Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -34 oC

Ийэ Айылҕабыт силигилии ситэн, күөх өҥүнэн симэнэн, сэбирдэх тэлибирээн, мутукча дыргыл сытынан дыргыйан, дойдубут маанылаах туонатыгар ыҥыра-угуйа турар кэмигэр, бэс ыйын 8 күнүгэр, Кирбэй нэһилиэгин олохтоохторо Бакалдын бырааһынньыгын бэлиэтээн, Саҥа дьылбытын көрүстүбүт.

Ийэ Айылҕабыт силигилии ситэн, күөх өҥүнэн симэнэн, сэбирдэх тэлибирээн, мутукча дыргыл сытынан дыргыйан, дойдубут маанылаах туонатыгар ыҥыра-угуйа турар кэмигэр, бэс ыйын 8 күнүгэр, Кирбэй нэһилиэгин олохтоохторо Бакалдын бырааһынньыгын бэлиэтээн, Саҥа дьылбытын көрүстүбүт.

Олохтоохтор көс олохтоох өбүгэлэрин дьиэтин, ураһаларын суонааларын өрө анньан ураһа мастарын анньыталаан сабыыларынан тиирэ тардан саптан ыалдьыттары үөрэ-көтө көрсөөрү бэлэмнэнииллэр. Хас биирдии түөлбэ салайааччылара, бас-көс дьиэ хаһаайкалара, ыал аҕалара биир сүбэнэн көрүөх бэтэрээ өттүгэр аны арааннарын оннун таастарынан тула уурталаан уот оттон алгыстаах алаадьынан, итир сыатынан айах тутан, сиэлинэн кэҥэрдии сытын таһааран буруо унаарыталлар. Олохтоохтор, түмсүүлэр, оҕолор ыалдьыттары Чычыпкаан аннынан буруонан ыраастаан көрсөллөр.

Бакалдын аһыллыытын алгысчыт Яков Прокопьевич Егоров кынат уолаттарынаан, кыргыттарынаан Аал уоту оттон, алаадьынан, ачаа сыатынан айах тутан, сиэл кээһэн сыт таһааран, үҥэн-сүктэн айхаллаата. Уулларыллыбыт ача, ис сыатынан Сэбэкини маанылыыр сиэр-туом ыытылынна. Онтон түөлбэлэринэн олоруу, көлүөнэнэн көрсөн-кэпсэтэн, ыалдьыттардыын сэһэргэһии, ураһалар аайы отуу уотун тула олорон өбүгэ астарын амсайыы. Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылларыгар анаан успуорт араас көрүҥнэригэр күрэхтэһии, эдэр ийэлэр, ыаллар куонкурустара ыытылынна. Ыаллар куонкурустарыгар түөрт ыал илин-кэлин түһүстэ. Бастакы түһүмэххэ төрүччүлэрин кэпсээтилэр. Ыал аҕалара маамыкта хатар-өрөр кэмнэригэр ийэлэр тыс кыһыахтаатылар, кус түүтүн үргээтилэр. Онтон аҕалар үргэммит куһу эттээн, мөһөөччүккэ уган, аҕам саастаах ыалдьыттарга ньымаат ууннулар. Бүтэһик быһаарыылаах түһүмэххэ ийэлэр кэргэттэрин эбэҥки норуотун табаһыт, булчут таҥаһын бириэмэҕэ таҥыннарыы ыалдьааччылар ыһыылаах-хаһыылаах буолла. Түмүккэ төрдүс миэстэни Раиса, Александр Андреевтар, үһүс миэстэни Евдокия, Степан Корякиннар, иккис миэстэни Христина, Иван Бургайдар ыллылар, кыайыылааҕынан Соня, Афанасий Томскайдар таҕыстылар. Ыал ийэлэрэ дьиэҕэ сорудахтанан, маамыкта буолуохтаах тириини түүтүн кырпалаан, субатын уонна түүтүн төрдүн кэдэрээнинэн үрэн сарыы оҥорон куоталаспыттара, аҕалар өбүгэ дьарыгын маамыкта сарыытын тэлиититтэн саҕалаан, салгыы түөрт утахха арааран маамыкта хатар муоска эрийэн маамыкта хатыытыгар күрэхтэстилэр.

Хаартыска куйаар ситимиттэн

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением