Татьяна Игнатьевна 1939 с. ыам ыйын 6 күнүгэр Таатта оройуонун I-кы Алдан нэһилиэгэр (Уус Тааттаҕа) Тулааһынаптар дьиэ кэргэттэригэр күн сирин көрбүтэ. Аҕата, ийэтэ холкуос туруу үлэһиттэрэ этилэр. Уус Таатта ситэтэ суох, онтон Ытык Күөл орто оскуолаларыгар үөрэммитэ. Дьокуускайдааҕы култуурунай-сырдатар учуулусса бүтэһик кууруһугар үөрэнэ сылдьан, Баайаҕа нэһилиэгин кулуубугар быраактыкаламмыта уонна онно олоҕун аргыһын Поликарп Александрович Андросовы көрсөн, 1962 сыллаахха ыал буолбуттара. Ол кэннэ Дьокуускайдааҕы педагогическай учуулуссаҕа үөрэнэн учуутал идэлэммитэ. 1964 сыллаахха Баайаҕа оскуолатыгар пионер баһаатайынан үлэҕэ киирбитэ. Кэргэнинээн Поликарп Александровичтыын 47 сыл иллээхтик, дьоллоохтук олорбуттара. Алта оҕолоохтор, сиэннэрдээхтэр, хос сиэннэрдээхтэр.
Ахтан-санаан аастахха
Сэбиэскэй кэмнээҕи дьон оҕо саастара «Сэбиэскэй Сойуус хомуньуус баартыйатын дьыалатын иһин охсуһууга бэлэм буолуҥ!» диэн ыҥырыыга «Мэлдьи бэлэммит!» хоруйунан уруйданан ааспыта. Ол көлүөнэ хайа баҕарар киһититтэн оҕо сааһыҥ үтүө өйдөбүлүн кэпсээ эрэ диэтэххэ, кыыһар кыһыл хаалтыһы бааммыт пионер сылларын астына ахтыа. Бу өйдөбүлү сэргэ кини хараҕар баһаатайа көстөн кэлиэ. Оннук күндүтүк саныыр пионер баһаатайбыттан ол сыллары санаан ааһарыгар көрдөстүм.
-- Баайаҕаны иккис дойду оҥостон олорбутум 62 сыл буолла. Кэргэним Поликарп Александрович оскуолаҕа дириэктэрдиир кэмигэр миигин пионер баһаатайынан үлэҕэ ылбыта. Онтон ыла олоҕум бу үлэҕэ түстэнэн, биэнсийэҕэ тахсыахпар диэри баһаатайдаабытым.
1967 сыллаахха олохтоох баартыйа тэрилтэтин сэкирэтээрэ, учуутал Василий Захарович Мандаров күүстээх туруорсуутунан, бастакы артыалы тэрийсибит, сир реформатын ыыппыт биир дойдулаахпыт, араатар, учуутал Николай Семенович Андросов аата Баайаҕа орто оскуолатын пионерскай дружинатыгар иҥэриллибитэ. Онтон ыла кини аатын дружина чиэстээхтик сүкпүтэ, үгүс ситиһиилэммитэ. Сыллааҕы үлэ түмүгүнэн кыайан, алта төгүл «правофланговай дружина» бочуоттаах ааты сүкпүтэ.
Оччолорго ыытар үлэбит барыта улуу сирдьиппит В.И. Ленин аатын кытта сибээстээҕэ. Өктөбүрүөнэк саастан саҕалаан, пионер, хомсомуол, Ленин туһунан билиилэри хаҥатарбыт. Ол иһин улуу сирдьиккэ сыһыаннаах туох-баар матырыйаалы буламмыт, мунньаммыт, пионерскай хоспутун уларытаммыт, 1970 сыллаахха Ленин түмэлин аспыппыт.
Үөрэнээччилэр сүрүн үлэлэрэ – үөрэх, ону таһынан, кинилэри патриоттуу өйгө-санааҕа, норуоттар икки ардыларынааҕы доҕордоһуу тыыныгар уонна үлэҕэ иитии күүскэ тэриллэрэ. Дружина, этэрээттэр үлэлэрэ былаанынан барара, ону таһынан, араас куруһуоктар, сиэксийэлэр, субуотунньуктар, тимуровскай көмөлөр, миитиннэр, куонкурустар, күрэхтэр, о.д.а. тэрээһиннэр тиһигин быспакка ыытыллаллара. «Биир киһи барыбыт туһугар, барыбыт биир киһи туһугар!» диэн ыҥырыынан, Иннокентий Михайлович Хатылаев салайааччылаах оскуола кэллэктиибэ биир санаанан-өйүнэн үлэлиирбит.
1973 сыллаахха «Алгыс» интернациональнай доҕордоһуу кулуубун тэрийбиппит. Оскуолабыт үөрэнээччилэрэ дойду биллиилээх дьоннорун, Сэбиэскэй Сойуус 13 өрөспүүбүлүкэлэрин оскуолаларын, итиэннэ, кыраныысса таһынааҕы түмэллэри кытары суругунан сибээһи туппуттара. Үгүс элбэх доҕордоммуттара, олортон биирдэстэрэ оҕо биллиилээх суруйааччыта, ССРС Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, разведчик З.И. Воскресенская этэ. Кини көрдөһүүтүнэн, 1979 сыллаахха «Орленок» телеустуудьуйа Москубаттан Баайаҕаҕа кэлэн, чаас аҥаардаах биэриини устубута уонна дойду Киин тэлэбиидиэнньэтин «Отзовитесь, горнисты!» диэн биэриитигэр көрдөрбүтэ. Үөрэнээччилэрбит Зоя Ивановнаҕа иккитэ ыалдьыттаабыттара. Маны таһынан, биллиилээх оҕо суруйааччыларын С.В. Михалковы, М.П. Прилежаеваны, икки Сэбиэскэй Сойуус дьоруойун ииппит Л.Т. Космодемьянскаяны, о.д.а. дойду биллиилээх дьоннорун кытта уонна Саха Сиригэр сэбиэскэй былааһы олохтоспут дьоннуун сибээстэспиппит. Сойуус сүүһүнэн оскуолаларын кытары суруйсуубут биир үтүө холобурунан, биһиги биир дойдулаахпыт, Аҕа дойду Улуу Сэриитин кыттыылааҕа Андросов Петр Романович Украина Волынскай уобалаһын Турийскай оройуонун Луков бөһүөлэгэр көмүс уҥуоҕа хараллан сытарын билбиппит буолар. Дьэ, бу маннык интернациональнай иитиигэ улахан болҕомтобутун уурарбыт. Ол түмүгэр оҕолор билиилэрэ-көрүүлэрэ кэҥээбитэ, доҕордоһуу тыыныгар иитиллибиттэрэ, дойду араас куораттарынан сылдьыбыттара, элбэх бэстибээллэргэ кыттыбыттара.
Патриоттуу өйгө-санааҕа иитии
-- Татьяна Игнатьевна, билигин дойдуга бэриниилээх буолуу тиэмэтэ олус сытыырхайда, эн санааҕар патриоттуу өйгө-санааҕа иитии диэн тугуй?
-- Патриоттуу иитии дьиэ кэргэнтэн, төрөөбүт түөлбэттэн саҕаланар. Ийэни, аҕаны таптааһын, түөлбэ дьонун ытыктааһын, бэйэ нэһилиэгиттэн саҕалаан бүтүн дойдунан киэн туттуу, олоххо көхтөөх буолуу, бэйэҕэ сыал-сорук туруорунуу, ылсыбыт дьыаланы тиһэҕэр тириэрдии патриоттуу өйгө-санааҕа тиэрдэр. Оҕо тулатын көрө сылдьан үчүгэйгэ тардыһыахтаах, үөрэниэхтээх. Улаатан баран, ыраах да сиринэн тэлэһийэ сырыттар, дойдутугар, дьонугар тардыһыыта, тоҕоостоох кэмнэргэ сүбэ-соргу, күүс-көмө буолуута, үтүө дьонун холобур оҥостуута – бу барыта патриоттуу өй-санаа. Билигин патриоттуу, итиэннэ, байыаннай-патриоттуу иитии оскуола оҕолоругар, ыччаттарга күүскэ ыытыллар буолла диэн көрөбүн уонна үчүгэй түмүктэрдээх буоларыгар эрэнэбин. Урукку пионер хамсааһыныгар майгынныыр оҕо, ыччат саҥа хамсааһына баар буолбута олус үчүгэй. Ол үлэтин ис хоһоонун дириҥэтэн билбэтэрбин да, оскуола оҕолорун, ыччаттары түмэр, сомоҕолуур, биир өйгө-санааҕа тиэрдэр, көҕүлүүр тэрилтэ хайаан даҕаны наада дии саныыбын. Бу маннык түмсүүлэртэн инники кэскиллэрбит, өй-санаа өттүнэн сиппит-хоппут ыччаттар, талааннаах тэрийээччилэр, салайааччылар иитиллэн тахсыахтара.
Үйэтитии үлэтэ
-- Эн үйэтитиигэ үлүскэннээх үлэни ыытаргын сөҕө-махтайа көрөбүн. Оскуола түмэлиттэн саҕалаан нэһилиэк устуоруйатын түмэлин тэрийбитиҥ. Маны таһынан, архыып докумуоннарыгар, дьон ахтыыларыгар олоҕурбут, устуоруйа чахчыларын арыйар бэрт дириҥ ис хоһоонноох кинигэлэри таһаартаатыҥ. Бу үлэҥ туһунан сырдат эрэ.
-- Биэнсийэҕэ тахсан бараммын оскуолабар «Төрөөбүт түөлбэ» диэн куруһуогу салайбытым. Пионер баһаатайынан үлэлии сылдьыбыт үлэбин салгыы сайыннарбытым, төрөөбүт түөлбэ устуоруйатын үөрэтиини өссө кэҥэппитим. Баайаҕа устуоруйатыгар сыһыаннаах матырыйааллары көрдөөн булан, онно олоҕуран араас тиэмэлээх кылаас чаастарын, нэһилиэккэ биэчэрдэри ыыппыппыт. Манна барытыгар оскуола үөрэнээччилэрэ, кэлэктиибэ, нэһилиэк олохтоохторо, дьаһалтата күүс-көмө, тирэх буолаллара. 1827 сылга тутуллубут Байаҕантай улууһун быраабатын дьиэтигэр нэһилиэк устуоруйатын түмэлин 1995 сыллаахха аспыппыт. Бу түмэл билигин «Андросовтар учуутал династияларын түмэлэ» диэн ааттанан күннэтэ үлэлиир, үгүс киһи сылдьар. Түмэли Галина Иннокентьевна Неустроева салайан үлэлэтэр.
Кинигэни таҥан оҥорууга аан бастаан кэргэним Поликарп Александрович сыһыарбыта. Ол курдук, нэһилиэкпит оскуолатын, балыыһатын туһунан тэттик кинигэлэр тахсалларыгар биһиги матырыйаал хомуйан биэрбиппит. Оттон Поликарп Александрович бэйэтэ сүүрэн-көтөн кинигэлэри таһаартарбыта. 2001 сыллаахха кэргэмминээн Баайаҕа устуоруйатын кинигэтин оҥорууга ылсыбыппыт. Манна нэһилиэк устуоруйатын сырдатарга кыраайы үөрэтээччи Егор Дмитриевич Андросов кыттыбыта. Бу кинигэни таһаарыыга биһиги үөрэнээччилэрбит, куорат тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ Валерий Николаевич Луковцев, Иннокентий Михайлович, Иван Михайлович Андросовтар өйөбүл буолбуттара. Онтон тирэхтэнэн, салгыы кинигэлэри таһаараммын, бүгүҥҥү күҥҥэ бэйэм уонна кыттыгас ааптардаах 29 кинигэлээхпин. Маны таһынан, урут магнитофоҥҥа, видеоҕа уһуллубут кассеталары уонна мин оскуолаҕа бииргэ үөрэммит доҕорум, кэллиэгэм, учуутал Семен Прокопьевич Винокуров уонна Анатолий Васильевич Мандаров, Василий Васильевич Хатылаев, Иван Григорьевич Слепцов түһэрбит, Баайаҕа устуоруйатын кэрэһилиир хаартыскаларын Иван Михайлович Андросовтыын аныгы сыыппара көрүҥэр көһөрбүппүт. Үөрэнээччим Евдокия Ивановна Горохова Баайаҕа былыргы сэттэ дьиэтин макеттарын оҥорон бэлэхтээтэ. Бу курдук, урукку пионердарым, үөрэнээччилэрим көмөлөрүнэн үйэтитиигэ үлэлэһэ сылдьабыт.
Олоҕум устата илиибин араарбакка, биир оскуолаҕа үлэлээн үгүс ситиһиилэммитим, үлэм сыаналаммыта. Үйэтитиигэ хомуйбут матырыйаалларым, тэрийбит түмэллэрим, оҥорбут кинигэлэрим – бу мин олохпор ситиһиим буолар.
***
Татьяна Игнатьевна туппутун ыһыктыбат, ылсыбытын ыпсарар майгытынан дьон хайҕалын ылыан ылар. 85 сааһыгар биирдэ олорон көрбөккө, күн солото суох үлэ үөһүгэр сылдьар. Өрөгөйдөөх үбүлүөйүнэн уонна Саха Сирин пионердарын хамсааһына 100 сылынан эҕэрдэлээн тураммын, өссө да өр сылларга билиитин-көрүүтүн үллэстэ, дьонун-сэргэтин үөрдэ, этэҥҥэ олороругар баҕарабын.
Антонина НЕУСТРОЕВА
Хаартыскалар Т.И. Андросова архыыбыттан
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0