Онно Саха Сиринээҕи Тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институтун 17 бэтэрээнэ ыҥырыллан сырыттыбыт. Бэтэрээн учуонайдар дэлэгээссийэбит кэккэтигэр бааллар: өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан кымыс технологиятын үөрэтиини саҕалаабыт, өр сыллар усталарыгар институт учуонай сэкирэтээринэн үтүө суобастаахтык үлэлээбит, үтүөлээх зоотехник Т.В. Аммосова, бурдук суортарын ааптардара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреаттара Е.И. Вахромеева, Е.А. Еремеева, В.С. Иванова, элбэх сыллаах оттор суортарын ааптардара А.Г. Емельянова, З.И. Максимова, Е.Х. Сивцева уо.д.а.
Тыйыс айылҕалаах, уһун тымныы кыһыннаах, кураан, кылгас сайыннаах өрөспүүбүлүкэҕэ сиртэн үүнээйини ылыыга сыралаһан үлэлиир дьоҥҥо анаммыт бу түһүлгэҕэ тыа хаһаайыстыбатын билиҥҥи туругун, ситиһиилэрин, былааннарын кытта билистибит, хаһаайыстыбалар быыстапкаларын көрдүбүт, ааспыт сылларга үлэбитинэн алтыспыт дьоммутун көрсөн үөрдүбүт.
АГАТУ Өктөмнөөҕү салаатыгар сылдьан, дириэктэр В.В. Устинованы, кини солбуйааччыта О.И. Острельдинаны, билим дуоктардара Н.Е. Павловы, В.В. Осипованы кытары көрсөн, салаа үлэтин-хамнаһын, инники былааннарын туһунан билистибит. Төгүрүк остуол тула олорон, тыа сирин эдэр исписэлиистэри иитии, силиэксийэ, оройуоннаммыт суортар сиэмэлэрин элбэтии боппуруостарыгар итиэннэ тирээн турар проблемалары быһаарарга санаа атастастыбыт. Ордук улахан болҕомтону бурдук уонна элбэх сыллаах оттор суортарын сиэмэтин элбэтиигэ, ыһыыга уурдубут. Түмүккэ бэйэбит көрүүлэрбитин тыа хаһаайыстыбатын миниистиригэр, туһааннаах исписэлиистэргэ тиэрдэргэ эттибит.
Билиҥҥи килиимэт уларыйыытыгар сөп түбэһиннэрэн, сүөһү аһылыгар анаан Сибииргэ уонна сымнаһыар айылҕалаах атын да эрэгийиэннэргэ таһаарыллыбыт суортары аҕалан ыһар туһунан боппуруоска Х.И. Максимова, В.С. Николаева, А.Н. Сивцева подсолнечнигы, кукурурузаны, просону ыһыыны олоххо киллэрбиттэрин холобурдаатылар, кэнники сыллардаах үлэлэрин түмүгүнэн «Козлятник» итиэннэ амарант курдук үрдүк үүнүүнү биэрэр култуураларга быйыл патент ылбыттарын туһунан кэпсээтилэр, эдэр агрономнарга сүбэ-ама биэрэн, көмөлөһөргө баҕаларын биллэрдилэр.
Салгыы Чапаевка «Николаев-Кииҥҥэ» сырыттыбыт, Л. Кычкина кэпсээниттэн Бастакы Бэрэсидьиэммит үлэтин, олоҕун туһунан элбэҕи биллибит. Михаил Николаев уҥуоҕар тиийэн тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн уурдубут, кинини кытта тыа хаһаайыстыбатын билимин боппуруостарыгар алтыспыт түгэннэрбитин ахтан-санаан аастыбыт.
Аграрнай билим бэтэрээннэрэ биһиги бу сырыыбытын тэрийбит дьоммутугар: миниистири солбуйааччы, билим дуоктарыгар С.А. Павловаҕа, ССТХЧИ бэтэрээннэрин сэбиэтин салайар, наука хандьыдаата Х.И. Максимоваҕа, тырааныспарынан хааччыйбыт Хаҥалас улууһун дьаһалтатыгар, эйэҕэс, тулуурдаах суоппарга Андриаҥҥа махталбытын тиэрдэбит.
Эрэдээксийэттэн: «Бааһына күнэ-2024» тэрээһин туһунан сиһилии «Ил Түмэн» хаһыакка ааҕыаххыт.
- 4
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0