Быйылгы 2024 сыл Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо аймах сылынан биллэриллэн, араас өрүттээх тустаах дьаһаллар тэриллэллэр. Саҥа үөрэх дьылын саҕалыыр үөрэх үлэһиттэрин сүбэ мунньаҕа маны эмиэ болҕомотоҕо ылла, атырдьах ыйын 23 күнүгэр киин куорат 17 №-дээх орто оскуолатыгар ыытыллыбыт «Оҕо аймах сыла – оҕо сокуонун оҥоруу сыла» диэн былаһааккаҕа модератор Варвара Васильева салалтатынан, Оҕо аймах сылын сүрүннээччилэр итиэннэ эдэр парламентарийдар түмсэн үлэлээтилэр, уопут атастастылар.
Тирэх сокуоннар бааллар
Ил Түмэн социальнай бэлиитикэҕэ, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алена Атласова болҕомтону дьиэ кэргэн сыаннастарыгар туһаайда:
– Дойдуга Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо аймах сылынан итиэннэ иитиигэ улахан болҕомто ууруллубутунан, иитэр-үөрэтэр тэрилтэлэргэ быһаччы үлэлии-хамсыы, Оҕо аймах сылын сүрүннүү сылдьар дьоннор итиэннэ эдэр парламентарийдар этиилэргитин норуот дьокутааттара истиэхпитин олус баҕарабыт. 2023 сыллаахха ахсынньыга Судаарыстыбаннай Дуума дьокутааттара үһүс ааҕыыга үөрэхтээһин эйгэтигэр судаарыстыба бэлиитикэтигэр уонна быраабынан сүрүннээһиҥҥэ көннөрүүлэри киллэрэр туһунан федеральнай сокуону үһүс ааҕыыга ылыммыттара. Бу сокуоҥҥа Арассыыйа Федерациятыгар үөрэхтээһин Арассыыйа духуобунай-нравственнай сыаннастарын үгэстэригэр сөп түбэһиэхтээҕин итиэннэ судаарыстыба уонна уопсастыба сайдыыларыгар туһаайыллыахтааҕын, оттон ханнык баҕарар уларытыылар научнай төрүккэ олоҕуран, сиһилии ырытыы, барыллааһын эрэ кэнниттэн ылыллалларын туһунан этиллибитэ. Көҕүлээһин ааптардара быһааралларынан, ити үөрэхтээһин систиэмэтэ дойдуга наадалаах исписэлиистэри иитэн таһаарарын таһынан, оҕолору, ыччаттары үгэс буолбут сыаннастары ытыктыырга, көлүөнэлэр утумнаһыыларын харыстыырга иитэригэр итиэннэ кинилэр билэр-көрөр, айар-тутар, үлэлиир-хамсыыр, көҕүлүүр дьоҕурдарын сайыннарарыгар ананар. Онон, билигин иитэр үлэҕэ духуобунай-нравственнай сыаннастарга тирэҕирэн үлэлииргэ тирэх буолар сокуоммут баар диир кыахтанныбыт.
Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан элбэх оҕолоох ыалларга болҕомто ууруллар. Дьиэ кэргэн сылын арыйарыгар Бэрэсидьиэн Владимир Путин: «Дьиэ кэргэн үгэс буолбут сыаннаһа сүҥкэн суолталаах духуобунай-нравственнай сыаннас, дойду сайдар тирэҕэ», – диэбитэ, дьиэ кэргэн сүрүн соруга оҕолонуу, удьуору ууһатыы буоларын эппитэ. «Дьиэ кэргэн биһиги култуурабыт, национальнай уратыбыт биһигэ. Дьиэ кэргэн иитэр, үөрэтэр, үгэстэри, билиилэри, ол иһигэр идэтийбит үөрүйэхтэри иҥэрэр», – диэбитэ. Саха ыала былыргыттан элбэх оҕолооҕунан биллэрэ, бу үгэс билигин да тутуһуллар. Өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх оҕолоох ыал ахсаана эбиллэр. Күн бүгүҥҥү туругунан, 34 тыһыынча элбэх оҕолоох ыал баар, ол эбэтэр Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук элбэх оҕолоох ыалларын биэс гыммыт биирэ – Саха Сирин олохтоохторо. Ааспыт биэс сылга элбэх оҕолоох ыалбыт ахсаана 7 165-инэн эбилиннэ. Бу өрөспүүбүлүкэбит Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев саҕалааһынынан ыытыллан кэлбит, дьиэ кэргэн институтун уонна оҕолоох дьиэ кэргэттэри, ыаллары өйөөһүҥҥэ, сайыннарыыга туһаайыллыбыт өр сыллаах утумнаах үлэ түмүгэ буолар. Бу хайысханан үлэни Ил Дархан Айсен Николаев салгыы ыытар, – диэтэ норуот дьокутаата. Дьиэ кэргэҥҥэ, ийэҕэ, оҕо аймахха сыһыаннаан ылыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуоннар тустарынан кэпсээтэ.
Бастыан бастаабыт!
Оҕо аймах сылын дириэксийэтин салайааччы Антонина Яковлева оҕо быраабын, интэриэһин көмүскээһиҥҥэ, оҕо аймаҕы сайыннарыыга, олоҕун-дьаһаҕын тупсарыыга өрөспүүбүлүкэ таһымынан ыытыллар үлэни-хамнаһы билиһиннэрдэ. Салгыы тыл улуустарга Оҕо аймах сылын дьаһалларын сүрүннээччилэргэ бэрилиннэ.
Ленскэй оройуона сэттэ ый түмүгүнэн бастыҥ үлэлээҕинэн билиниини ылан, «ТОП-10» иһигэр киирбит. Оройуон Сэбиэтин дьокутаата, үөрэх управлениетын начальнига Изумира Корнилова сыл саҕаланыаҕыттан, оройуон баһылыга Александр Черепанов анал дьаһалынан, Оҕо аймах сылын кэмитиэтэ тэриллэн, бары хайысхалары хабан улахан былаан ылыллан, тустаах үлэ ыытылларын туһунан кэпсээтэ.
Бырамыысаланнай оройуоҥҥа киһи кэрэхсиэҕэ, холобур оҥостуоҕа үгүс буолан биэрдэ. Онтон ойо тутан сэһэргээтэххэ, Оҕо аһылыгын кэмбинээтин тэрийэн, олохтоох хаһаайыстыбалартан үүтү-эти уонна оҕуруот аһын соҕотуопкалаан, биир кэлим меню быһыытынан астаан, оройуон киинин биэс оскуолатын «итии аһылыгынан» хааччыйбыттар. Онуоха оройуон бүддьүөтүттэн эбии үбүлээн, биир оҕоҕо көрүллэр харчыны 330 солкуобайга тириэрдибиттэр! (Санатан эттэххэ, өрөспүүбүлүкэҕэ биир оҕоҕо көрүллэр нуорма харчы 103,8 солк., Аартыка улуустарыгар – 119,4 солк.).
Төрөппүттэри кытары үлэни лаппа күүһүрдүбүттэр. Урукку кэм умнуллубут үгэстэрин саҥалыы сөргүтэн, төрөппүттэр оройуоннааҕы сэбиэттэрин тэрийэн, былааннаахтык үлэлиир, төрөппүттэри уруоктарга сырытыннарар, кинилэргэ араас саастаах оҕолору иитии-үөрэтии уратыларын туһунан бэсиэдэ оҥорор, оҕону иитиигэ бастыҥ үгэстээх ыаллар уопуттарын тарҕатар, бөһүөлэктэри ыраастааһыҥҥа уонна көҕөрдүүгэ дьиэ кэргэнинэн субуотунньуктары тэрийэр эбиттэр.
Үөрэх бастыҥнарыгар, оскуоланы мэтээлинэн бүтэрбиттэргэ, Бүтүн Арассыыйатааҕы уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпиадаларга, успуорт күрэхтэһиилэригэр ситиһиилээхтик кыттыбыт оҕолорго оройуон баһылыгын Саҥа дьыллааҕы Баалыгар харчынан эбэтэр үөрэххэ туттуллар аныгы тээбириннэринэн бириэмийэ бэриллэр. Орто оскуоланы бүтэрэр Биир кэлим судаарыстыбаннай эксээмэҥҥэ 100 баалы ылбыт үөрэнээччилэргэ 100 тыһ солкуобайдаах анал бириэмийэ олохтоммут.
Айар талааннаахтар, уус-уран кэлэктииптэр өрөспүүбүлүкэ таһыгар араас куонкуруска кытта баралларыгар 5,5 мөл солк., сайын оҕолор чэбдигирдэр лааҕырдарга сынньаналларыгар 52 мөл солк көрүллүбүт, ону таһынан 16 мөл солк суумалаах утары үбүлээһин оҥоһуллан, сайын элбэх оҕо биригээдэлэргэ үлэлээн, хамнас аахсан үөрбүттэр.
Балаҕан ыйын 1 күнүгэр, «Аныгы оскуола» федеральнай бырайыак уонна «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак чэрчилэринэн, Орто Наахара нэһилиэгин Чамчатааҕы уопсай үөрэхтээһин оскуолатыгар «Үүнүү тирэҕин» («Точка Роста») киинэ аһыллыахтаах. Кииҥҥэ биэс биридимиэккэ сыыппара технологиятынан үлэлиир лабораториялар, робототиэхиньикэ тэриллэрэ, саҥа ноутбуктар, уопут оҥорор прибордар аҕалыллыбыттар. Кырыы учаастак дьоҕус оскуолата саҥа электроннай тэрилинэн хааччыллара тустаахтарга Оҕо аймах сылын туһунан умнуллубат өйдөбүлү хаалларыыһы.
Ситэриигэ бэрилиннэ
Эдэр парламентарийдар улуустарга Оҕо аймах сылын дьаһалларын сүрүннээччилэри кытары сүбэлэһэн, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар оҥоруохха сөптөөх бырайыактары оҥорон көмүскээтилэр. Барыта 11 этии киирдэ. Ону тэрийээччилэр Ил Түмэҥҥэ, Ыччат парламена салгыы ситэрэригэр, чочуйарыгар биэрэргэ быһаардылар.
Хаартыскаларга Сардаана Собакина («Бэс Чагда») түһэриитэ.
- 4
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0