин ыытыллыахтааҕын туһунан ис дьыала уорганыгар уонна олохтоох дьаһалтаҕа биллэриэхтээхтэр. Маныаха тэрээһин ыытыллар күнүн, бириэмэтин, сирин, тиэмэтин уонна төһө киһи кыттыахтааҕын ыйыахтаахтар. «Полиция нэрээдэ тэрээһин ыытыллар сиригэр чугаһаан бэлэм сылдьыа», - диэн эттэ Госдуума куттал суох буолуутун кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Василий Пискарев. Сокуон барылын тустаах кэмитиэт бигэргэппитэ. Барылы сотору кэминэн пленарнай мунньахха бастакы ааҕыыга көрөргө былаанныыллар.
Бу туһунан сиһилии: https://www.pnp.ru/politics/okhranyat-zriteley-na-koncertakh-budut-naryady-policii.html
Хаартыска: www.pnp.ru
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0