Үс сайылык, биир учаастак
Биһиги күннээҕи үлэни-хамнаһы билиһиннэрэригэр көрдөспүппүтүгэр, кэпэрэтиип салайааччыта Таисия Десяткина маннык кэпсээтэ:
– Быйыл төрүөҕү 90 % ылбыппыт. Саас 50-ча ньирэйи Хаҥалас улууһугар, куорат таһынааҕы бааһынай хаһаайыстыбаҕа уонна «Сахаагроплем» холбоһукка атыылаабыппыт. «Сахаагроплемнэр» хотугу улуустарга уонна киинтэн ыраах сытар, суола-ииһэ суох, искусственнай сиэмэлээһин киирэ илик нэһилиэктэригэр атыыр оҕус быһыытынан ыытаары итиэннэ бэйэлэрин оҕустарыгар солбук оҥостоору биһигиттэн бэһис сылларын оҕус ньирэйдэри ылаллар.
Онон, күн бүгүҥҥү туругунан, кыралыын-улаханныын 600 сүөһүлээхпит. Ол баайбытын түөрт сиринэн сайылатан турабыт: 200-тэн тахса ыанар ынаҕы Дьаамҥа уонна Эбэ Түгэҕэр, 135 ньирэйи Хомус сайылыгар, 208 субан сүөһүнү ыраах учаастакка.
Хомуска Варвара Романова, Христина Птицына уонна Валентина Титова 45-тии ньирэйи тутан үлэлии сылдьаллар. Эльвира Игнатьева солбук ньирэй көрөөччүнэн таҕыста. Ыччат сүөһүнү төлөһүтүүгэ олоҕун 50 сылын анаабыт, Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Зоя Ивановна Верховцева быйыл ньирэй туппата, ол оннугар биир идэлээхтэрин көрдөһүүлэринэн пиэрмэ сэбиэдиссэйинэн уонна настаабынньыгынан үлэлии-хамсыы сылдьар.
Уон ыанньыксыттаахпыт. Дьаам сайылыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна Антонина Верховцева, Эбэ түгэҕин сайылыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна Альберт Громов сэбиэдиссэйдииллэр.
Үүтү «Хоту» кэпэрэтиипкэ туттарабыт. Быйыл 500 туоннаны туттарарга суоттаммыппыт, ону улууспутугар үүт кубуотата аччатыллан, былааммытын 450 туоннанан бигэргэппиттэрэ. Сэттэ ый түмүгүнэн, 326 туонна үүтү туттаран, сыл түмүгүнэн 530 туоннаны туттарарга соруктанабыт, инньэ гынан 80 туоннаҕа эбии кубуотаны көрөргө туруорсабыт.
Сэттэ ый түмүгүнэн былааммытын 81 туоннанан («Дьаам» пиэрмэ 48 туоннаннан, «Эрэл» пиэрмэ 33 туоннанан) аһары толордубут. Ити иһигэр үрдүк көрдөрүүлээх бастыҥ ыанньыксыттарбыт сорудахтарын куоһардылар, былааннарын Саргылаана Свинобоева 170 %, Саргылаана Елисеева 151 %, Антонина Ковлякова 147 %, Татьяна Десяткина 146 %, Гутнера Кандинская 140 % толорон иһэллэр.
Үүнүүнү бааһынаттан
Агроном Тимур Десяткин салалтатынан, бурдугу 541 гектар бааһынаҕа ыспыппыт, онтон 461 гектары бурдугунан, 80 гектар үүнүүтүн сүөһү аһылыгар анаан күөхтүү хомуйуохпут. Курааннаан, үүнүү ортоһуор. Билигин сиилэстии сылдьабыт, 300 туоннаны бэлэмниир былааннаахпыт, сороҕун күөхтүү ылыахпыт. Кыладыапсык, өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна Нина Иванова, ыскылаат үлэһитэ, өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна Николай Эверстов хомуурга анаан ыскылааттары бэлэмнээтилэр.
Атырдьах ыйын 26-27 күннэриттэн комбайнердар Петр Оконешников, Николай Десяткин бурдук быһыытын саҕалаатылар. Сиилэһи Григорий Птицин быстара сылдьар.
Окко үс сибэниэни туруорбуппут. Дмитрий Десяткин салайар толору мэхэньисээссийэлээх сибэниэтэ алаастарынан, Эбэнэн оттуу сылдьар. 350 туоннаны оттуур былааннааҕыттан, 210 туоннаны чөкөттө, ол эбэтэр былаанын 60 % толорон иһэр. Альберт Громов ситэтэ суох мэхэньисээссийэлээх сибэниэтэ алааска оттоон баран, өрүс арыытыгар киирдэ. 132 туонна оту кэбиһэн, былаанын 53 % толорон иһэр. Үһүс, Спиридон Десяткин салайар мобильнай сибэниэтэ Дьаҥхаадыттан сир түүлэһэн, 120 туоннаны оттоото. Онон, 462 туоннаны чөкөтөн, былааммытын 51 % толорон иһэбит. Бэйэбит барыллаан ааҕарбытынан, 750 туонна оту хааччыныахпыт диэн суоттуубут, онно 150 туонна кур оппутун эбэммит, сүөһүбүтүн кыстатыахпыт.
Тутуу
Ааспыт сылларга ыанньык сайылыктарын саҥардыбыппыт. Эбэ түгэҕэр Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин «Сайылыктааһын» бырагырааматынан 3 мөл. солк көрүллэн, титииги саҥардыбыппыт, үүтү тутар, исскуственнай сиэмэлээһин пууннарын уонна үс олорор дьиэни туппуппут. Былырыын улууспут дьаһалтата 1 мөл. солк харчыны көмөлөспүтүгэр тирэҕирэммит, Дьаам сайылыгар титииги саҥардыбыппыт, үүтү тутар, исскуственнай сиэмэлээһин пууннарын уонна икки олорор дьиэни туппуппут.
Быйыл хаһаайыстыбаннай ньыманан ньирэйбит сайылыгын саҥардарга үлэлии сылдьабыт. Иван Семенов салалтатынан тутуу биригээдэтэ онно икки саҥа дьиэни тутта, эһиил титииги саҥардыаҕа. Оттон бөһүөлэккэ, хонтуорабыт дьиэтигэр салҕааһын тутта, онно толору хааччыллыыны оҥортордубут. Биригээдэ билигин кыстык хотоннору сөргүтэ, өрөмүөннүү сылдьар. Влас Кириллин биригээдэтэ 68 гектардаах Калинин бааһынатыгар күрүө тутар.
Кураан
Биллэрин курдук, илин эҥээр улуустарга быйыл курааннаата. Тумулга сайын саҕаланыытыгар халлаантан биир да таммах ардах түспэтэх, арай, ыам ый 19 күнүгэр уонна Бөтүрүөп күнүн кэнниттэн эрэ ардаабыт. Ол иһин, уопуттаах салайааччылаах хаһаайыстыба Күнү-дьылы билгэлиир киини кытары дуогабар түһэрсэн, ходуһаларын уонна бааһыналарын үс түһүмэҕинэн чинчийтэрбит, сирдэрэ курааннаабытын бигэргэттэрбит.
Сири көдьүүстээхтик туһанар туһугар, «тумуллар» сыл ахсын ыытар дьаһалларын быйыл да умнубатахтар: кыһын бааһыналарга хаар типтэрбиттэр, саас бүтэйдэрин барытын саппыттар, ходуһаларын кырсын тараппыттар, аһыҥаны утары дьаат ыстарбыттар уонна бурдуктарын ыһыытын страховкалаппыттар.
Аны биир көрсөр моһуоктара – үс сайылыктан иккитигэр, Дьаамҥа уонна Хомуска, уу төрүт суоҕа буолар. Инньэ гынан, күн аайы «бодобуоһунан» баһан, ынахтарын уонна ньирэйдэрин уулаталлар. Бэйэлэрэ бурдугу мэлийэр дьоҕус сыахтаах буолан, ынахтарыгар комбикуоруму сылы эргиччи сиэтэллэр. Дьэ итинник сыралаһан, үүккэ уонна ньирэйи төлөһүтүүгэ былааннарын куоһаран иһэллэр.
От-бурдук саамай үүнэр икки ыйыгар төһө да ардах түспэтэр, курааны утары дьаһаллар тэриллэн, күөх син сэрбэйэн, ити оттуу сылдьаллар, бурдугу да төһө кэлэринэн хомуйарга соруктаналлар.
Былааны таһынан эбэһээтэлистибэлээх
Кэпэрэтиип салалтата үлэҕэ интэриэһи үөскэтэр, көрдөрүүнү үрдэтэр, хаачыстыбаны тупсарар сыалтан урукку сыллартан хас биирдии үлэһиккэ былаан түһэрэр, ону таһынан эбэһээтэлистибэ тиэрдэр үгэстээх.
Онон, ыйдарынан аттарыллыбыт былааны таһынан сайыҥҥы түөрт ыйга хас биирдии ыанньыксыт сыһыарыллыбыт ынаҕын ахсыттан 1 тыһ. 300 киилэ үүтү ыырга, ньирэй көрөөччүлэр хас биирдии ньирэйдэрин 80-90 киилэнэн, субан сүөһү бостууктара Владимир Егоров, Семен Миронов хас биирдии субан сүөһүнү 90 киилэнэн төлөһүтэргэ эбэһээтэлистибэ ылынан үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Биллэн турар онно көҕүлээһин көрүллэр, ый түмүгүнэн эбэһээтэлистибэлэрин толорон иһээччилэр харчынан бириэмийэлэнэллэр.
Дьокутаат сырытта
Норуот дьокутааттара үүтү-эти дэлэтиигэ үлэлиир хаһаайыстыбаларга мэлдьи сылдьар, кэлэктииби кытары көрсөр, үлэ-хамнас туһунан сэһэргэһэр үгэстээхтэр. Ол курдук, соторутааҕыта «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаттан мэҥэлэр Ил Түмэҥҥэ дьокутааттара Захар Никитин кэлэн барбытын туһунан Таисия Васильевна үөрэ-көтө кэпсиир.
– Үс сайылык үлэһиттэрин Эбэ түгэҕэр мунньан көрүстүбүт. Биир дойдулаахтарбыт, уус-уран самодеятельность кыттыылаахтара Инна Донская уонна Вероника Степанова тэттик кэнсиэр көрдөрдүлэр, оҕолорго бириистээх оонньуу ыыттылар, үөрэх дьыла аһылларын көрсө бадаарак туттардылар. Инньэ гынан, сайылык сүүрбэччэ оҕотун үөрдэн-көтүтэн, улахан дьону сэргэхситэн, үлэҕэ-хамнаска көҕүлээн бардылар, – диир кини.
Хаартыскалары Таисия Десяткина хааччыйда.
- 4
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0