Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -9 oC

Балаҕан ыйын 9 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бас билии көрүҥүттэн тутулуга суох бары хаһаайыстыбалар 390 994 туонна оту оттоотулар диэн Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэриститибэтэ иһитиннэрэр. Ити кыстыыр от 90 %-а. 

Балаҕан ыйын 9 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бас билии көрүҥүттэн тутулуга суох бары хаһаайыстыбалар 390 994 туонна оту оттоотулар диэн Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэриститибэтэ иһитиннэрэр. Ити кыстыыр от 90 %-а. 

Нам улууһа былаанын 104 % толордо!

Биирдиилээн улуустарынан ылан көрдөххө, былааннарын Нам улууһа 104 %, Уус Алдан 103 %, Хаҥалас 101%, Абый 100 %, Ньурба 100 %, Кэбээйи 99 %, Мирнэй 96 %, Үөһээ Бүлүү 93 %, Бүлүү 92 %, Сунтаар 91 %, Мэҥэ Хаҥалас 91 % толорбуттар.

Биллэрин курдук, саамай быһаарыылаах бэс уонна от ыйдарыгар ардах түспэккэ уонна эбиитин түүнүн тымныы буолан, илин эҥээр улуустар сорох нэһилиэктэригэр курааннаабыта. Чуолаан Амма улууһугар саас өрүс уутун таһаарбакка, хочолорго орто уу да кэлбэккэ, үүнүү мөлтөх буолан, олохтоох суолталаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ биллэриллибитэ, салаа да оту хаалларбакка сирийэн оттуур, мобильнай биригээдэлэри тэрийэн, үрэх бастарыгар көһөн үлэлиир сорук туруоруллубута. Ол түмүгэр, кыстыыр отторун Чурапчы улууһа 87 %, Амма улууһа 75 % хааччыннылар. Маннык кураан дьыллары утары туруулаһа үөрүйэх үлэһит дьон билигин даҕаны ходуһаттан тахсар санаалара суох.

Маны таһынан, 16 095 туонна (56 %) сиилэс угуллубут. Ити иһигэр, Дьокуускай куорат 2 000, Сунтаар 3 413, Амма 2 000,туоннаны бэлэмнээннэр, былааннарын туһааннааҕынан 143 %, 114 % уонна 105 % толорбуттар. Оттон Ленскэй 1 296 (40 %), Чурапчы 1 100 (67 %), Нам 600 (71 %), Мирнэй 610 (47 %) туонна сиилэһи оҥорбуттар. Сенаж 4 045 туонна (28 %) бэлэмнэммит. Мантан күһүн бу көрдөрүүлэр өссө тупсарыллыахтара.

Улуустардааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениелара барыллаан суоттуулларынан, мобильнай биригээдэлэр оттуур отторун киллэрэн туран, 395 тыһыынча туонна оттонор кыахтаах, ити былаан 91 %-а. Онно 37 туонна аспыт кыстыктан ордубут кур оту эптэххэ, иһэр кыстыгы туоруур от 99 %-а хааччыллар кыахтаах диэн министиэристибэтэ эрэллээхтик этэр.

от-_2.jpeg

Мобильнай биригээдэлэр

Ыраах учаастактарынан көһөн оттуурга анаан 205 (Аммаҕа 36, Уус Алдаҥҥа 25, Горнайга 42, Мэҥэ Хаҥаласка 18, Бүлүүгэ уонна Чурапчыга 15-тии, Орто Халымаҕа 14, Тааттаҕа 11, Томпоҕо 8, Үөһээ Бүлүүгэ 7, Хаҥаласка, Өлүөхүмэҕэ уонна Дьокуускайга 4-түү, Ньурбаҕа 2) мобильнай биригээдэ тэриллэн, үлэлии-хамсыы сылдьаллар.

Кинилэр ханна сир көстөрүнэн, ыраах учаастактарга, ыаллыы улуустарга баран, өрүстэр арыыларыгар киирэн, Уус Маайа Нуотаратыгар сыһыарыллыбыт ходуһаларыггар тиийэн, барыта холбоон 23 653 туоннаны чөкөттүлэр (былааннара 36 000 туонна). Ити иһигэр, аммалар 5 284, үөһээ бүлүүлэр 2 497, бүлүүлэр 2 464, уус алданнар 2 203, мэҥэ хаҥаластар 2 123, хаҥаластар 1994, горнайдар 1 664, чурапчылар 1 603, таатталар 1420, томполор 775, орто халымалар 275 туоннаны оттообуттар.

Күүлэйдэр

Саха төрүт дьарыгын сайыннарар, тыа сирин үлэһит дьонун өйүүр, чөл олох сиэрин тарҕатар уонна оту илии хотуурунан охсууну көҕүлүүр инниттэн, от охсуутугар күрэхтэһиилэр (күүлэйдэр) сыллата элбэх улууска ыытыллаллар.

Элбэхтэн аҕыйаҕы холобурдаатахха, күүлэй быйыл от ыйын 26 күнүгэр Хаҥалас улууһугар тэриллибитэ. Атырдьах ыйын 16 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Ходоро нэһилиэгин аатырбыт-сураҕырбыт Чүүйэ Эбэ алааһыгар тэриллибит «Ходуһа хоһууннара-2024» диэн улуустааҕы күрэхтэһии, Амма, Горнай, Нам уонна Хаҥалас улуустарын хоннохтоох охсооччулара кыттаннар, өрөспүүбүлүкэ таһымнаммыта.

От_-_3.jpeg

Хотулар хаалсыбаттар

От ыйын саҕаланыытыгар ыытыллыбыт улахан мунньахха Ил Дархан Айсен Николаев сүөһү дорохой аһылыгын бэлэмнээһин тэрээһинигэр ордук болҕомтону хотугу улуустарга уурарга сорудахтаабыта. Бу улуустартан сорудахтарын Абый 100,3 %, Эдьигээн 96,5 %, Орто Халыма 85,8 %, Аллайыаха 85 %, Дьааҥы 81 %, Өймөкөөн 59 %, Муома 52 % толорбуттар.

Кинилэртэн саамай улахан былааннаах Дьааҥы улууһа буолар, 8 388 туоннаны оттоотоҕуна, сүөһүтүн-сылгытын кыстатар кыахтаах. Бу улуус биир бөдөҥ хаһаайыстыбата «Тымныы Полюһа» кэпэрэтиип бэйэтин иһинэн тэриммит «Алгыс» диэн хаһаайыстыбатын 200-тэн тахса ынах сүөһүтүн кыстатар отун аҥаарын күүлэйинэн хааччыйар идэлээх. Кэпэрэтиип быйылгы күүлэйин иккитэ төхтүрүйэн тэрийбит. Ол туһунан хаһаайыстыба салайааччыта Екатерина Портнягина маннык кэпсиир:

– Биһиги Остуолба нэһилиэгэр Киэҥ Сыһыы диэн уруккута «Дьааҥы» сопхуос 700 туонна оту хоторбут сирэ нэһилиэнньэҕэ түҥэтиллибититтэн түүлэһэн оттуубут. Дьэ ол сирбит аанньа үүммэккэ, быйыл оттуурбутугар кэккэ ыарахаттары көрүстүбүт. Онон бастакы күүлэйбитин от ыйын 26-27 күннэригэр Дьааҥы нэһилиэгэр, Кумах диэн сиргэ тэрийбиппит. Түөрт хамаанда киирсибитэ, ону таһынан улуустааҕы үөрэх салалтатын үлэһиттэрэ көмөлөһүү бэрээдэгинэн үлэлээбиттэрэ. Бу күн 11 гектар ходуһа ото охсуллан, хомуллубута, күүлэй балаһыанньатын быһыытынан, хас биирдии хамаанда охсубут отун бэйэтэ мунньан бугуллуур. Икки күннээх үлэ түмүгүнэн, Остуолба хамаандата 3,2 гектары охсон (хапытаан Василий Харитонов) бастаабыта, улуус дьаһалтатын хамаандата (хапытаан Владимир Потапов) 2,9 гектары охсон иккис миэстэни, Дьааҥы куорат дьаһалтатын хамандата (хапытаан Сергей Окоемов) 2,7 гектары охсон үһүс миэстэни ылбыттара. Бэйэбит хамаандабыт, сүрүннээн устудьуоннар (хапытаан Миша Ткаченко) 1,59 гектары охсубута.

Иккис күүлэйбит атырдьах ыйын 23-24 күннэригэр Остуолба сыһыытыгар буолла. Бастакы күрэхтэһии ороскуотун «Тымныы полюһа» кэпэрэтиип уйуммута. Оттон иккис күрэхтэһии улууспут дьаһалтатын уонна тыа хаһаайыстыбатын управлениетын үбүлээһиннэринэн тэрилиннэ. Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылын чэрчитинэн дьиэ кэргэттэргэ уонна ыччат отделын көҕүлээһининэн, ыччаттарга диэн ыытылынна. Хомойоух иһин кыттааччы аҕыйах буолан биэрдэ, иккилии эрэ хамаанда кэлбитэ. Дьиэ кэргэнинэн күрэхтэһиигэ Афанасий Гуляев (Остуолба) дьиэ кэргэнэ 3,17 гектар сири охсон харбаата, Петр Потапов (Бөтөҥкөс) дьиэ кэргэнэ 2,62 гектар сири охсон, харбаата.  Ыччаттарга Остуолба хамаандата 3,65 гектар сири охсон харбаата, улуус дьаһалтатын ыччаттарын хамаандата 3,17 гектар сири охсон харбаата. Биирдиилээн күрэхтэһиигэ Михаил Горохов (Остуолба) 1,29 гектар сири оҕуста. Оҕолорго Данил Гуляев «Бастыҥ охсооччу», Лена Потапова «Бастыҥ харбааччы» диэн аатынан бэлиэтэннилэр. Кыайыылаахтар бары харчынан бириистэри, Махтал суруктары туттулар.

Икки күүлэй тухары отчуттары бэйэбит кэпэрэтииппит үлэһиттэрэ Дария Стручкова, Мария Слепцова уонна Лена Богомолова саламаатыттан, ис мииниттэн саҕалаан, үтэһэлээх эккэ, быырпахха тиийэ тотоойу, сылаас аһынан күндүлээтилэр. Күүлэйи тэрийиигэ көмөлөспүт дьоммутугар: улуус баһылыгар Владислав Михайловичка, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччытыгар Кэскил Степановнаҕа, сүрүн судьуйа Николай Николаевичка махтанабыт. Үлэлэригэр ситиһиилэри баҕарабыт.

Билигин да оттуу сылдьабыт, бу ый устата оттуурбут буолуо. Күүлэйгэ охсуллан мунньуллубут оту барытын пресстээн, миэстэтигэр тиэйдибит. Бэйэбит биригээдэбит оттообут отугар холбоон, 250-280 туонна буолар ини диэн эрэнэбит. Биригээдэҕэ Дьааҥы орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ: Афоня, Игорь Гороховтар, Коля Соловьев, Слава, Алик Слепцовтар, Данил Гуляев бэркэ үлэлээтилэр, сйаыҥҥы уһун өрөбүллэрин туһалаахтык атаардылар. Ону таһынан Остуолба олохтоохторо сыллата кэриэтэ дуогабарынан оттууллар, быйыл 120 туоннаҕа кэпсэтиилээхпит.

  • 2
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением